Куһаҕан тыллар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Куһаҕан тыллар диэн куһаҕан өйдөбүлү иҥэринэ сылдьар тыллар ааттаналлар.

Дьон олоҕо үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар уонна өйдөбүллэр икки ардыларынан баран иһэрин сахалар былыргыттан билэн оҕолорун үөрэтэллэригэр туһаналларын кынаттаах этиилэр бааллара бигэргэтэллэр. «Үчүгэй куһаҕана суох буолбат» диэн этии үчүгэйи оҥороору аһара баран хаалыы куһаҕаҥҥа кубулуйан хааларын арааран бэлиэтиирин таһынан аһара үчүгэй кэнниттэн олус куһаҕан кэлэрин эмиэ быһаарар. «Ытыыр уонна күлэр аҕас-балыстыылар» диэн этии олус улахан үөрүү кэнниттэн хомолто хайаан да кэлэрин эмиэ бигэргэтэр.

Оҕо улаатан өйө-санаата сайдан истэҕинэ үөрэҕи-билиини ылыныыны, үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар буолууну бэйэтин билэр-көрөр уорганнарын көмөлөрүнэн араартаан билэргэ үөрэнэн иһэр:

1. Хараҕынан көрөн үчүгэйи, куһаҕаны арааран билии.

2. Муннунан сытырҕалаан үчүгэй эбэтэр ыар сыттары араарыы.

3. Айаҕынан амсайан араас амтаннары араарыы.

4. Кулгааҕынан үчүгэй эбэтэр куһаҕан тыллары истэн араарыы.

5. Үтүө эбэтэр куһаҕан санаалары арааран билии.

Оҕо аан маҥнай хараҕынан көрөн үчүгэйи уонна куһаҕаны араарар буоларга үөрэнэр. Онтон өйө-санаата лаппа сайыннаҕына кулгааҕынан истэн үөрэнэрэ эбиллэр. Олус үгүс билиини, үчүгэйи уонна куһаҕаны араартааһыны киһи кулгааҕынан истэн үөрэтэр. Кулгааҕынан истии үөрэҕэр киирсэр, бэйэ саҥарар саҥата өй-санаа сайдыытыгар ылар суолтата улахан. Киһи бэйэтэ саҥарар куһаҕан тыллара кини өйүгэр-санаатыгар ордук күүскэ дьайаллар.

Үчүгэй уонна куһаҕан быһыылар уонна өйдөбүллэр бары омуктар тылларыгар үгүстүк үчүгэй уонна куһаҕан тылларынан бэриллэннэр оҕолорун, дьоннорун өйдөрүгэр-санааларыгар иҥэриллэллэр. Хас биирдии киһи өйүгэр-санаатыгар кыра эрдэҕиттэн төрөппүттэрэ иҥэрэн үөрэппит үчүгэй уонна куһаҕан быһыылара диэн өйдөбүллэр иҥэн сылдьаллар. Бу өйдөбүллэр оҕо өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник иҥэн, үгэс буолбут буоллахтарына, киһи өйүттэн-санаатыттан хаһан да, олоҕун ханнык да кэмнэригэр умнуллан хаалбаттар. Олох ыарахан кэмнэригэр үтүө, аһыныгас майгыга үөрэммит оҕолор кырыйдахтарына ордук аһыныгас, харыстас майгылара күүһүрэр. Билигин баар кырдьаҕастар, кыра эрдэхтэринэ ыарахан олоххо эрэйдэнэн улааппыт буоланнар, майгылара эдэр көлүөнэ дьон майгыларыттан итинэн уратыланаллар.

Дьон үгүс өттүлэрэ бэйэлэрин олохторугар оҥорор, тутар, сайдыыны ситиһэр туһугар өйдөрүн-санааларын уураллар уонна үлэлииллэр. Кинилэр оҥорор-тутар буоланнар дьон олохторо инники, сайдыы диэки тохтоло суох баран иһэр. Бу үлэһит дьон оҕолорун туһалаах, үчүгэй быһыылары оҥоруу өттүгэр үгүстүк үөрэтэллэр, такайаллар. Бэйэлэрэ үлэһит дьон оҕолоро үксүгэр үтүө, үлэһит майгылаах буола улааталларын саха киһитэ барыта билэр суола.

«Сыа быыһыгар быччархай кыбылларын курдук» үчүгэй дьон быыстарыгар куһаҕан, тугу эмэ бэйэлэрэ оҥорон туһаҕа таһаарар туһунан толкуйдаабат, атын дьон оҥорбут баайдарыттан-малларыттан босхо туһаныахтарын баҕалаахтар эмиэ бааллар.

