Ниуэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

НиуэЧуумпу далай соҕуруу өттүгэр сытар арыы дойду, Саҥа Зеландияттан хотугулуу-илин 2400 килэмиэтирдээх сиргэ баар.

Niue on the globe (Polynesia centered).svg

Сирин иэнэ 261 кв. км. 2017 с. ааҕыныы түмүгүнэн 1784 киһи олорор. Олохтоохторун 11 бырыһыана ааҥыллыы эрэ, 46% ниуэ эрэ тылынан саҥараллар, 30% — икки тылынан.

Ниуэ арыы норуота 1974 сыллаахха куоластаан, дойдуларын бэйэтин дьаһанар сир оҥорбуттар, алтынньы 19 күнүгэр дойду конституцията ылыныллыбыт. Бу кырачаан дойду Саҥа Зеландияҕа киирэр, онон баһылыгынан Британия королевата ааҕыллар, Саҥа Зеландия кини аатыттан аан дойдуга дипломааттыы сыһыаны олохтуур. Ол эрээри, Ниуэ иһигэр туспа сокуоннаахтар, хас үс сыл буола буола 16 муниципалитет дойду түмэнигэр бэрэстэбиитэллэрин талаллар, ХНТ-га чилиэн быһыытынан толору киирбэтэр да, дойду бэрэстэбиитэллэрэ ХНТ сорох тэрилтэлэригэр киирэллэр уонна мунньахтарыгар ыҥыраллаллар.