Кумамото префектурата
Кумамо́то (?) — Кюсю регионугар Кюсю арыыга баар префектура. Префектура болуоссата 7404,79 км², олохтоохторун ахсаана — 1 794 784 киһи. Административнай центра — Кумамото куорат.
Историята
Урут бу сир Хиго провинцията диэн ааттаах эбит, аата Кумамото диэҥҥэ Мэйдзи кэмигэр уларыйбыта.[1] Провинциялары префектураҕа уларытыы урукку феодаллыы тиһиги уларытыы иһинэн барбыт. Билиҥҥи Кумамото диэн тыл туруору тылбааһа «эһэ силиһэ / төрдө» диэн.
Камакура Сёгунат уонна моҕуол кимэн киириилэрэ
Камакура кэмэ 1185-1333 сс. хабар. 1268 уонна 1271 сыылларга Камакура сёгунат Моҕуол эйэ туһунан этиилэрин ылымматаҕа. Кини туох баар Кюсю феодалларыгар ханнык баҕарар моҕуол кимэн киириитин утары туралларыгар бирикээстээбитэ. Такэзаки Суэнаага (Takezaki Suenaga) бу кэм туһунан элбэх ойууларры хаалларбыта.
Такэзаки Суэнага
Такэзаки Суэнага (1246-1314) Хиго провинция харалдьыта этэ, кини икки Моҕуол кимэн кииритин кэмигэр сэриилэспитэ. 1293 сыллаахха бэйэтин байыаннай өҥөтүн көрдөрөр ойуу свитогын сакаастаан уруһуйдаппыта. 1274 сыллаахха моҕуоллар кэлбиттэригэр Суэнага Фукуокаҕа Муто Кагесуке анныгар кыргыспыта. Суэнага сылгыларын уонна ыҥыырдарын атыылаан Камакураҕа барар суолун төлөөбүтэ, онно баран бэйэтин өҥөтүн кэпсээбитэ. Билиниини ыларга ол туһунан атын киһи кэпсиэхтээҕэ. Свитокка суруйарынан, Суэнага эппит: «Оҥорбутум биллэриттэн уонна билиниллэриттэн ураты олох олорор төрүөтүм суох», - диэн, манан кини албан аакка уонна харчыга дьулуспута көстөр.
19-с үйэ
Бакуматсу кэмэ Токугава сегунат кэнники кэмнэрин хабар. Йокои Сонан (Yokoi Shōnan, 1809-1869) Япония учуонайа уонна бэлиитикэни уларытааччыта этэ, кини Токугава сегунаата охтон эрдэҕинэ улахан сабыдыаллааҕа. Йокой Кумаомтоҕа төрөөбүт самураай этэ, Эдо куоракка 1839 үөрэххэ ыыппыттар, онно сылдьан уларытыыны киллэрэр санаалаах Мито Домен дьонун кытта алтыспыт. Кумаотоҕа төннөн баран Неоконфуцианство идиэйэлэрин тарҕаппыт. 1857 сыллаахха кинини Эчизен «даймира» Мацудайра Ёсинага ыҥыран бэйэтин сүбэһитинэн анаабыт. Үрдүктүк сыаналаммыт эрээри 1869 сыллаахха өлөрүллүбүт.
Мэйдзи уларыта тутуута
Маннык сабыытыйалар буолбуттара Бакумата, Мэйдзи (1868), Хан тиһигин суох гыныы (1871) уонна Сатсума бастаанньата (1877). 1876 сыллаахха Кумаоато префектура диэн билиҥҥи аата баар буолбута.
Каста тиһигин ууратыы туһунан ыйаах 1876 сыллаахха тахсыбыта, самураайдар кыыһырбыттара. Саиго Такамори (Saigō Takamori), Мэйдзи уларыта тутуу дьоруойа уонна көҕүлээччитэ Мэйдзи киин бырабыыталыстыбатыттан тахсан Кагосимаҕа төннүбүтэ.
