Мандарова Анна Васильевна

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Мандарова Анна Васильевна — Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара.

Олоҕун олуктара

  • 1957 сыллаахха кулун тутар 25 күнүгэр Саха АССР Алексеевскай оройуонун (билиҥҥи Таатта улууһа) Томтор с. төрөөбүт.
  • 1974 с. — Баайаҕа орто оскуолатын бүтэрбит.
  • 1978 с. — Намнааҕы педучилищены, черчение уонна уруһуй учууталын идэтигэр үөрэнэн, бүтэрбит.
  • 1978—1982 сс. — Баайаҕа орто оскуолата, учуутал.
  • 1981 сылтан — Баайаҕа музыкальнай оскуолатыгар уус-уран кылааска преподаватель.
  • 2005 с. — Саха государственнай педагогическай Академиятын, «изобразительное искусство» идэҕэ үөрэнэн, бүтэрбит.
  • «Уус» Түмсүү чилиэнэ

Айар үлэтэ

К. П. Токумова «Лекарственные растения Якутии», Е. В. Мандарова «Ааҕарга үктэл» кинигэлэрин ойуулаабыт.

Наҕараадалара уонна ытык ааттара

  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин норуотун маастара (1993)
  • Саха Өрөспүүбүлүкэтин культуратын туйгуна (2002)