Минньигэс ас

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Минньигэс ас диэн саахарынан тумаламмыт ас ааттанар.

Сайдыылаах дойдулар науканы, экономиканы күүскэ сайыннараннар дьон аһыыр аһылыктара олус сайдан иһэллэр. Киһи бэйэтин олоҕун дьон-аймах бу кэмҥэ, бу таһымҥа диэри ситиспит ситиһиилэринэн туһанан, тирэх ылан саҕалыыр уонна бэйэтин кыаҕынан, өйүн-санаатын сайдыытынан салгыы сайыннарар.

Аһылык састааба кэлин кэмҥэ үчүгэй өттүгэр биллэрдик уларыйда. Сэрии кэнниттэн улааппыт элбэх оҕолордоох ыаллар кэнники оҕолоро уҥуоҕунан бастакы оҕолорунааҕар улаатан иһэллэрэ аһылык уларыйыытыттан, тупсуутуттан быһаччы тутулуктаах. Элбэх бииргэ төрөөбүт уолаттары саастарынан кэккэлэһиннэрэ туруортаатахха уҥуохтарын үрдүгэ өрө тахсан иһэр кирилиэс курдук буолан көстүүтэ бу оҕолор ханнык аһылыгы аһаан улааппыттарын илэ көрдөрөр.

Оҕо кыра эрдэҕиттэн улаатан иһэн олоххо туох үчүгэй баарыттан туһанан иһэр кыахтанар. Билигин кыра оҕолор омук сиригэр оҥоруллар араас суол минньигэс астары сиэн улааталлар, олох сайдыыта тугу ситиспититтэн туһанарга кыра эрдэхтэриттэн үөрэнэллэр.

Оҕо бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕиттэн аан маҥнайгы тулуурдаах буолууга үөрэҕинэн минньигэс аһылыгы сөбүн көрөн сииргэ үөрэниитэ буолар. Оҕону бу быһыыга үөрэтиигэ төрөппүттэр оруоллара ураты үрдүк буолара эрэйиллэр. Оҕо миинньигэһи сиэри ытаан, көрдөөн иһэрин кыайа тутан бэйэтин баҕатын кыанарыгар үөрэтии олус уустук эрээри кыаллар дьыала. Оҕо кыра эрдэҕиттэн араас ньымалары туһанан төрөппүттэр утумнаахтык дьарыктаннахтарына, элбэхтик тулуйдахтарына бу дьыаланы кыайар кыахтаналлар.

Төрөппүттэр хаһан баҕарар оҕолорун туһугар сымнаан биэрэр майгыларын быһаарар этии: «Олох ыараатаҕына, омук күүһүрэр»,- диэн баар. Олус дириҥ суолталаах этии. Дьон өйдөрүн-санааларын күүһүнэн буолбакка, арай олох ыараатаҕына эрэ тулуурдаах, дьулуурдаах буолуулара эбиллэн омук күүһүрэн, сайдан тахсарын бу этии быһаарар. Билигин сайдыы түргэтээн, олох тупсан, тулуурдаах буолууга оҕону үөрэтии оҕо кыра эрдэҕиттэн саҕаланан баран өссө улаатан, кэҥээн, дириҥээн биэрэн истэҕинэ, ол аата өссө күүһүрэн биэрдэҕинэ сатанар.

Улаатан иһэр оҕо бары баҕатын толорор буолууга баай уонна дьадаҥы дьон биллэр уратылаахтар. Оҕо иитиитигэр баай уонна дьадаҥы дьон оҕолорун өйдөрө-санаалара арахсыылара бу минньигэһи элбэхтик сиир кэмтэн ыла саҕаланар. Дьадаҥы, аҕыйах харчылаах дьон оҕолорун минньигэһи элбэхтик сииртэн туттунарга, ол аата, бэйэтэ тулуурдаах буолуутугар, минньигэһи биирдэ эмэтэ сииригэр үөрэтэллэр. Дэлэй харчы суоҕа, тулуурдаах буолууга үөрэниигэ олус улахан туһаны оҥорон, оҕолору эт-сиин аһыан-сиэн баҕатын тулуйар буолууга үөрэтэр, олус минньигэс аһылыктартан туттунан аҕыйахтык сииллэригэр күһэйэр.

