Людовик XIV
Людовик XIV | |
---|---|
фр. Louis XIV | |
| |
ыам ый 14 балаҕан ый 1 1715 | |
Коронация | Реймс собуора, Реймс, Франция |
Регент | Анна Австрийская (1643—1651) |
Предшественник | Людовик XIII |
Преемник | Людовик XV |
Наследник |
Филипп I Орлеанский Людовик Улуу Дофин Людовик, герцог Бургундский Людовик, герцог Бретонский Людовик, герцог Анжуйский |
балаҕан ый 5 ыам ый 14 1643 (под именем Луи́-Дьёдонне́ фр. Louis-Dieudonné) |
|
Предшественник | Людовик XIII |
Преемник | Людовик Улуу Дофин |
|
|
Төрөөбүтэ |
5 балаҕан ыйын 1638[1][2] |
Өлбүтэ |
1 балаҕан ыйын 1715 (76 сааһыгар) |
Көмүллүбүт сирэ | |
Ууһа | Бурбуоннар |
Төрөөбүтүгэр аата | Луи́-Дьёдонне́ (фр. Louis-Dieudonné) |
Аҕата | Людовик XIII[d] |
Ийэтэ | Анна Австрийская[d] |
Кэргэн |
1-ы: Мария Терезия Австрийская 2-с: Франсуаза де Ментенон |
Оҕолоро |
1-ы кэргэннэниититтэн: уолаттара: Людовик Великий Дофин, Филипп-Шарль уонна Луи-Франсуа кыргыттара: Анна-Елизавета, Мария-Анна уонна Мария-Тереза Хас да булумньу оҕолооҕо (сорохторо сокуоннуммуттара) |
Итэҕэлгэ сыһыана | католицизм[d] |
Автограф | |
Монограмма | |
Наҕыраадалар | |
Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр |
Людовик XIV Улуу (Бурбоннар династияларыттан Наварра хоруола. Людовик XVI устуоруйҕа «Хоруол-күн» диэн киирбит[3][4][5]. Людовик XIV салайыы кэмин «Улуу үйэ» (фр. Le grand siecle) диэн ааттыыллар[6]. Кини былааһыгар Париж муода киинэ буолбут[7].
Биография
Людовик XIV 1638 сыл балаҕан ый 5 күнүгэр Сен-Жермен-ан-Ле диэн сиргэ төрөөбүтэ. Людовик XIII кини аҕата, Анна Австрийскай кини ийэтэ[4]. Кини төрөөһүнэ дьикти эбит, тоҕо диэтэр төрөппүтэрэ 22 сылы быһа оҕото суохтара[8][6].
Мазарини диэн кардинал ийэтин (регент буолбут) кытта судаарыстыбаны салайбыттара[4]. 1645 сыл күһүнүгэр диэри хоруолу дьахтар ииппиттэр, ол кэннэ эр дьон салҕаабыт. Мазарини 1661 сыл кулун тутар 9 күнүгэр өлүүтүн диэри салайбыт. Аныгыскы күҥҥэ кулун тутар 10 күнүгэр Людовик XIV Судаарыстыбыннай сэбиэти ыҥыран кини министра суох салайыа диэн биллэрбит[8][3].
Хоруол Мария Манчини диэн Мазарини балыһын таптыыр эбит, ол эрээри кэргэн сатаан тахсыбатах. 1659 сыллаахха кини кэргэнэ Мария Терезия буолбут, кыыс аҕата Филипп IV испаан хоруола эбит[4].
Хоруол финанс сюринтендаан поһун ууратар, эбиитин суут палататын хааччахтаабыт. Хоруол национальнай атыыны уонна промышленнаһы өйүүргэ меркантилисткай балыытыканы тутунара[4].
Людовик XIV салайыытын кэмигэр үс сүүс официал мэтириэт оҥоһуллубут. Эбиитин уруһуйдааччылар уонна скульптордар 1647 сыллааҕы оспа түмүгүн ойуулабаттара[6]. Людовикка XIV «Судаарыстыба диэн мин» диэн этиини сыһыаннаһаллар[6].
Испан Нидерландаҕа түспүт. Хас да сэрии саҕаланыытын төрүөтэ буолбут[3].
Людовик XIV француз тустаах сирдэргэ хоруона быраабын булаары Холбуур палаталары тэрийбит. Людовик XIV кэмигэр Францияҕа Камбре, Страсбург, Франш-Конте, Дүнкерк, Фландрия уонна Лилл чаастара киирбиттэр. Элбэх ороскуоттар, сэриилэр уонна налог үрдээһинэ норуот өрө турууларын төрөөбүт, саамай улаханнара камизардар өрө туруулара[4].
1685 сыллаахха Людовик XIV 1598 сыллааҕы Нан эдиигын уураппыт. Хоруол Паапа Иннокентийи XI кытта церкаб үрдүнэн былаас иһин охсуһара. Габсбургтары утары күүстээх тас бэлиитикэлээҕэ[4].
