Куобах мэнээктиир

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Куобах мэнээктиир диэн кэмэ кэллэҕинэ куобах аһара элбэхтик үөскээн хааларын этэллэр.

Айылҕа айан оҥортообут араас элбэх көрүҥнээх ото-маһа, үөнэ-көйүүрэ уонна көтөрө-сүүрэрэ барылара бэйэ-бэйэлэрин кытта олус ыксары сибээстээхтэр, тутулуктаахтар. Маннык элбэх араас көрүҥнэртэн биир эмэ көрүҥ суох буолан хааллаҕына эбэтэр аһара үөскээн атыттары үтүрүйдэҕинэ, Айылҕаҕа былыргыттан үөскээн турар тэҥнэһии балаһыанньата уларыйан, хамнаан барар.

Уһун кэмҥэ Сир үрдүгэр үөскээбит тэҥнэһии балаһыанньатын аһара дэлэйдик үөскээн ылар кэмнэрдээх кыыллар эмиэ хамнаталлар. Киһи бэйэтин кылгас үйэтигэр хаста да элбээн ыла-ыла суох буолуталаан ылар кыыллары үөрэтэрэ оруннаах уонна туһалаах. Сир үрдүгэр үөскүүр элбэх көрүҥнээх кыыллартан биирдэстэрин Саха сиригэр саамай дэлэйдик үөскээн хаалар кэмнэрдээх, кылгас сайын устата улаата охсор куттас куобаҕы ыламмыт Айылҕаҕа туох туһалааҕын уонна туохха аналлааҕын быһаарыахпыт:

1. Куобах сайыҥҥы кэмҥэ тыаҕа саамай дэлэйдик үүнэр от уонна талах төбөтө аһылыктаах тыа обургу кыыла буолар.

2. Кураан сайыҥҥа төрүөҕэ тахсыбыт кэмигэр тыһы куобах сайын устата иккитэ, 8 эбэтэр 12 оҕону төрөтөр. Оҕолоро сайыҥҥы ыйдар усталарыгар, саамай ас-үөл дэлэй кэмигэр, улаата охсоллор уонна төлөһүйэллэр. Биһиги дойдубут курас үүнээйитигэр, Айылҕаҕа көҥүлүнэн үөскүүр куобах курдук, эти элбэхтик оҥорон таһаарар кыыл да, сүөһү да суох. Ити эт үүнүүтүн биһиги билэр бырыһыаммытынан ааҕан таһаардахха кырата 800 бырыһыаҥҥа тиийэр диэн үөрэхтээхтэр ааҕаллар.

3. Куобах тириитэ чап-чараас, сымнаҕас, ураты кэбирэх, түүтэ бурҕайа сылдьар, оннооҕор былыр даҕаны тэллэхтэн, суорҕантан ураты быстах кэтиллэр таҥаһы эрэ тигэргэ туттуллара, онтон билигин улахан туһаҕа турбат буолла. Тоҕо бу Айылҕа обургу кыыла буолан баран аһара кэбирэх, чараас тириилээҕий диэтэххэ, Айылҕа сиэмэх кыыла куобаҕы туттаҕына түргэнник тырыта-хайыта тыыта охсон, куобах этин сии охсоругар аналлаах эбит, ол иһин тириитэ итинник кэбирэх оҥоһуулааҕа быһаарыллар.

4. Куобах чуор кулгаахтаах, сытыы харахтаах, быһый атахтаах, араас сиэмэх кыыллартан, көтөрдөртөн уонна дьонтон ойуурга саһан эбэтэр атаҕынан куотан эрэ быыһанар. Арай Айылҕа бэйэтин кыра кыылын куобаҕын, наадыйар кэмигэр харыстыыр уонна көмүскэһэр. Куобах сылга иккитэ дьүһүнэ уларыйар. Саамай үөскүүр улаатар кэмигэр, сайын бороҥ дьүһүннэнэр уонна хараҥа ойуур быыһыгар саһан сылдьар, онтон кыһын устата, эһиилги төрүөҕэр бэлэмнэнэр кэмигэр, муус маҕан хаар курдук дьүһүннэнэр, онон бары сиэмэхтэртэн хаарга саһан куотунар.

