Көмүс сүргүөр күнэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Үрүҥ көмүс сүргүөр, эбэтэр Көмүс сүргүөр күнэ — Саха итэҕэлигэр от ыйын 12 күнүгэр буолар бэлиэ күн.

Ис хоһооно

Бу күн Улуу Айыы Тойон үрүҥ көмүс сүргүөрэ түһэр.

Улуу Айыы Тойон сүрү түһэрэр күнэ. Айыы халлааныгар ийэ кут сэттэ ытык уокка сыраллар. Сэттэ ытык уот сырала үрүҥ көмүс сүргүөр буолан орто дойдуга киирэр.

Сиэр-туом

Туому чээлэй күөх хонууга, оттуур ходуһаҕа толоруллар. Илин диэки оту чоҥоччу охсон, ачаахтаах маһы туруору анньыллар. Ачаахтаах мас анныгар охсуллубут оту тэлгэтиллэр. Мас үрдүгэ миэтэрэттэн ордук буолуон сөп. Салгыы мас уҥа өттүгэр кэккэлэһиннэрэ үс сиргэ харах-харах оту охсон эмиэ миэстэтигэр чөкөччү ууруллар. Уҥа өттүгэр эмиэ биир оннук гыныллар. Бу кэнниттэн ачаах мас анныгар түптэ уматан, алгыы-алгыы сиэлинэн айах тутабыт.