Никотин

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Никотин диэн табахха, сигаараҕа, кальяҥҥа уонна ыстыыр табахха баар наркотик көрүҥэ. Киһи сүрэҕэ тэбэрэ түргээтиир уонна давление улаатар. Ону тэҥэ киһи аччыктаабыта кыччыыр уонна метаболизм түргээтиир. Бу дьайыылара олус буорту буолуохтарын сөп. Табахтыыр дьон табахтарын быраҕаллара олус ыарахан буолар. Никотиннаах табаардар биир ордук үөрүйэх оҥорор мал буолар.

Никотин диэн ханнык баҕар пасленовай ууһугар баар үүнээйигэ баар. Кыра да буоллар никотин помидорга, хортуоппуйга, баклажаҥҥа, уонна биэрэскэ баар. Элбэх кэриҥинэн туттуллуннаҕына дьаата олус күүстээх буолар.

Никотин Жан Нико (фр. Jean Nicot) аатынан ааттаммыт. Кини Португалияҕа Франция посолынан үлэлии сылдьыбыта. Парижка табах хас даҕаны сиэмэ турахтарын анализтыырга ыыппыт.

Быһаарыылар

Өссө маны көр