Куобах күһүн эрдэ, улаатан ситтэҕинэ, ойуурга сэбирдэх, көмнөх ситэри түһэ илигинэ, ойуур саҥа сырдаан эрдэҕинэ, маҥхайбытынан барар, ол кэмҥэ хара тыаҕа кылбаҥнаан, ыраахтан көстө сылдьар буолан хаалар. Бу быһыы сүрүн уратытынан аан маҥнай атыыр куобахтар маҥхайаллар, тыһылар хойутаан хаар түһүүтүгэр биирдэ маҕан дьүһүннэнэллэр.

Айылҕа бары сиэмэх көтөрдөрүгэр уонна кыылларыгар, ким төһө кыайарынан, ким төһө кыахтааҕынан куобах курдук минньигэс, иҥэмтэлээх аһылыгы кыайа-хото аһааҥ, эти элбэҕи сиэҥҥит күүстэ-күдэхтэ мунньунуҥ, тымныы кыһыны туоруурга бэлэмнэниҥ уонна быһый куобаҕы күүскэ эккирэтэҥҥит эккитин-хааҥҥытын эрчийэн, доруобуйаҕытын бөҕөргөтүҥ диир бэлиэтэ буолар. Ити кэмҥэ куобах этинэн аһылыктанар көтөрдөр уонна кыыллар бары хара тыаҕа кылбаҥныы сылдьар куобахтары тутан сиэри сүүрүү-көтүү, эккирэтии бөҕө буолаллар. Сиэмэх кыыллар чэгиэн-чэбдик доруобуйалаах, куобахтааҕар күүстээх, быһый, сылбырҕа буолуохтаахтара быһаарыллан тахсар.

Айылҕа куобаҕа диэн, биир сайын устата дэлэйдик төрөөн-үөскээн, улаатан сиэмэх көтөрдөр уонна кыыллар эрчиллэ таарыйа тутан сиир иҥэмтэлээх эт аһылыктара буолара быһаарыллар. Айылҕа бэйэтэ улаатыннаран биэрэр бэлэм эт аһылыгын хайдах гынан ордук туһалаах өттүнэн туһаныахха диэн ыйытыыга дьон билигин даҕаны сөптөөх эппиэти була иликтэр.

Билэр дьон кэпсээннэринэн, Айылҕаҕа куобах элбэхтик үөскээн кэлэр кэмэ, куобах мэнээгэ диэн ааттанар уонна ортотунан 11 сыл буола-буола эргийэн кэлэр. Урукку кэмҥэ куобах мэнээгэ 2 эбэтэр 3 сыл устата барара уонна эстэн, куобах суох буолан хаалара. Онтон 60-с сыллаахха буолбут куобах мэнээгэ киин улуустарга 6 сыл устата барбыта. Бу бириэмэҕэ тыа сиригэр бултуур саа-сэп күүскэ атыыламмыта уонна куобаҕы бултааһын тэрээһиннээхтик ыытыллара. Бу мэнээк кэмигэр бултуу сылдьан биир күҥҥэ уонтан тахсалыы куобаҕы өлөрөн үллэһиннэхтэринэ, бэйэ, ол аата улахан куобаҕа биир эбэтэр икки эрэ, онтон ордуга барылара эрдэ эбэтэр хойутуу төрөөбүт оҕо куобахтар буолаллара. Маннык быһаарыы мэнээк кэмигэр куобахтар төрүөхтэрэ ордук тахсарын көрдөрөр.

Куобах мэнээгэ эстэн бүппүтүн да кэннэ куобахтар төрүт суох буолан хаалбатахтара. Бу кэмҥэ биир эмэ күн бултааннар үс куобаҕы өлөрдөхтөрүнэ, иккитэ бэйэ куобах уонна биир эрэ оҕо куобах буолара биллэр. Мэнээк эстибит кэмигэр куобах төрүөҕэ аанньа тахсыбата быһаарыллар. Бу быһаарыыбытын түмүктээтэхпитинэ, куобах мэнээгин да кэмигэр эбэтэр мэнээк эстибит да бириэмэтигэр ойуурга, саас хаар ууллуутугар, биир тэҥ ахсааннаах куобахтар кыһыны этэҥҥэ туорааннар ордон хаалаллара чуолкайданар.