Людовик XIV салайыытыгар културнай көтөҕүү кэмэ этэ. Бу кэмҥэ Ж. Расин, Мольер, Ж. Де Дафонтен, К. Лоррен, Н. Пуссен, Ж. Б. Люлли айар үлэлэрэ сайдыылаахтара[4].
Хоруол саҥа уруһуй уонна скульптура, муусука, архитектура уонна наукалар академиялара аһаллара. Парижскай обсерватория үлэтин саҕалаабыта. Версаль куоракка Людовикка XIV дыбарыас тутуллубута, кини резиденцията буолбут. Кэнники ыраахтааҕы эргимтэтэ онно көспүтэ[4].
Биир ааҥыл дипломаата Версалы маннык ойуулуура:
«Людовик XIV дьиэтэ — Аан дойдуга улахан күлүүлэртэн биирдэстэрэ: кини хас биир панноҕа суолталаах баҕайытык хаамар уонна төбөлөрбүт үрдүгэр акка ойуоккалыыр»[7]. |
Людовик XIV Версаль интерьерын оҥоруутугар кыттыбыта[7].
Уларытыылар Парижы таарыйбыттар — куорат эркинэ көтүрүллүбүтэ, саҥа күргэлэр уонна болуоссаттар арыллыбыттар, кэтит бульваардар баар буолбуттар. Лувру реконструкциялаабыттар[4].
Людовик XIV бастакы сорудаҕа бэйэтин былааһын кытаатыннарыыта. Кини ордоруулара дойду уус-уран олоҕугар сабыдыалы хаалларбыт. Искусство хоруолу кини дьайыыларын аатырдар ньымата эбитэ[6].
Хоруол хартыыналары, веердары, таҥаһы, кинигэлэри, гравюралары, саҥа фонтааннары, саадтары, скульптууралары уонна тутуулары сакаастыыра. Кини култуураны уонна искусствоны өйүүрэ[6].
Людовик XIV Париж муода киинэ диэн аатырбыт. Ыраахтааҕы фавориткаларыттан биирдэстэрэ мадам де Монтеспан. Биирдэ кини европа босуолларын иннилэригэр кыһыл көмүс былааччыйалаах таҕыспыт. Маннык былааччыйа Европаҕа киэҥ биллибит. Ыраахтааҕы эргимтэтэ кыһыл көмүстэн, солкоттон уонна баархаттан таҥаһы кэтэллэрэ. Көннөрү куорат олохтоохторо муоданы батыһа сатыыллара[7].
Людовик XIV былааһыгар үҥкүү үөрүйэҕэ хайҕаннара — хоруол бэйэтэ да үҥкүлүүрүн таптыыра. Кинигэр үҥкүү уустук буолбут[7].
1682 сыллаахха хоруол эргимтэтэ Версальга көһүрүллүбүтэ. Хоруол кэргэнэ өлбүтүгэр, кини кистээн Ментенон хотуҥҥа кэргэн тахсар[3].
Людовик XIV 1715 сыллаахха балаҕан ый 1 күнүгэр өлбүтэ.
Литэрэтиирэ
- И.И. Явнова, Н.О. Вязовцева. Людовик XIV - «Король-солнце» // Инновационная наука. — 2016. — № 12—4. — С. 144—145. — ISSN 2410-6070.
Быһаарыылар
- ↑ FINA Wiki — Австрийская академия наук.
- ↑ Архив изобразительного искусства — 2003.
- ↑ 3,0 3,1 3,2 3,3 Louis XIV. Britannica. Тургутулунна 24 Атырдьах ыйын 2023.
- ↑ 4,0 4,1 4,2 4,3 4,4 4,5 4,6 4,7 4,8 4,9 В. Н. Малов. Людовик XIV. Большая российская энциклопедия. Тургутулунна 24 Атырдьах ыйын 2023.
- ↑ Андрей Сидорчик. Королевское солнце Версаля. Великий век Людовика XIV. Аггументы и факты (12.03.2016). Тургутулунна 24 Атырдьах ыйын 2023.
- ↑ 6,0 6,1 6,2 6,3 6,4 6,5 Образ европейского правителя XVII - нач. XVIII вв. на примере изображения Людовика XIV. Научно-популярный журнал «ИКСТАТИ» (11.05.2022). Тургутулунна 24 Атырдьах ыйын 2023.
- ↑ 7,0 7,1 7,2 7,3 7,4 «Его дом — самое большое посмешище в мире» Этот король поднял роскошь на новый уровень и разорил Францию. lenta.ru (18.08.2019). Тургутулунна 24 Атырдьах ыйын 2023.
- ↑ 8,0 8,1 И.И. Явнова, Н.О. Вязовцева, 2016, с. 144