Satsuma Rebellion
1877 сыллаахха Сацума аармыйата Кумамотоҕа кэлбитэ, ол эрээрри икки ый куорраты кыайан ылбакка осадалаабыта. Аармыйа кэлиэн иннинэ тулалыыр сэлиэнньэни барытын уоттаан кэбиспиттэрэ. Кумамото заамагын көмүскээччилэр тойоннорро Тани Татейки этэ, кини Тайваньнааҕы экспедицияҕа кыттыбыт этэ (1874).
Административнай тыырыллыыта
Кумамото префектуратыгар 14 куорат уонна 9 уезд баар (23 бөһүөлэк уонна 8 сэлиэнньэ).
Куораттар
Куораттар:
|
|
Уезстар
бөһүөлэктэр уонна сэлиэнньэлэр уезстарга:
|
|
|
|
|
|
Көлө
Тимир суол
- JR Kyushu
- Kyushu Shinkansen
- Kagoshima Line
- Hohi Line
- Hisatsu Line
- Misumi Line
- Kumamoto Electric Railway
- Kumagawa Railroad
- South Aso Railway
- Hisatsu Orange Railway
Тырамбаай
- Kumamoto City Transportation Bureau
Массыына суоллара
Түргэн уонна төлөбүрдээх суоллар
- Кюсю Экспрессвэй (Kyushu Expressway)
- Минами-Кюсю ЭкспрессВэй (Minami-Kyūshū Expressway)
- Кумамото Амакуса суола (Kumamoto Amakusa Road)
Судаарыстыба суолталаах суоллар
- Route 3
- Route 57
- Route 208 (Kumamoto-Tamana-Arao-Ōmuta)
- Route 212
- Route 218 (Kumamoto-Takachiho-Nobeoka)
- Route 219
- Route 265
- Route 266
- Route 267 (Hitoyoshi-Isa-Satsuma-Satsumasendai)
- Route 268
- Route 324
- Route 325 (Yamaga-Minamiaso-Takamori-Takachiho)
- Route 387
- Route 388 (Saiki-Nobeoka-Unomae)
- Route 389
- Route 442
- Route 443
- Route 445
- Route 501 (Ōmuta-Arao-Udo)
- Route 503
Пуортара
Паром
- Kumamoto-Shimabara
- Nagasu-Unzen
- Ushibuka-Kuranomoto
- Yatsushiro-Kamiamakusa
- Reihoku-Nagasaki
Аэропортараt
- Kumamoto Airport
- Amakusa Airport
Үөрэх
Университеттара
Судаарыстыбаннай
- Кумамото университета
Уопсастыбаннай
- Кумамото префектуратын университета
Чааһынай
- Kumamoto Gakuen University
- Kumamoto Health Science
- Kyushu University of Nursing and Social Welfare
- Kyushu Lutheran College
- Kumamoto Health Science
- Shokei Gakuin University
- Sojo University
- Heisei College of Music
- Tokai University of Kumamoto
Успуорт
Маннык успуорт хамаандалара префектуураҕа олоҕуран дьарыктаналлар:
- Идэтийбит:
- Roasso Kumamoto - эр киһи футбола J League Иккис дивизион
- Blaze Kumamoto - эр дьон association football
- Mashiki Renaissance Kumamoto - дьахталлар футболларын ассоциацията
- Любителлэр:
- Kumamoto Golden Larks - бэйсбол
Биллэр дьоно
Халыып:Unreferenced section
- Tetsu Komai, Голливуд артыыһа
- Kazuaki Kiriya, киинэ устааччы
- Kimeru, поп артыыс
- Moe Kamikokuryou, Дьоппуон эмэгэтэ
- Yuri Masuda, ырыаһыт
- Tomiko Van, ыррыаһыт, vocalist of Do As Infinity
- Eiichiro Oda, манга ааптара, creator of One Piece
- Yu Todoraki, артыыыс
- Tetsuya Noda, Contemporary artist
- Katsuhiro Ueo, дрифт суоппар
Быһаарыылар
- Халыып:Google books.