Мантан салгыы 60-с сыллаахха буолбут куобах мэнээгэ урукку буолан ааспыт мэнээктэртэн уһулуччу ордон тоҕо бачча уһуннук барбытын быһаарыыга маннык бэлиэтээһиннэри ылыаҕыҥ:

1. Киин улуустар сирдэрэ кыараҕас буолан тыаларын барыларын кэриэтэ хабан куобахтааннар уонна бултааһыны тэрээһиннээхтик ыытаннар кыһын хаар түһүүтүгэр ойуурга аҕыйах ахсааннаах куобахтары ордорон хааллараннар, ордубут куобахтар аһыыр астара дэлэйэн доруобайдык кыһыны туорааннар саас төрүөхтэрэ элбээн ахсааннара биллэрдик эбиллэр.

2. Оччотооҕу кэмҥэ куобаҕы бултааһыны улаханнык буойуу-хаайыы аҕыйаҕыттан бултааһыны уһуннук, ойуурга сэбирдэх түһэн, тыа иһэ сырдыаҕыттан саҕалаан баран, хаар түһүөр диэри хаста да хатылаан ыытаннар, кыһыҥҥы кэмҥэ ойуурга аҕыйах куобаҕы ордорон хаалларар эбиттэр.

Кэнники кэлэн ааспыт куобах мэнээктэрэ бу 60-с сыллардааҕы мэнээк курдук уһуннук кыайан барбатахтара. Ол уһаабатахтарын биричиинэлэринэн манныктары ааҕыахха сөп:

1. Куобахтар кыһыҥҥы кэмҥэ аһыыр аһылыктарын бүтүүтэ. Куобах аһылыгын саппааһа дойдубут курас үүнээйилээҕиттэн улахан тутулуктаах. Куобах улаатар кэмигэр, сайын устата, аһылык буолар от, талах сэбирдэхтэрэ уонна үнүгэстэрэ дэлэйдик үүнэллэр. Сайын устата куобахтар ойуур иһигэр тото-хана аһаан күһүөрү бастакы оҕолоро улаатан ситэллэр. Күһүҥҥү кэмҥэ аан бастаан хара мастаах тыалартан куобахтар түүн хонууга киирэннэр күөх кэнчээрини сииллэр, ити кэмҥэ тыа иһигэр үүнэр аһылыктара хайы-үйэҕэ баранар, ол иһин куобахтар хонууга киирэн аһыылларыттан сыҕарыйан хаамыылара саҕаланар.

Хаар түспүтүн кэнниттэн куобахтар аһыыр аһылыктара лаппа аҕыйыыр, сүрүн аһылыктарыгар талахтар сымнаҕас төбөлөрө, лабаалара уонна үнүгэстэрэ эрэ киирсэллэр. Куобахтар олохторугар кыһыҥҥы кэми этэҥҥэ туорааһын диэн, саамай ыарахан кэминэн ааҕыллар. Бу кэми хайдах аһааннар-сиэннэр, чэгиэнник-чэбдиктик туоруулларыттан, аны сайын куобахтар төрүөхтэрэ төһө тахсара быһаччы тутулуктанар.

Күһүн хаар түһүүтүгэр кыайан бултаммакка ойуурга элбэх куобахтар ордон хааллахтарына, бу куобахтар аһылыктарын саппааһын сотору сиэн бүтэрэллэр, ыраллар-бысталлар, хоргуйарга бараллар уонна атын сиргэ көһөн хаамыылара саҕаланар. Бу кэмҥэ хоргуйан, олус ыксаан оннооҕор сонос титириктэр хатырыктарын кылбаччы кэбийээхтииллэр.

