Кыымчаан Кучу
Кыымчаан Кучу (Ефремов Климент Спиридонович) — география билимин хандьыдаата, Арассыыйа суруналыыстарын Сойууһун чилиэнэ, саха экстремал-сүүрүүгэ.
Олоҕун олуктара
- 1940 сыллаахха ыам ыйын 17 күнүгэр төрөөбүт.
- Саха государственнай университетыгар преподавателинэн үлэлээбит.
- «Алмаз» уонна «Дьулуур» спортивнай кулууптар чилиэннэрэ.
- Климент Спиридонович — арктическай географическай экспедициялар кыттыылаахтара, океанолог, 30-ча научнай үлэ ааптара.
- 60 сааһыгар 2000 сыллаахха Дьокуускай — Магадан — Уэлен маршрутунан соҕотоҕун сүүрүү кэмигэр Магадан уобалаһыгар Магадан — Уэлен ыккардыгар сураҕа суох сүппүтэ. Бүтэһик бэлиэтэммит сиринэн Омсукчан буолбут.
Дьиэ кэргэнэ, аймахтара
- кэргэнэ — Ефремова Вера Николаевна (1940);
- кыра уола (1977) — Ефремов Айтал Климентович, Саха Өрөспүүбүлүкэтин бильярдка федерациятын толорооччу директора. 4 оҕолоох;
- ортоку уола (1975) — Ефремов Ньургун Климентович, юрист. Анадырь куоракка олорор;
- улахан кыыha(1972) — Ефремова Саргылана Климентовна, компьютернай дизайнер. Москва куоракка олорор. 1 оҕолоох.
Аатын үйэтитии
СГУ геолого-географическай уонна омук тылын факультеттарын устудьуоннарыгар кини аатынан стипендия анаммыта. Сыл аайы кини аатынан чэпчэки атлетикаҕа уонна саахымакка турнирдар ыытыллаллар.[1]
Быһаарыылар
- ↑ Памяти бегуна-экстремала. «Якутия» хаһыат, 2010, муус устар 13 күнэ