Леонард Эйлер

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Эйлер Леонард (1707, Базель - 1783, Санкт-Петербург) - Швейцария математига, улуу математиктартан биирдэстэрэ.

Даниил Бернулли кэнниттэн Санкт-Петербуурдааҕы БА чилиэнинэн талыллыбыта. Онно тригонометрия уонна логарифм функцияларын түөрүйэтин чинчийбитэ уонна үрдүкү математикаҕа үлэлээбитэ. Фридрих II хоруол үбүлээһининэн элбэх сыл (1744-66) Берлин БА үлэлээбитэ, онно математика анаалыһыгар функция өйдөбүлүн киллэрбитэ. Олоҕун тухары чыыһылалар түөрүйэлэрин сэргээбитэ, үөрэппитэ. Математикаҕа уонна физикаҕа арифметика тиэрминнэрин киллэриитин таһынан элбэх бэлиэни туттууга киллэрбитэ (холобур суумма уонна пи бэлиэлэрин)[1].

Быһаарыылар

  1. Britannica Большой иллюстрированный энциклопедический словарь, 2009, Астрель