Манныкка тиийдилэр даҕаны куобахтар үксүлэрэ кыһыны кыайан туораабакка хоргуйан өлөллөр эбэтэр көтөрдөр-кыыллар тутан сииллэр. Биир эмэ ордон хаалбыт куобах саас халдьаайыга киирэн харалдьыкка тахсыбыт күөх оту, ньургуһуну сиэн быыһанар. Бу дьыл куобахтар төрүөхтэрэ тахсыбат, ол иһин күһүнүгэр куобах булда кыайан буолбат. Куобахтар төрүөхтэрэ тахсан куобах булда буолуута, кыһыҥҥы ас-үөл аҕыйах кэмин хайдах аһаан-сиэн чэгиэнник-чэбдиктик туоруулларыттан быһаччы тутулуктааҕа быһаарыллар.

2. Мэнээк бүтүүтэ куобахтар аһыыр аһылыктара тиийбэккэ уонна хаачыстыбата куһаҕаныттан бары көтөхтөрөллөр, араас ыарыыларга ыллараллар. Мэнээк бүтүүтүгэр бары куобахтар муннуларыгар обургу хара мэҥнээх буолаллар.

3. Куобахтар олус элбээтэхтэринэ сылдьар сирдэрин, ойуурдарын киртитэллэр. Тыа иһэ барыта куобахтар саахтарынан ыһыллар, ону кытта көтөрдөр уонна кыыллар тутан сиэбит куобахтарын сэмнэхтэрэ маҥхайар, маҕан түүлэрэ ыһыллан тыа иһигэр хаар курдук бурҕайар, сааскы кэмҥэ тыа иһэ сытыйбыт сытынан туолар. Маннык буолбут тыалартан куобахтар букатыннаахтык бараллар, күһүнүгэр хаамыылара саҕаланар. Куобахтар хаамыылара саҕаланнаҕына өрүстэр тумулларыгар киирэн мунньусталлар, оннооҕор ситэ тоҥо илик өрүс мууһугар киирэннэр ууга кытта түһэллэр. Куобах мэнээгэ бүтүүтүгэр атын сирдэртэн кэлэр куобахтары сахалар туспа арааран «хаамыы куобаҕа» диэн ааттыыллар. Бу куобахтар ыраах сирдэртэн ас көрдөөн, киртиппит тыаларыттан куотан кэлэллэр уонна ураты көтөхтөрүнэн биллэллэр.

Куобах аһара үөскээн хаалан, аһылыгын бүтэрэн уонна айылҕатын киртитэн, эстэргэ, барарга тиийэр. Бу куобахтар хаамыылара мунньустан, элбээн истэхтэрин аайы улахан алдьархайтан куотууга тэҥнээхтик күүһүрэн барар уонна куобах мэнээгэ бүппүтүн көрдөрөр.

Куобах тоҕо мэнээктээн суох буоларын чуолкайдаатахпытына, куобах аһары элбэхтик үөскээн хаалан суох буолар дьылҕаланар. Куобаҕы элбэхтик биир тэҥник үөскэтэн туһаныахпытын баҕардахпытына, куобах аһара үөскээн хааларын күһүн эрдэттэн күүскэ бултаан аҕыйатыахпытын наада. Оччоҕуна кыһыҥҥы хаардаах ас-үөл аҕыйыыр кэмигэр, ойуурга аҕыйах ахсааннаах куобахтары ордорон хааллардахха, олор кыһын устата тото-хана аһаатахтарына, чэгиэн-чэбдик кыһыны туораатахтарына эһиилгитигэр төрүөхтэрэ эбиллэрин ситиһиэхпитин сөп.

Үөһэ ааҕыллыбыт биричиинэлэртэн куобахха саамай күүстээхтик дьайааччыларынан үһүс биричиинэни ааҕабыт. Бу биричиинэ быһаарыыта оннооҕор былыргы үйэлэргэ үөскээн баран өлүктэрэ биир сиргэ муннустан сытар араас улахан кыыллар тоҕо өлбүттэрин быһаарарга кытта сөп түбэһэр. Айылҕа сорох биологическай көрүҥнэрин эстиилэрэ бу куобах мэнээгин бүтүүтүгэр маарынныыллара чуолкайданар уонна итилэр бары тулалыыр Айылҕаны киртитииттэн тахсаллара быһаарыллар.