Куһаҕан өйдөөх-санаалаах дьон баар буолууларыгар оҕону иитии-үөрэтии ылар оруола ордук улаханын «Яблоко от яблони недалеко падает» диэн өс хоһооно бигэргэтэр. Кэлин кэмҥэ төрөппүттэр иитэр-үөрэтэр оруолларын намтатан, атын дьоҥҥо сыҕарытан өйдүүр буолуу саха дьонугар тарҕаныах курдук буолан эрэр. Оҕону иитии-үөрэтии сүрүн өттө аҥардастыы учууталлар диэки сыҕарытыллан, кинилэр эрэ оҕо иитиитигэр эппиэтинэстээх буолалларын курдук өйдөөһүн олохсуйа быһыытыйда.

Сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ эдэр киһи өйө-санаата сайдыытыгар, киһилии майгына үөскээһинигэр кыра эрдэҕинэ, оскуолаҕа киириэн иннинэ үөрэппит, иҥэриммит өйдөбүллэрэ ордук, урутаан дьайаллар. Оҕо өйүгэр-санаатыгар биир суолу хос-хос хатылааһын, төһө элбэхтэ хатыланар даҕаны соччонон кытаанахтык иҥэн иһэр диэн өйдөбүлгэ олоҕурар, киһи үйэтин тухары ханнык баҕарар үөрэҕи ылыныыта барыта хос-хос хатылааһыҥҥа, үгэс оҥостон иҥэриниигэ олоҕурар.

Киһи бэйэтин саҥатын истэн эмиэ үөрэнэр, үгэс оҥостор дьоҕурдааҕын «Куһаҕан тыллары тыллаһыма» диэн үөрэтэр этии баара бигэргэтэр. Өлөрүү, алдьатыы, охсуһар, этиһэр туһунан тыллар бары куһаҕаны оҥорууга ыҥырар буоланнар куһаҕан тылларга киирсэллэр. Саха дьоно былыр-былыргыттан оҕолорун «Куһаҕан тыллары тыллаһыма» диэн үөрэтэ сатыыллар. Куһаҕан тыллары тыллаһар буолуу элбэхтэ хатыланнаҕына үгэскэ кубулуйан оҕо ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар ууруллан иһэллэрин былыргылар ордук билэллэр эбиттэрин ити этии бигэргэтэр.

Кыра оҕо «Өлөрүөм, быһыам» дии-дии сүүрэкэлии сылдьар буоллаҕына, ити этэр тыла өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар үгэс буолан иҥэн ууруллан иһэр. Бу ууруллубут өй-санаа хаһан баҕарар, киһи олоҕун ыарахан, соһуччу кэмнэригэр, бу киһи ийэ кутун баһылыыр кэмигэр киирэн хааллаҕына, өйүгэр эмискэ түһэн, өйдөнөн кэлэн толоруллан хаалыан сөп.

Киһи бэйэтэ саҥарар тылларын кулгааҕынан истэн ылынара ордук күүстээх, өйгө-санааҕа олус түргэнник тиийимтиэ. Ити барыта үөрэҕи ылыныы бэйэтэ хос хатылааһыннаах буоларынан быһаарыллар. Холобур, үөрэнээччи лекцияны истэ олорон сурунан иһэр буоллаҕына ордук дириҥник өйдүүрүгэр ити быһаарыы олоҕурар.

Былыргы дьон киһи өйүн-санаатын итинник уратыларын билэр буоланнар оҕолорун куһаҕаннык саҥара, тыллаһа сылдьалларын кытаанахтык боболлор, "Айыы диэмэ" диэн үөрэтэллэр. Ол бобуу барыта оҕолорун өйүн-санаатын, ийэ кутун харыстыылларыттан, кини туһугар дьиҥнээхтик, ис сүрэхтэриттэн кыһаналларыттан, улаатан киһилии киһи буоларын ситиһэ сатыылларыттан буолар. Куһаҕан тыллары тылласпат буолуу оҕо өйүн-санаатын харыстыыр, куһаҕан үгэс үөскээн өйүгэр-санаатыгар олохсуйбатын хааччыйар аналлаах.

Былыргы дьон оҕолорун өйдөрүн-санааларын, ийэ кутун ордук харыстыылларын бэлиэтинэн оҕо кыра эрдэҕинэ, бэйэтин өйө-санаата киириэн иннинэ, атын дьоҥҥо сыһыарбакка, туора харахтаахха көрдөрбөккө иитэллэрэ, улаатыннараллара итинэн быһаарыллар.