Ханнык эмэ үөрэҕи ситиһиигэ кыра эмэ күһэйэр майгы баар буолуута өй-санаа күүһүрүүтүгэр тириэрдэр. Былыргы кэмнэргэ күһэйэр майгыны «Кыһалҕа кыһайар» диэн этэллэрэ. Кыра эрдэҕиттэн тулуурдаах буолууга үөрэммит киһи бэйэтин ханнык баҕарар быстах, этин-сиинин баҕаларын кыана туттар кыахтааҕа олох уустук кэмнэригэр түбэстэҕинэ хайаан да туһаны аҕалар.

Баай, элбэх харчылаах дьон оҕолорун ханнык да аска хааччахтыы сатаабаттар. Оҕолоро истэрэ уйарынан, баҕалара ханыар диэри минньигэс астарынан аһыыллар, ол үрдүнэн өссө эбии хатаҕалаан биэрэллэр. Бары баҕатын толотторо үөрэммит оҕо улаатан иһэн бэйэтин быстах баҕа санааларын уруттаан толорорго үөрэнэр, этин-сиинин быстах баҕаларын толорор иһин ураты кыһанар киһи буола улаатар. Билигин сайдыылаахтар диэн ааҕыллар арҕаа дойдулар оҕолоро бэйэлэрин быстах баҕа санааларын олус толорорго дьулуһууларын, ол дойдуларга секс аһара сайдан иһиитэ быһаарар. Секс диэн киһи бэйэтин этин-сиинин баҕата буолан быстах баҕа санааҕа киирсэр быһыы буолар.

Улахан баай дьон уһун үйэлээх буолбуттара саха дьонун ханнык да кэпсээннэригэр, суруйууларыгар бааллара биллибэт. Хата ол оннугар «Баай дьон тоҕус көлүөнэнэн уларыйаллар» диэн этии баара, бу дьон үйэлэрэ аҕыйах көлүөнэнэн муҥурданалларын быһаарар. Бу этии быһаарыыта баай дьон оҕолоро атаах, тулуура суох, эттэрин-сииннэрин баҕатын кыайан салайбат буола улаатыыларыгар, ол иһин олохторо кылгыырыгар олоҕурар.

Дьон байан истэхтэринэ өйдөрө-санаалара уларыйыытын быһаарар «Бил баһыттан сытыйар» диэн этии баар. Бу этии баай, салайааччы киһи баайга-талымҥа күөнэхтии сылдьыыга үөрэнэн хаалыытыттан минньигэстик аһааһын, бэйэни көрүнүү, быстах баҕа санаалары толоруу диэки өйө-санаата салаллыытын арыйар. Бу дьон мин эрэ бэппин диэн санаалара аһара барыыта кэлэр көлүөнэлэрин өйдөрүн-санааларын өссө аһара ыытарыттан өйдөрө-санаалара туруга суох буола улааталлар.

Оҕо минньигэс аһы баҕата ханыар диэри сииргэ үөрэниитэ тулуура суох, атаах буолуутугар тириэрдэр. Бэйэтин быстах баҕа санааларын кыана туттуммат киһи олоҕор элбэх ыарахаттары көрсөрүн, сыыһа-халты суолларга киирэн биэрэрэ элбэҕин криминальнай хроникаҕа кэпсииллэр. Атаах буола улааппыт оҕо өйө-санаата баһылаан киһи быһыытынан салайарын оннугар этин-сиинин көрдөбүлэ, быстах баҕа санаата баһылыыр киһи буола улаатар. Бары уоруулар, халааһыннар, дьону кырбааһыннар барылара бэйэлэрин эттэрин-сииннэрин көрдөбүллэрин кыайан туттуммат дьон оҥорор быһыыларыгар киирсэллэр. Быстах, билигин эрэ, бэйэбэр эрэ үчүгэй буоллун диэн өйгө-санааҕа оҕустарыы ити курдук өйдөөх-санаалаах дьоҥҥо элбэхтик киирэн ааһар көстүү буолар. (1,14).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Аһылык уратылара. - Дьокуускай: РИМЦ, 2007. - 84 с.