Куросава Акира
Куросава Акира 黒澤 明 | |
---|---|
Сэттэ самурай киинэтигэр 1953 сыл | |
Төрөөбүтэ |
Кулун тутар 23 1910 Шинагава, Токио, Дьоппуон |
Өлбүтэ |
Балаҕан ыйын 6 1998 (сааhыгар 88) Сетагайа, Токио, Дьоппуон |
Идэтэ | Режиссер, Сценарий суруйааччы, продюсер, монтажер |
Үлэтин сыллара | 1936–1993 |
Куросава Акира (дьоп. 黒澤明; 1910 сыл кулун тутар 23 — 1998 сыл балаҕан ыйын 6)[1] — Дьоппуон киинэ режжисера. Куросава киинэлэрин ДЬоппуон сиригэр олус таптыыллар. Атын даҕаны дойдуга сөбүлүүллэр. 50 сыл устата 30 киинэни устан ааспыта.[2] Кинини билигин биир улахан сабыдыаллаах режжисер быһыытынан билэллэр.[3]
Биллэр киинэлэригэр, ол иһигэр Рашомон уонна Сэттэ Самурайга кини Тоширо Мифуне диэн актеры кытта үлэлээбитэ.
Дьоппуон киинэ оҥоруутугар 1936 сылга үлэтин саҕалаабыта. Ол иннинэ худуоһунньугунан үлэлиир этэ. Режиссер ассистена быһыытынан уһуннук үлэлээн баран 1943 сыллахха режиссер буолбута.
Расемон диэн киинэтэ бастаан Вена киинэ фестиваалыгар Золотой лев бириэмийэ лауреата буолбута. Ол кэнниттэн киинэни Европаҕа уонна Хоту Америкаҕа прокатка таһаарыллыбыта. Дьон сөбүлээн көрбүттэр, ол кэнниттэн Дьоппуон киинэлэрин көрөрүн саҕалаабыттара. Ол кэнниттэн Дьоппуон киинэлэрэ ситиһиилээх буолаллара саҕаламмыт. 1950 уонна 1960 сыллар икки ардыларыгар Куросава сылга биир киинэни режиссер быһыытынан таһаарар этэ.
1990 сыллаахха Олох ситиһиитэ диэн номинацияҕа Америка киинэлэрин Академиятын бириэмийэтин ылбыта.[4][5] Кини өлбүтүн кэннэ AsianWeek сурунаал уонна CNN ханаал кинини Литература уонна искусство категориятыгар Үйэ Азия олохтооҕо диэн ааттаабыта.[6]
Быһаарыылар
- ↑ Куросава Акира туhунан Internet Movie Database
- ↑ BFI Features, Akira Kurosawa, a filmography. www.bfi.org.uk. Тургутулунна 22 Олунньу 2010.
- ↑ Greatest Film Directors and Their Best Films. www.filmsite.org. Тургутулунна 22 Олунньу 2010.
- ↑ Academy Award Acceptance Speech Database. Тургутулунна 13 Бэс ыйын 2010.
- ↑ Akira Kurosawa Tribute with George Lucas, Steven Spielberg (19 Сэтинньи 2008 </noinclude>). Тургутулунна 28 Бэс ыйын 2010.
- ↑ ASIANOW – Asiaweek – Asian of the Century – Kurosawa Akira – 12/10/99. Тургутулунна 18 Бэс ыйын 2010.