Ньукуолун

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Ньукуолун - православнай культураҕа сибэтиэй Нико́ланы (ве́шний) өйдүүр күн — илин уонна арҕаа славяннар, молдаваннар уонна румыннар өйдүүр күннэрэ. Ыам ыйын 9(22) күнүгэр ылыллар. Россия Православнай сиэркэбэ этэринэн Николай Чудотворец XI үйэ бүтүүтүгэр уҥуоҕун Бари куоракка көһөрбүтүн чиэһинэн бэлиэтэнэр.

Ньукуолун Саха Сиригэр

Православнай бырааһынньыктартан биир ордук улахан суолталаахтык бэлиэтэнэр. Ньукуолуну сахалар кус миинин буһараллар. Сайылыкка көһөр бириэмэ буолар.