Омуктар ыккардыларынааҕы Олимпия комитета
Омуктар ыккардыларынааҕы Олимпия кэмитиэтэ (кылг. ОыОК, нууч. кылг. МОК, фр. Comité international olympique, ааҥл. International Olympic Committee) — Олимпия оонньууларын уонна Олимпия хамсааһынын көҕүлүүр омуктар икки ардыларынааҕы тэрилтэтэ. Ыстаап-кыбартыырата Швейцария Лозанна куоратыгар баар.
ОыОК 1894 сыл бэс ыйын 23 күнүттэн, Пьер де Кубертен тыл көтөҕүүтүттэн ыла Париж куоракка аан бастаан баар буолбут. Бастакы бэрэсидьиэнинэн Деметриус Викелас буолбут[1]. Онон, хас сыл аайы, бэс ыйын 23 күнүгэр Омуктар икки ардыларынааҕы Олимпия күнэ бэлиэтэнэр.
Кэмитиэт суолтата, анала
Аналын быһыытынан — Олимпия хартиятынан салайтаран, олимпия хамсааһынын уонна Олимпия оонньууларын сайдыытын салайыы. Кэмитиэт спорду уонна спортивнай оонньууну тэрийэри итиэннэ сайыннарыыны биһириир, Олимпия оонньуулара кэмигэр ыытылларын хааччыйар.
Олимпия оонньууларын бары бырааба - кэмитиэккэ баар. Ол гынан баран, Олимпия оонньууларын ыытыы - Кэмитиэккэ буолбакка, оонньуу буолар сиригэр тэриллибит Тэрийэр бөлөххө сүктэриллэр.
Кэмитиэти үбүлээһин
Кэмитиэккэ үп киирэр соҕотох суола - чааһынай эйгэ. Мантан баһыйар өттө - көрдөрөр-иһитиннэрэр хампаанньалар уонна спонсордар. Онон, Кэмитиэт ити үпкэ олоҕуран Олимпия оонньууларын ыытыыга, Нассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрин сыллааҕы үлэлэригэр итиэннэ омукар икки ардыларынааҕы спорт делегаттарыгар олохтоохтук көмө оҥорор кыахтаах.
2010 саҥатынааҕы туругунан, Кэмитиэккэ сүрүн барыс Олимпия оонньууларын көрдөрүүгэ быраап атыытыттан (уопсай барыстан 53%), спонсортан (34%), билиэт атыытыттан (11%) уонна лисиэнсийэ биэрииттэн (2%) киирбит. 2008 сыллаахха Кэмитиэт уопсай барыһа $2,4 млрд тэҥнэспит.[1]
Кэмитиэт кыттыылаахтара (чилиэттэрэ)
Кэмитиэ чилиэттэринэн, төһө да Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ киирэллэр диэн алҕас санаа тарҕаммытын иһин, 115-тэн элбээбэт ахсааннаах киһи буолар. Олортон 70 киһи дуоһунаһа суох, манна сыһыаннаах дьарыга суох, 15 кыттыылаах - күөгэйэр күнүгэр сылдьар спортсмен, 15 кыттыылааҕы Омуктар икки ардыларынааҕы спорт федерациялара эбэтэр кинилэр ассоциациялара туруораллар уонна 15 кыттыылааҕы Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ киллэрэр. Өр кэм устата Кэмитиэккэ эр дьону эрэ киллэрэ сылдьыбыттар, дьахталлары аан бастаан 1981 сыллаахха талбыттар[2].
Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ ОыОК билиниитинэн эрэ үлэлииллэр. 2016 сыл саҥатыгар итинник кэмитиэт ахсаана 206 тиийбит. Олортон 193 ХНТ кыттыылаах-иллэри көрдөрөллөр, өссө 13 (Американскай Самоа, Бермуд Арыылара, Британия Виргин арыылара, Виргин арыылара (АХШ), Кайман арыылара, Кук арыылара, Палестина Ил, Косово Өрөспүүбүлүкэ, Кытай Тайбэйэ) араас туруктаах сирдэри көрдөрөллөр. ХНТ билиммит дойдуларыгар баар Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ ОыОК билиниитин эмиэ ылар. Хас биирдии Наассыйа Олимпиятааҕы кэмитиэтэ бэйэтин континентальнай Олимпия ассоциациятыгар бас бэринэр:
- Африка — ANOCA (ааҥл. Association of National Olympic Committees of Africa — Африка Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрин Ассоциацията)
- Америка — PASO (ааҥл. Pan American Sports Organisation — Панамериканскай спортивнай тэрилтэ)
- Азия — OCA (ааҥл. Olympic Council of Asia — Азия Олимпиятааҕы сэбиэтэ)
- Европа — EOC (ааҥл. European Olympic Committees — Европатааҕы олимпия кэмитиэттэрэ)
- Океания — ONOC (ааҥл. Oceania National Olympic Committees — Океаниятааҕы Наассыйалар Олимпиятааҕы кэмитиэттэрэ)
Кэмитиэт толорооччу бөлөҕө (кэмитиэтэ)
| Должность | Имя | Страна |
|---|---|---|
| Бэрэсидьиэн | Бах, Томас | |
| Бииссэ-бэрэсидьиэн | Эль-Мутавакель, Наваль | |
| Бииссэ-бэрэсидьиэн | Риди, Крейг | |
| Бииссэ-бэрэсидьиэн | Коутс, Джон | |
| Бииссэ-бэрэсидьиэн | Цайцын Ю | |
| Генеральнай дириэктэр | Кеппер, Кристоф де | |
| Кыттыылаах | Ву Чин-куо | |
| Кыттыылаах | Фазель, Рене | |
| Кыттыылаах | Хики, Патрик | |
| Кыттыылаах | Бокель, Клаудиа | |
| Кыттыылаах | Самаранч, Хуан Антонио (аччыгыйа) | |
| Кыттыылаах | Бубка, Сергей Назарович | |
| Кыттыылаах | Лухан, Вили Калтшмитт | |
| Кыттыылаах | Дефранц, Анита | |
| Кыттыылаах | Эрденер, Угур | |
| Кыттыылаах | Линдберг, Гунилла |
Кэмитиэт хамыыһыйалара, хос кэмитиэттэрэ, тутула
По состоянию на 23 июня 2015 года
| Хамыыһыйа-кэмитиэт | Английскайдыы суруллуута | Төрүттэммит сыла | Бэрэсэдээтэлэ |
|---|---|---|---|
| Толорооччу кэмитиэт | IOC Executive Board | 1921 | Томас Бах |
| Спортсмен хамыыһыйата | Athletes’ Commission | 1981 | Клаудия Бокель |
| Спортсменнар сыһыаннаһыыларын хамыыһыйата | Athletes’ Entourage Commission | Сергей Бубка | |
| Аудит хамыыһыйата | Audit Committee | ||
| Коммуникация хамыыһыйата | Communications Commission | ||
| Рио-де-Жанейро-2016 салайар хамыыһыйата | Coordination Commission For Rio de Janeiro 2016 | Наваль эль-Мутавакель | |
| Пхёнчхан-2018 салайар хамыыһыйата | Coordination Commission For PyeongChang 2018 | Гунилла Линдберг | |
| Токио-2020 салайар хамыыһыйата | Coordination Commission For Tokyo 2020 | Джон Коатс | |
| Лиллехаммер-2016 салайар хамыыһыйата | Coordination Commission For The Lillehammer 2016 YOG | ||
| Буэнос-Айрес-2018 салайар хамыыһыйата | Coordination Commission YOG Buenos Aires 2018 | Фрэнк Фредерикс | |
| Олимпия удьуорун уонна култуура хамыыһыйата[3] | Culture and Olympic Heritage Commission | Ламбис Николау | |
| Delegate Members | Delegate Members | ||
| Этика хамыыһыйата | Ethics Commission | 1999 | |
| ЮОИ-2020 сыаналыыр хамыыһыйата | Evaluation Commission YOG 2020 | Ян Ян (A) | |
| ЗОИ-2022 сыаналыыр хамыыһыйата | Evaluation Commission Olympic Winter Games 2022 | Александр Жуков | |
| Үп хамыыһыйата | Finance Commission | ||
| Кэмитиэт кыттыылаахтарын талар хамыыһыйа[4] | IOC Members Election Commission | Принцесса Анна | |
| ВАДА олохтооччу Сэбиэтигэр Кэмитиэт бэрэстэбиитэллэрэ | IOC Representatives on the WADA Executive Committee and Foundation Board | Крэйг Риди | |
| Быраап дьыалатыгар хамыыһыйа[5] | Legal Affairs | Джон Коатс | |
| Маркетинг хамыыһыйата | Marketing Commission | Цунэкадзу Такэда | |
| Наука уонна медицина хамыыһыйата[6] | Medical And Scientific Commission | Угур Эрденер | |
| Олимпия үөрэхтээһинин хамыыһыйата[7] | Olympic Education Commission | Филип Крэйвен | |
| Олимпия бырагырааматын хамыыһыйата | Olympic Programme Commission | Франко Карраро | |
| Солидарность олимпиятааҕы хамыыһыйата | Olympic Solidarity Commission | 1981 | Ахмед аль-Фахад ас-Сабах |
| Общественноһы кытта сибээс уонна спорт нөҥүө социальнай сайдыы кэмитиэтэ[8] | Public Affairs And Social Social Development Through Sport | Марио Песканте | |
| «Спорт уонна көхтөөх общество» хамыыһыйа[9] | Sport And Active Society Commission | 1983 | Сэм Рамсами |
| «Сайдыы уонна удьуор-утум» хамыыһыйа[10] | Sustainability and Legacy Commission | 1995 | Альбер II |
| «Дьахталлар спортка» хамыыһыйа[11] | Women In Sport Commission | 2004 | Лидия Нсекера |
| Олимпия ханаала | Olympic Channel | ||
| Olympic Channel Services S.A. (Швейцария) | Olympic Channel Services S.A. | Томас Бах | |
| Olympic Broadcasting Services S.A. (Швейцария) | Olympic Broadcasting Services S.A. | Ричард Паунд |
Кэмитиэт бэрэсидьиэннэрэ
Кэмитиэт бары бэрэсидьиэннэрэ Брендеджтан ураты Европа дьоно.
| Бэрэсидьиэн | Ил | Салайбыт сыллара | Бэлиэтээһиннэр |
|---|---|---|---|
| Деметриус Викелас | 1894—1896 | ||
| Барон Пьер де Кубертен | 1896—1916 уонна 1919—1925 | 1925 - 1937 сылларга ОыОК бочуоттаах бэрэсидьиэнэ | |
| Барон Годфруа де Блоне | 1916—1919 (э. т.) | ||
| Граф Анри де Байе-Латур | 1925—1942 | ||
| Зигфрид Эдстрём | 1946—1952 (э. т. 1942—1946) | ||
| Эвери Брендедж | 1952—1972 | Олимпия оонньууларыгар спортсмен быһыытынан кыттыыны ылбатах бастакы бэрэсидьиэн | |
| Лорд Майкл Моррис, 3-й барон Килланин | 1972—1980 | ||
| Маркиз Хуан Антонио Самаранч | 1980—2001 | 2001 - 2010 сылларга ОыОК бочуоттаах бэрэсидьиэнэ | |
| Граф Жак Рогге | 2001—2013 | Олимпия оонньууларыгар хас да төгүл спортсмен быһыытынан кыттыбыт (1968, 1972 уонна1976)бастакы бэрэсидьиэн. 2013 сылтан ОыОК бочуоттаах бэрэсидьэнэ | |
| Томас Бах[12] | с 2013 года | Олимпия чемпиона буолбут бастакы бэрэсидьиэн (1976, фехтование) |
Бэлиэтээһиннэр
- ↑ 1 2 Александр Губский. «Учтен каждый доллар», — Жак Рогге, президент Международного олимпийского комитета // Ведомости, 03.02.2010, 18 (2536)
- ↑ FACTSHEET THE OLYMPIC MOVEMENT (англ.). olympic.org (октябрь 2013). — «In 1981, Pirjo Häggman and Flor Isava Fonseca were the first women to be elected as IOC members.» Сигэнии күнэ: 5 Алтынньы 2014.
- ↑ Ранее — Комиссия по культуре и олимпийскому образованию
- ↑ Ранее — Комиссия по номинациям
- ↑ Ранее — Юридическая комиссия и комиссия «Спорт и право»
- ↑ Ранее — Медицинская комиссия
- ↑ Ранее — часть комиссии по культуре и олимпийскому образованию
- ↑ Ранее — Комиссия по международным отношениям
- ↑ Ранее — Комиссия «Спорт для всех»
- ↑ Ранее — комиссия «Спорт и окружающая среда»
- ↑ Ранее — комиссия «Женщины и спорт»
- ↑ Томас Бах стал новым президентом Международного олимпийского комитета.