Хаар түһүөн эрэ иннинэ аҕыйах хонукка көҥүллээн, куобаҕы ситэ бултаппакка, аһары үөскэтэн кэбиһэн түргэнник суох буола эстэригэр тириэрдэбит. Мэнээк бүппүтүн кэнниттэн куобах аҕыйаан, бултаабыкка эрэйи боруостаабатаҕына, бобуута да суох, дьон бэйэлэрэ, таах-сибиэ бултаабыта буолан эрэйдэммэттэр. Булка сылдьыы, бултааһын эрэйи боруостуур эрэ буоллаҕына дьон уһуннук бултууллар. Аһара бобуулар-хаайыылар Саха сирин киэҥ тайҕатыгар тарҕанан үөскүүр куобах элбииригэр туһалара олох кыра.

Тыа сиригэр олорор булдунан дьарыктанар дьоҥҥо булчут суобаһа диэн баар, ол аата тыа көтөрдөрүн-кыылларын харса суох, бириэмэтэ кэлэ илигинэ, мөлтөөбүт-ахсаабыт кэмнэринэн туһанан өлөрөн сиэһини сэмэлээһин буолар. Саас саҥа тахсан эрэр күөх оту сиэри бары сэрэҕин барытын сүтэрэн, халдьаайыга киирэр куобахтары уонна күһүҥҥү булт кэмигэр сайын хойут төрөөбүт, ситэ улаата илик куобах оҕолорун сэрэниэххэ уонна харыстыахха наада. Сааскы соҕотох тыһы куобахтан күһүҥҥэ диэри сүүрбэччэ куобах төрөөн улаатарын уонна күһүн бу куобахтарын бэйэлэрэ бултуулларын ким да боппотун чуолкай билэллэрэ эбитэ буоллар, ампаардаах астарын курдук санааннар өссө харыстыа, көмүскүө этилэр.

Куобах булдун хайдах бултаан туһанары, куобахтары көрөн-истэн харыстыыры нэһилиэктэр бэйэлэрин көрүүлэригэр ылаллара эбитэ буоллар, көрөн-истэн харыстаан, ампаардаах астарын курдук санаан бэйэлэригэр улахан туһаны таһаарыныа этилэр.

Сир-дойду кылгас үйэлээх кыра кыыла куобах, аһары үөскээн хааларыттан сотору эстэр, аҕыйыыр суолга киирэр. Куобах эстиитэ атын тыынар-тыыннаахтар аһара үөскээн хаалан сылдьар сирдэрин киртиттэхтэринэ, туохха тиксиэхтээхтэрин чуолкайдык быһаарар. Былыргы кэмҥэ элбэхтик үөскүү сылдьыбыт мамоннор суох буола эстиилэрэ сирдэрин-дойдуларын киртитиилэриттэн тахсыбыт уларыйыылартан буолбут.

Билиҥҥи кэмҥэ дьон эмиэ ахсааннара элбээн Айылҕаны киртитэллэрэ, салгын састаабын уларыталлара, радиациянан сутуйаллара кэҥээн иһэр. Айылҕаны буортулааһын, киртитии муҥур уһугунан мутукчалаах мастары кэрдэн уонна уокка сиэтэн суох оҥоруу буолар.

Айылҕаҕа хонуу сиртэн ууну кэмнээн паар буолан көтүүтүн үөскэтэринэн уу эргиирин тэҥнээн биэрээччинэн мутукчалаах мастар буолаллар. Мутукчалаах мастар суох буолуулара Сир үрдүгэр олус күүстээх ардахтар, хаардар уонна тыаллар түһүүлэрэ эбиллэн иһэллэригэр тириэрдэр. Айылҕа уларыйан барыытын күүһүн дьон-аймах кыайан тохтотор, көннөрөр кыахтара суох. Кинилэр Айылҕа уораана хаһан бэйэтэ ааһарын, намырыырын кэтэһэллэрэ эбиллэн иһэр. Ураганнар, тайфуннар уонна муора анныгар сир хамнааһыныттан үөскүүр улахан долгуннары утарар күүс дьоҥҥо суох. (1,11).

Туһаныллыбыт литература.

1. Каженкин И.И. Айылҕа бэйэтин ыраастанар. - Дьокуускай: ГУ РИМЦ, 2008. - 78 с.