Көмөлөһүү
Оҕо кыра эрдэҕинэ көмөлөһүү, тугу оҥорорун көрдөрөн биэрии, бэйэни үтүгүннэрэн иһии ону-маны оҥоро үөрэнэригэр туһата олус улахан. Кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ үтүгүннэрэн үөрэргэ үөрэппэтэх оҕолорун майгына аһара кытаанах буолан хаалыан сөп.
Бэйэни үтүгүннэрэн үөрэтии “Бу курдук тут”, “Маннык оҥор” диэн көрдөрөн биэрии барыны бары түргэнник баһылыырыгар көмө буолар. Ол иһин оҕо икки төрөппүттэрэ иккиэн иитиигэ кыттыһаллара, үөрэтэллэрэ оҕолоро “Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини билэрин, кыра эрдэҕиттэн тутуһа үөрэнэрин, үчүгэйи уонна куһаҕаны таба арааран оҥорор быһыытыгар туһанарын үөскэтэр.
Оҕо кыра эрдэҕиттэн улахан дьону үтүктэрин, ону-маны аҕалан биэрэн көмөлөһөрүн, таскайдыырын сөбүлүүр. Туһа киһитэ буолуу көмөлөһүүттэн саҕаланар уонна үлэҕэ үөрэнии тутаах көрүҥэ буолар. Ылан биэрии, тутан биэрии, аҕалыы, илдьии оҕо аан бастаан кыайар үлэлэригэр киирсэллэр. Соруйбуту толоро үөрэнииттэн саҕалаан тугу эмэ оҥорорго, улахан киһи этэрин истэргэ, толорорго үөрэнэр. Оҕону элбэхтик соруйдахха үлэлии үөрэнэрэ түргэтиир.
Оҕо атаҕар туран хаама үөрэнээт ону-маны таскайдыырын, соһорун сөбүлүүр. Бу кэми аһарбакка эрэ кини баҕа санаатын сайыннаран туһа киһитэ буолууга үөрэтии төрөппүттэртэн ирдэнэр. Бу кэмҥэ кыайа-хото көмөлөһүннэрдэххэ, туһа киһитэ буолууга ииттэххэ, үөрэттэххэ соннук үгэстэр үөскээннэр, иҥэннэр үлэһит киһи буола улаатар кыахтанар. Ол аата оҕо ийэ кутугар, бу үлэлии үөрэнэр үгэстэр иҥмиттэрэ улааппытын кэннэ, үлэни-хамнаһы кыайарыгар олук буолар кыахтаналлар.
Бу кэми аһаран кэбиһэн, оҕо улаатан хааллаҕына үлэлииргэ үгэһи бэйэтэ үлэлээн-хамсаан үөскэтинэрэ олус уһун кэми ылыан сөп. Кыра эрдэҕинэ үөскээбит үлэлииргэ туһалыыр үгэстэрэ суох киһи үлэни-хамнаһы ыарырҕатар, үлэлээтэҕинэ даҕаны хайдах эрэ табыллыбат, эрэйдэнэр курдук санаалаах буола улаатар.
Оҕону көмөлөһүннэрэ үөрэтии сахалыы туһа киһитэ буолуу диэн ааттанар. Ол аата оҕо туох эмэ туһалааҕы оҥорон, көмөлөһүүтэ туһа киһитэ буолуутун үөскэтэрин иитиигэ, үөрэтиигэ сахалар былыр-былыргыттан туһанар эбиттэр.
Оҕоҕо тугу эмэ соруйуу этиллибитин курдук толоруллара табыллар. Соруйуу оҕо кыаҕын таба быһаардаҕына кыайан толоруллар кыахтанар. Соруйууну сымнаҕастык иһилиннин диэн көрдөһүү бэрээдэгинэн этиллэрэ толорор киһиэхэ үчүгэйдик иһиллибитин да иһин, хайаан да толорулларын ылан бырахпат, суох оҥорбот. Оҕо төрөппүтэ этэрин истэн, толорорго үөрэнэрэ “Этэр тылы истэр” диэн этиинэн бигэргэтиллэр. Улахан киһи этэрин истэн соннук толоруу туохха барытыгар үөрэниини улаханнык чэпчэтэр, түргэтэтэр. Бары учууталлар, туохха эмэ үөрэтээччилэр этэллэрин оҕо истэрин, толорорун сөбүлүүллэр.
Оҕо иллэҥсийэн хааллаҕына, бэйэтэ булан-талан оҥорууга киирсэн хаалара туһалаах дьыаланы оҥорорун аҕыйатар. Бу быһаарыы сүрүн төрүтүнэн оҕо кыра да буоллар бэйэтигэр туһалааҕы, сөбүлээбитин оҥоро сатыыра элбэх. Оҕо бэйэтэ булан оҥорорун үксүлэрэ үчүгэй диэҥҥэ киирсибэттэр. Оонньуурдары ыһыы үчүгэй курдугун иһин, ол кэнниттэн хомуйуу оҕоҕо ыарахан. Тугунан эмэ ыктахха оонньуурдар хомуллар кыахтаналлар. Соруйуу төһө элбэх буолар даҕаны үлэҕэ үөрэнии дириҥиир, үлэни-хамнаһы баһылааһын кэҥээн иһэр, түргэтээн биэрэр кыахтанар.
Атын киһиэхэ көмөнү оҥоруу икки араастаах:
1. Сүбэнэн, этэн биэриинэн көмөлөһүү.
