Манастыыр
Манастыыр (μόνος «соҕотох») — манаахтар түмсүүлэрэ, ону таһынан кинилэр олохсуйар ойуччу турар күрүөлэммит дьиэлэрэ, тутуулара.
Манастыырдар буддизмҥа, православнай уонна монофизит сүүрээннэригэр бааллар (протестаннар манаахтары билиммэттэр уонна манастыырдара суох)[1].
- Манастыырдар көрүҥнэрэ
- Аббатство — аббаат, дьахтар киэнин аббатиса салайар. Манастыыры епископ дьаһайар, ардыгар рим паапатыгар быһаччы бас бэринэр.
- Киновия — общежитскай устаап манастыыра
- Идиоритм — манаахтар бииргэ олорбот манастыырдара
- Лавра — православияҕа эр дьон сорох бөдөҥ манастыырдара.
- Подворье — куорат таһынааҕы манастыыр манаахтара куоракка олорор сирдэрэ, сороҕор сыаркаптаах буолар.
- Пустынь — нуучча православиятыгар манаахтар олорор сирдэрэ, үксүн сүрүн манастыыртан туспа буолар.
- Скит — соҕотох манаах олорор дьиэтэ, туспа турар буолар биитэр манастыыр иһигэр баар.
Эбии көр
- Арассыыйа манастыырдарын испииһэгэ
- Украина манастыырдарын испииһэгэ
- Эрмээн манастыырдарын испииһэгэ
- Белорусия манастыырдарын испииһэгэ
- Македония Өрөспүүбүлүкэтин манастыырдарын испииһэгэ
- Приход
- Скит
Быһаарыылар
- Политиздат, 1988. — С. 9. — 100 000 экз. — ISBN 5-250-00642-6
Сигэлэр
- Василенко Н. П., Ловягин А. М., Смирнов Ф. А.,. Монашество // Энциклопедический словарь Брокгауза и Ефрона : в 86 т. (82 т. и 4 доп.). — СПб., 1890—1907.