Кулгаах
Кулгаах — хамсыыр Үүтүнэн иитиллээччилэр (млекопитающие) уонна киһи истэр уоргана тас өттүттэн араакабынанан хааччахтанар.
Киһи кулгааҕа 8(1)-тэн 20000-ҕа диэри Гц түргэннээх дорҕоон долгунун билэр кыахтаах. Ол 41 миэтэрэттэн 1.7 см диэри долгун уһунугар тэҥнээх.
Тоноҕостоохтор (позвоночные) өбүгэлэрэ аан-бастааҥҥы уу харамайдарыгар (первичноводные) кулгаах тирии ураты билгэлиир уорганыттан үөскээбитэ.
Кулгаах эволюцията
Ис кулгаах (лабиринт) тоноҕостоох харамайдарга (позвоночные) тэҥнэһик уорганын быһыытынан үөскээбитэ. Киириитигэр төгүрүк уонна ньолбоҕор быһыылаах мөһөөччүктэр (круглые и овальные мешки) уонна кэлтэгэй төгүрүк ханааллар (полукружные каналы) бааллар. Миксииннэргэ (Миксины) биир ханыы ханаал, миногтарга - икки, оттон тоноҕостоохторго - үс.
Төгүрүк айахтаахтар ньолбоҕор мөһөөччүктэрэ улахана суох сиэп курдук быһыылаах, лагена диэн ааттанар. Кини тэҥнэһиги хааччыйарын тэҥэ дорҕоону истэргэ көмөлөһөр. Тоноҕостоохтор сайдыыларын түмүгэр лагена амфибиялар истэр уорганнарыгар кубулуйбута. Рептилиялар истэр уорганнара арыый улахан уонна үс ханаалга арахсыбыт. Оттон көтөрдөр лагеналара быдан хороҕор, онон кинилэр ордук чуордук истэллэр. Үүтүнэн аһылыктанааччылар ис кулгаахтара быдан уустук оҥоһуулаах, оттон лагеналара эриллэн хаалбыт улиткаҕа кубулуйар.
Тоноҕоһо суохтар истэр уорганнара
Тоноҕостоох харамайдар эрэ кулгаахтаахтар эрээри, тоноҕоһо суохтар эмиэ билэр уорган атын көрүҥүн көмөтүнэн дорҕоону билэр кыахтаахтар. Холобур, үөн-көйүүр ыраахтан кэлэр дорҕоону тимпанальнай уорган көмөтүнэн истэр. Ханнык кэргэҥҥэ (семейство) киирэринэн, кини истэр уоргана төбөтүгэр эбэтэр этин атын чааһыгар да баар буолуон сөп.
Сорох үөн-көйүүр тимпанальнай уоргана аһара сэргэх, онон атын хамсыыр-харамайдартан быдан чуор буолар. Холобур, Ormia ochracea диэн паразит сахсырҕа тыһыта. Кини тимпанальнай уоргана иһин икки өттүгэр баар. Ити уорганнара тас дьардьаманан холбоно сылдьар буоланнар, барабааннай перепонка курдук үлэлииллэр уонна тыас кэлэр сирин туһунан чопчу информацияны биэрэллэр. Бу ньыма кини сымыытын уурар дьиэ атыыр чөкчөҥөтүн ырыатын истэригэр көмөлөһөр. Сорох үөн-көйүүр реверберация түргэнин сөкүүндэ 50 миллиард өлүүскэтин саҕа уратытын араарар. Онон тыас хайысхатын чопчу билэр кыаҕа улахан.
Тоноҕоһо суохтар(членистоногие) истэр уорганнара быдан судургу оҥоһуулаах, онон чугастан кэлэр дорҕоону эрэ истэллэр. Холобур, ооҕуйдар уонна таракааннар атахтарыгар дорҕоон хамсааһынын хабар түүлээхтэр. Гусеницалар эттэригэр эмиэ оннук дорҕоону билэр түүлээхтэр, онон тыас хайа диэкитэн кэлэрин арааран билэллэр.
Патологията
Киһи төрүөҕуттэн баар кэһиллиилэр, эчэйиилэр (акустическая травма, баротравма), кулгаах ыарыылара (отосклероз, болезнь Меньера, отит, лабиринтит).
Кулгаах унуоҕун оноһуллута кэьиллиннэҕинэ киһи сүүс бырыһыан дьүлэй буолбат.
Кулгаах култуураҕа
Үс көрүн кулгаах киэргэлэ баар — клипса, каффа уонна ытарҕа. Ытарҕа кэтэргэ киьи кулгааҕын бастаан баран үүттэтиэхтээх, клипса кэтэргэ кулгааҕы үүттэтэр наадата суох. Кулгаах үүттэниитэ аан дойдуга былыргы үйэттэн тарҕанан турар. Археологическай булуулар көрдөрүүлэринэн племенной култуураларга кулгаах үүттэниитэ быдан тарҕанан турбут эбит. Элбэхтэ археологтар кулгааҕыгар ытарҕалаах муумуйалары булан турардаахтар. Оннук Симилаун диэн ледникка, Австрияга Эци диэн 5300 саастаах муумуйаны булбуттара.
Кулгаах быһыытын уларытыыта отопластика диэн ааттанар.