Пастеризация

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Пастеризациялааһын (убаҕаһы сылытан микробун өлөрүү) - аһылык бородуукталарын 60-70 кыраадыс итиигэ 30 мүнүүтэҕэ диэри уһуннук тутан микробтары өлөрөр ньыма.

кыһыл арыгыны, пиибэни оҥорорго туһаныллар. Пастеризация туһунан XIX үйэ ортотугар француз микробиолога Луи Пастер суруйбута.

Ас-үөл, утах харайыллар болдьоун кээмэйин уһатан биэрэр. Пастеризациялыырга микроскоба суох көстүбэт наһаа кыра үүнээйи эбэтэр харамай организымнары ититэн өлөрөллөр.

Ас көрүҥүттэн уонна састаабыттан көрөн пастеризация араас көрүҥэ туттуллар. Уһуннук (63-65 кыраадыска 30-40 мүнүүтэ устата ититэллэр), кылгастык (85-90 кыраадыска 0,5-1 мүнүүтэ устата ититиллэр), тута ититии (98 кыраадыстан үөһээ). Бородууктаны аҕыйах сөкүүндэҕэ 100 кыраадыстан үөһээ ититэри ультрапастеризация дэнэр.

Пастеризация кэнсиэрбэлииргэ туттуллубат, бүтэй салгына суохха анаэробнай микрофлора (көр ботулизм) споралара үүнүөхтэрин сөп. Бэйэ оҥорон таһаарар бородууктаны холобура тэллэйи, отоннору өр кэмҥэ харайарга стерилизация туһаныллара табыгастаах уонна барыыстаах.


Литература

https://ru.m.wikipedia.org/wiki/%D0%9F%D0%B0%D1%81%D1%82%D0%B5%D1%80%D0%B8%D0%B7%D0%B0%D1%86%D0%B8%D1%8F