Төрөппүттэр бэйэлэрэ оҕолоро истэригэр куһаҕан, алдьатар, өлөрөр тыллары саҥарартан туттунар буолуулара оҕолорун өйүн-санаатын, ийэ кутун ордук харыстыылларыгар олоҕурар. Кыра оҕону, бэйэтэ өйдөөбөт эрдэҕинэ охсуһарга, этиһэргэ, алдьатарга, былдьаһарга, куһаҕан тыллары тыллаһарга үөрэппэт буолуу, кини киһилии майгылаах буола улаатарын хааччыйар биир сүрүн көрдөбүл буолар.

Оҕо улаатан, өйө-санаата эбиллэн истэҕинэ, саҥарар тылларыттан үөрэҕи иҥэринэн иһэргэ үөрэнэр. Үөрэҕи ылыныы кинигэттэн доргуччу аахтахха ордук эбиллэрин начаалынай кылаас учууталлара куруук туһаналлар. Оҕо улаатан иһэн куһаҕан тыллары тылласпат буолуута өйө-санаата үчүгэйи оҥоруу диэки хайысхалаахтык сайдарын хааччыйар. «Киһи тыла тиийимтиэ» диэн сахалар этэллэр. Бу этии тыл суолтата өйгө-санааҕа дириҥник иҥэн өйү-санааны төрүттүүрүн, киһи майгынын олохсутарын эмиэ бигэргэтэр.

Бэйэ саҥарар тыла киһиэхэ олус күүскэ дьайарын сахалыы андаҕар этиитэ баара быһаарар. Киһи олус күүркэйэн, тыл-өһө сытыыланан андаҕар тылларын этиитэ өйүгэр-санаатыгар ордук дириҥник хатанан этиллибитин курдук быһыылары оҥорорго тириэрдэр.

Тылы элбэхтик, хос-хос хатылаатахха кэлин үгэскэ кубулуйан хаалар. Соһуйдаҕына ханнык эмэ тылы саҥара үөрэнэн хаалбыт киһи ол үгэһин хаһан да быраҕа охсон кэбиспэт. Эмээхсин «Бачах», эҥин диэн соһуйдаҕына тутта үөрэммит тылларын хас соһуйдаҕын аайы саҥаран иһэр. «Өлөрүөм, алдьатыам»,- диэн тыллаһар киһи, ити тылларыттан үөскээбит баҕа санаатын хаһан эмэ толорон кэбиһэр кыахтаныан сөптөөҕүн сайдан иһэр кут-сүр үөрэҕэ быһаарар. Үгэскэ кубулуйбут өйдөбүл киһи өйүттэн-санаатыттан хаһан да сүтэн, симэлийэн хаалбат, киһи ийэ кутун өйүгэр-санаатыгар ууруллан сылдьар уратылаах.

Олох ханнык баҕарар кэмигэр киһи ийэ кута баһылаан салайар быһыытыгар киирэн хаалар. Куһаҕан тыллартан үөскээбит үгэс киһи өйүгэр-санаатыгар, ийэ кутугар уурулла сылдьан баран, хаһан баҕарар өйдөнөн кэлэн толоруллар кыахтанар. Быстахтык быһыыланан куһаҕан быһыылары оҥоро охсон кэбиһэр эдэр дьон элбээн иһиилэрэ ити быһаарыы чахчытын бигэргэтэллэр. Атаахтык иитиллэн, бас баттахтык тыллаһа үөрэммит дьон олохторугар элбэх эрэйдэри көрсүүлэрэ барылара кэриэтэ биир эмэ түгэҥҥэ бэйэлэрин сыыһа туттууларын кытта сибээстээхтэр. Биирдэ арыгыны аһара иһэн кэбиһэн итирии кэнниттэн сыыһа туттунуу эдэрдэргэ олус элбэхтик көстөр быһыы буолла.

Төрөппүттэр, кэлэр көлүөнэ дьонноро киһилии быһыылаах буолан уһун, дьоллоох олоҕу олоруохтарын, баҕа санааларын курдук төрүттэрэ-уустара тэнийэн-сайдан иһиэҕин дьиҥнээхтик баҕараллар, оҕолорун өйдөрүн-санааларын, ийэ куттарын харыстаан, куһаҕан быһыыланарга, куһаҕаннык тыллаһарга үөрэппэттэр. Оҕолор хайдах киһи буола улааталлара барыта төрөппүттэртэн тутулуктаах. Оҕону үөрэтэргэ сымнаан биэрэн, атаахтатан-тараҥнатан, киһиргэтэн улаатыннардахтарына майгына сымнаҕас буола улаатан, олох ыарахаттарын кыайан уйбакка, олох чэпчэки өттүн диэки салаллан элбэх эрэйи көрсүөн, олус элбэх баҕа санааларын кыайан толорумуон сөп. (1,27).

Туһаныллыбыт литература

1. Каженкин И.И. Тыл - санааны салайар. - Дьокуускай: Триада, 2003. - 76 с .