Лабрадор-ретривер ыт боруодата

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Лабрадор-ретривер (ааҥл. Labrador Retriever) диэн ыт боруодалара. Аан бастакы айалларыгар кусчут ыт курдук оҥорон таһаарыахтарын баҕарбыттара. Бу боруода ыттары отой бултуу барарга илдьэ сылдьаллар кинилэр онно киһи быаһаан комолоһоллоро эбэтэр кус тутан аҕалаллара. Лабрадор-ретривер аан бастыкы Ньюфаундленд диэн арыыга үөскээбиттэр Канада диэн дойдуга.

Боруода остуоруйата Лабрадор-ретривер остуоруйата XIX үйэҕэ саҕаланар. Ол үйэҕэ Ньюфаундленд арыыга "кыра Ньюфаундленд" (ааҥл. Lesser Newfoundland) диэн боруода ыттарбааллар эбит, кинилэриолохтоох балыксыттар үксүн доҕор оҥостон илдьэ сылдьыбыттара. Питер Хокер (ааҥл. Peter Hawker) диэн англичанин ол боруода ыттартан хас даҕаны ыты бэйэтин дойдутугар Великобританияҕа илдьэ кэлбит, ол аҕалан баран "St. John's Breed of Newfoundland" диэн ааттаабыт. Ол кэнниттэн эрийэ буруйа туулээх ретривердары кытта кириэстии аасыһыннарбыттарыгар Лабрадор-ретривер диэн боруода үөскээбит.