Малдьаҕар (Өлүөхүмэ)

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Малдьаҕар нэһилиэк Өлүөхүмэ улууһун каартатыгар

Малдьаҕар нэһилиэк. Өлүөхүмэ улууһун нэһилиэгэ, киинэ Үҥкүр. Улуус кииниттэн 7 км.

Нэһилиэнньэтин ахсаана 1110 киһи (2007 сыл). Ол иһигэр Үҥкүр — 1068, Түбэ — 32, Кураанда — 10 киһи.

Олохтоохтор дьарыктара ынах-сүөһү иитиитэ, бурдук уонна оҕуруот аһын үүннэрии.

Кураандаҕа Өлүөхүмэ агрофирма консерваны оҥорор завода үлэлиир. Завод оҥоһуктара — тушенка, оҕуруот аһыттан салааттар.

Ылыллыбыт сирэ

Энциклопедия Якутии. — М., 2000.

Кураанда сэлиэнньэ көстүүтэ. Консерваны оҥорор завод буруолуур