2. Тугунан эмэнэн, баайынан-малынан көмө оҥоруу.
Көмө бу икки араастарыттан хайалара ордук туһалааҕа, тиийимтиэтэ быһаарарга улахан уустуктары үөскэтэр. Куруук көмөҕө үөрэнэн хааллахха, ону кэтэһэ сылдьыы үөскүүрэ куһаҕаҥҥа тириэрдэр, бэйэ толкуйдуур, оҥорор күүһүн аҕыйатар. Көмө улаатан иһиитэ кэлин тиһэҕэр, аҥардастыы көмөҕө өйөнөн хаалыыны үөскэтиэн сөбүттэн төрөппүттэр сэрэниэхтэрэ этэ.
“Аһыыра суох буолбут киһиэхэ күөгүтэ биэр” диэн этии баара көмө ити араастара киһиэхэ оҥорор туһалара хайалара элбэҕин быһаарар кыаҕы биэрэр. Ол аата аһыыра суох киһиэхэ аһылык биэрэн истэххэ, бэлэм аһылыкка үөрэнэн хаалыыта үөскүүрэ көмөлөһөр киһи үлэтин өссө элбэтэн биэрэр кыахтаах. Онтон күөгүнү биэрэн баран хайдах туһанарга үөрэттэххэ, өйүн-санаатын сайыннардахха, бэйэтэ балыктаан аһылыгын булунар кыахтаныан сөп.
Көмөнү сирэр киһи баара биллибэт. Бары хантан эрэ бадаарак, кэһии ылыахтарын баҕара саныыллара хаалан хаалбат. Буолар-буолбат, туһата суох бадаарактарынан дьон ыскааптара сыыйа туолан иһэрэ кырдьык. Көмөҕө аһара өйөнүү, онтон-мантан көрдүү сатааһын киһи быһыыта буолбатах.
“Туох барыта икки өрүттээх” диэн этиини көмө оҥорооччу киһи билэн, хайа да өттүгэр аһара барбакка туһаныа этэ. Туһалаах сүбэ кимиэхэ баҕарар наада. Ол эрээри аһара сүбэ көрдүү сылдьыы бэйэ өйүн-санаатын мөлтөтөрүн биллэххэ табыллар.
Ханнык баҕарар үлэҕэ үөрэнии эмиэ көмөлөһүүттэн саҕаланара үөрэх чиҥник иҥэрин, туһата элбиирин үөскэтэрин тэҥэ, сыыһа-халты буоларын суох оҥорор, үөрэниини түргэтэтэр. Киһи оҥорор быһыыта сыыһаҕа-халтыга кубулуйан хааларыттан аналлаах харыстабыла диэн тугу барытын киһи оҥорорун курдук оҥоруу буолар. Үлэҕэ улахан уопуттаах сахалар оҕолору “Айыыны оҥорума” диэн үөрэхтэрэ сиэри таһынан барыма, киһи быһыытын тутус, сыыһа-халты туттума диэн өйдөбүллээҕин билиэ этибит. Үлэҕэ уопутурбут үлэһиттэр эдэрдэргэ көмөлөрө, көрдөрөн биэрэн үтүгүннэрэллэрэ олус улахан туһалаах, билиини ылыыны түргэтэтэр.
Оҕону туохха барытыгар көмөлөһүннэрэ үөрэтии үлэни-хамнаһы баһылыырыгар кыах биэрэрин билэн, төрөппүттэр эрэйдэнэн да буоллар бэйэлэрэ үлэлээн көрдөрөн кыһаналларын биллэриэ этилэр. Оҕо аан маҥнай сатаабатыттан, этин-сиинин хамсата үөрэтэ, буор кута сайда илигиттэн, табан туттубатыттан элбэҕи тоҕон-хорон кэбиһэрин тулуйуу оҕону үөрэтиигэ хайаан да тулуйуллуохтаах ыараханы үөскэтэр көрдөбүл буолар.
Оҕо сыыһар бырааптаах, ол иһин оҕо диэн ааттанар. Тугу барытын оҥоро үөрэнии ыарахан, эрэйдээх. Сыыһа туттубут оҕону аһара мөҕөн-этэн кэбиһии куһаҕан, хаҥыннаран, санаатын түһэрэн, тугу да оҥорботугар тириэрдэн кэбиһиэн сөп. Ол иһин сыыһа туттубут оҕону, бу үлэтин хатылаан оҥоро үөрэнэрин туһугар, нэмин билэн сэрэтии, сыыһатын этэн биэрэн көннөрөрүгэр көмөлөһүү эрэйиллэр. Оҕо уонна төрөппүт эйэлээх, бэйэ-бэйэлэригэр эрэнсэр, сымнаҕас сыһыаннара үлэҕэ-хамнаска үөрэниигэ улахан туһалаах.
Оҕону иитиигэ, үөрэтиигэ төрөппүт бэйэтэ кыра эрдэҕинэ хайдах быһыылана сылдьыбытын санаан, оҕо сыыһаны оҥорбутун өйдөтөн, көннөрөн, маннык оҥоруллар диэн көрдөрөн биэрэн истэҕинэ үөрэтии табыллар. (1,40).
Туһаныллыбыт литература
1. Каженкин И.И. Оҕо өйө-санаата сайдыыта / И.И.Каженкин- Уйбаан Хааһах. – Дьокуускай: РГ “MEDIA+”, 2021. – 152 с.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |