Кэт Марсден хорсун быhыыта
Бүлүү улууһун остуоруйатыттан саамай дьикти тугэнин, аан дойду үрдүнэн биллибит кэпсээниттэн быһа тардан сырдаттахпына маннык. Былыр 19 үйэҕэ улахан сыстыганнаах норуоту норуотунан эһэр Араҥ ыарыыта турбутун кырдьагастар бэлиэтии кэпсииллэр. Ити ыарыыннан ыалдьыбыт дьон үтүөрбэт эбиттэр. Ол иһин кинилэри ойуурга үүрэн кэбиһэр этилэр. Хас да саха киһитэ оннук олохторуттан барбыттар. Ким да ол ыарыыны эмтииргэ турумматах. Арай, ыраахтомук дойдутун олохтоого Кэт Марсден диэн эдэркээн Кыыс ол ыарыы туһунан истэн, көмөлөһөргө санаммыт. Күүстээх санаалаах Кыыс Москубаттан Бүлүүгэ дылы сыл аҥаара айаннаан кэлбит. Кини бу уһун айана мээнэҕэ буолбатах этэ. Бу ыарыы саамай сайдан турар сирин булан эмтиир сыал-сорук туруоруммут. Дьон барыта сөхпут кини хорсун быһыытын. Хайдах бу Сахалыы да, нууччалыы да сатаан саҥарбат эдэркээн Кыыс Саха сирин булан, айаннаан кэлэн, Араҥынан ыалдьыбыт дьоҥҥо анаан колония туттарбыт. Ол колонияны 1892 сыллаахха Сосновка диэн Бүлүү нэһилиэнньэтигэр туппуттар.
Итинник көмөлөһөр санааҕа кини нууччалар Тюрктары кытта сэриилэһэр кэмнэригэр араанньы буолбут ьуойуннары эмтии сылдьан, Араҥынан ыалдьыбыт киһини бастакытын кербут. Кэлин кини истибитэ Сибирьгэ ити ыарыы утары эмтээх от уунэрин. Ону истэн кини аһыныгас санаатыгар Саха сиригэр барарга быһаарыммыт.Урдук баһылыктарыттан кеҥул ылан, Дьокуускайга туруммута. Дьокуускайга дылы еруьунэн устан кэлбит.
Кини ол айанын ахтыытыгар кылгастык маннык диэн суруйбут:" Дьокуускайтан арахтыбыт. Суол олох суох. Ыллык да суох. Он он атынан эрэ сылдьыахха сеп, сайын өттүгэр. Күнүс итии баҕайы, киэһэ олус тымныы. Ону таһынан элбэх баҕайы кыымаайылар, бырдахтар айахпар, муннубар уонна кулгаахпар киирэллэр. Сииктээх баҕайы сирдэр бааллар кырдьагас кэлиэ диэн кутталга сылдьагын. Астара боростуой:хаппыт килиэп уонна чэй.Икки ыйы быһа сүгүн сууммакка уонна таҥас да уларыппакка палааккаҕа хонон турардаахпын." Ыарыьахтар саамай мустубут Абунгда диэн күөл аттыгар баар сиргэ айаннаан кэлэр. Араҥынан ыалдьыбыт дьоннор ыараханнык олороллорун бэлиэтии керер. Кинилэр ыарыыларын чэпчэтээри колония туттарарга санааммыт. Түмүгэр үп-харчы хомуйан Хордогой билиҥҥи Сосновка диэн Булууттэн чугас нэһилиэнньэҕэ Араҥынан ыалдьыбыт дьоҥҥо анаан кыракый нэһилиэнньэ курдугу туттарбыт.
Ол туттарбыт сирэ 1962 сыллаахха диэри үлэлээбит. Билигин ол миэстэтигэр Кэт Масрден аатынан ньиэрбэ балыыһа туттуллан үлэлии турар. Ол таһыгар Кэт Марсден сырдык кэриэһигэр анаан кини аатынан памятник тутуллан турар. Саха Дьоно махтанан, үрүҥ халааттаах аанньалга тэҥнээн туттарбыттар. Ити тугэн кэннэ хас да сыл ааста. Ол эрэн Кэт Марсден сырдык аата олох умнуллубат. Мин кинини холобур оҥостон медицинэ эйгэтигэр уерэнэ сылдьабын.
Улэни толордо Сардаана Т.
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |