Нумерология
Нумерология диэн чыыһыла уонна киһи быһыытын эбэтэр киһи инникитин сибээстиирин туһунан астрология үөрэҕин уонна да атын таайар ньымалары кытта сибээстээх.
Нумерология уонна нумерология таайыылара былыр эрдэтээҥҥи математиктарга (пифагореецтарга) (ааҥл. (the) Pythagoreans) киэҥник биллэр этэ, билигин математика үөрэҕэр сыһыана суох диэн ааҕыллар.
Традиционнай нумерологияны тутуспакка даҕаны нумерология принцибигэр итэҕэйэр дьон бу термины тутталлар. Оннук 1997 сыллаахха «Numerology: Or What Pythagoras Wrought» диэн кинигэҕэ американскай математик Андервуд Дадли бу термины сыаналаах кумааҕы рыногын ырытыытыгар туттубута.
Кириитикэ
Наука көрүүтүнэн чыыһылалар бэйэлэрэ суолтата суохтар уонна киһи олоҕор дьайбаттар. Онон, нумерология диэн, чыыһылалары наука курдук көстөөрү туттар, сымыйа наука. Бу үөрэх сыыһатын дакаастыыр икки научнай бэрэбиэркэ ыытыллыбыта. Бастакы үлэ 1993 с. Великобританияҕа, иккис – 2012 с. Эксперимент уопсайа иккитэ ыытыллыбыта уонна иккитэ табыллыбат түмүгү көрдөрбүтэ.
Нумерология принциптара
Нумерология үөрэҕэр чыыһыла барыта, киһи төрөөбүт күнүн, ыйын, дьылын бииргэ эбэн, биир бэлиэлээх чыыһылаҕа тиэрдиллиэн сөп, ити чыыһыла киһи майгытын быһаарар диэн этиллэр. Хас биирдии чыыһыла ураты хаачыстыбаны, өйдөбүлү, дьүһүнү ойуулуур.
Чыыһылалары биир чыыһылаҕа тиэрдии
Улахан чыыһылалары судургуга тиэрдэр араас система баар. Ордук туттуллар көрүҥэ — уон иһигэр киирэр чыыһылаларын эбии, 10 эбэтэр уонтан тахса таҕыстаҕына ити чыыһылалары эбэҕэн. Маннык эбии боростуой чыыһыла (1–9) тахсыаҕар дылы салҕанар (сорох нумерология ааҕыытынан 11 уонна 22 чыыһылалар баһылыыр буолаллар уонна салҕыы эбиллибэттэр).
Бу принцибы тутуһан ханнык баҕар чыыһылалары туттуоххун сөп: төрөөбүт күнү, төлөпүөн нүөмэрин, дьиэ нүөмэрин уонна да атын чыыһылалары.
Нумерология көрүүтүнэн бириэмэ 1-9 дылы бүппэт хатыланар циклнан барар, үйэ уонна 10 сыл иһинэн хас биир кэлэр сыл саҥа чыыһыланы аҕалар. Сыл иһигэр күннэри уонна ыйдары эмиэ циклларга үллэриэххэ сөп.
Өссө маны көр
Ахсаан | Бу ахсааҥҥа сыһыаннаах сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн көмөлөһүөххүн сөп. |