Кытыылаах сон
Кытыылаах сон — дьахтар кэтэр үчүгэй көстүүлээх мааны соно, тус-туспа дьүһүннээх сукунаттан тиктэллэрэ.
Быһыыта кыһыҥҥы бууктаах coҥҥо маарынныыр (түүлээх иһэ суох). Taҥac биэтэстээх, кэннинэн тыыраҕастаах, улахан дьогдьуурдаах, бэлэнньигэ кыараҕаc буолар. Оҕуруонан, симэҕинэн киэргэтэллэр[1].