Кузьмина Земфира Макаровна
Кузьмина Земфира Макаровна (2.02.1942) — Ɵрѳспүүбүлэкэтээҕи 2-с нүѳмэрдээх балыыһа хааннарын эргимтэтэ күүскэ кэһиллибит ыарыһахтарга аналлаах неврологическай отделениетын сэбиэдиссэйэ, РСФСР үтүѳлээх бырааһа.
- Төрөөбүт аата: Кузьмина Земфира Макаровна
- Төрөөбүт күнэ: 2 олунньу 1942
- Төрөөбүт сирэ: Дьокуускай куорат, Саха сирэ
- Дойдута: Россия
- Үөрэммит кыһата: Иркутскайдааҕы государственнай медицинскэй университет
- Идэтэ: быраас
Ис хоһооно:
- Олоҕун олуктара
- Сүрүн үлэлэрэ
- Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Сигэлэр.
1. Олоҕун олуктара
Кузьмина Земфира Макаровна 1942 сыллаахха олунньу ый 2 күнүгэр Дьокуускай куоракка талааннаах дьиэ кэргэҥҥэ тѳрѳѳбүтэ. Ийэтэ Анна Ивановна Егорова (28.11.1915—31.08.1995) саха биллиилээх ырыаһыта, саха оператын бастакы үөрэхтээх режиссера. Аҕата Макар Иванович Кузьмин — Макар Хара (26.04.1915-26.08.1981) — поэт, тылбаасчыт, Аҕа Дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа.
Земфира Макаровна идэтинэн үлэтин 1965 сыллаахха саҕалаабыта. Иркутскайдааҕы государственнай медицинскэй университеты бүтэрбитин кэннэ кинини тѳрѳѳбүт Дьокуускайыгар анаабыттара. Аан бастаан 2-с нүѳмэрдээх поликлиникаҕа неврологынан үлэлээбитэ. Земфира Макаровна чинчийэр үлэҕэ, ыарахан клиническэй түбэлтэлэргэ улахан интэриэһэ кинини Саха государственнай университетын неврология уонна психиатрия медико-лечебнэй кафедратыгар сирдээн аҕалбыта. Онно кини 10 сыл үлэлээбитэ. Үлэтин тиэмэтинэн уһук хоту усулуобуйатыгар цереброваскулярнай патологияны чинчийии буолбута. Кафедраҕа үлэлиир кэмигэр практическай медицинэтин бырахпатаҕа. Ол кэмнэргэ неврологическай кѳмѳ оҥоһуллуута бүтүн дойду үрдүнэн мѳлтѳҕѳ, Саха сиригэр да балаһыанньа оннук этэ. 80-с сыллар саҕаланыыларыгар Кузьмина тымырдарынан моһуогурар дьон регистрин тэрийиитин биир бастакынан туруорсубута. Ол регистр инсульт тѳһѳ кэмңэ хаста буоларын, үѳскүүр тѳрүттэрин, дьыл хайа кэмигэр, хайдах быһыылаахтык ааһарын уонна тугунан түмүктэнэрин билэргэ туһалаабыта. Ыарыһахтар балыыһаларга хойутаан, ыарыыларын бэргэтэн, конрактураланан киирэллэрэ биллибитэ, ону тохтоторго дьаһал ылынар тоҕоостоох буолбута. 1983 сыллаахха Саха Сирин Ɵрѳспүүбүлүкэтээҕи балыыһатыгар Земфира Кузьмина салалталаах, 60 куойка миэстэлээх нейрососудистай отделение арыллыбыта. «Биһиги Сибииргэ бастакы этибит, — диэн кэпсиир Земфира Макаровна. — Ыарыһаҕы чѳлүгэр түһэрэргэ аналлаах туох даҕаны кѳмѳ тэрил суоҕа, барытын бэйэбит тэрийбиппит. Ыарыһахтары тиэйэргэ күчүмэҕэйдэр бааллара. Ол да буоллар, туох баар күүспүтүн ууран туран үлэлээбиппит, ол барыта сүрдээх интэриэһинэй, сонун этэ».
Отделение отуттан тахса сыл тэтимнээхтик үлэлээбитин түмүгэр сүҥкэн уопут эбиллибитэ, хас даҕаны кѳлүѳнэ быраас уһуйуллан тахсыбыта. Сүрүн үлэтин сэргэ, Земфира Макаровна бүтүн ѳрѳспүүбүлүкэ үрдүнэн неврологическай кѳмѳ оҥоһуллуутун тэрийиинэн дьарыктаммыта — үйэ чиэппэрин кэриҥэ кини Саха сирин Доруобуйатын харыстабылын министиэристибэтин сүрүн невролога этэ. Кэм-кэрдии устарын тухары россиятааҕы доруобуйа харыстабыла уларыйан испитэ. 2005 сыллаахха «Доруобуйа» диэн национальнай бырайыак олоххо киирбитэ. Ол биир хайысхатынан сүрэх уонна тымыр систиэмэтин ыарыыларыттан ѳлүүнү кыччатыы буолбута. Онно анаан үрдүк таһымнаах медицинскэй тэрилтэлэр ситимнэрэ арыллыбыта.
2011 сыл тохсунньу ыйыгар 2-с нүѳмэрдээх Ɵрѳспүүбүлүкэтээҕи балыыһа — Саха ѳрѳспүүбүлүкэтин Суһал медицинскэй кѳмѳтүн сыантырыгар олоҕуран, Региональнай тымыр сыантыра арыллыбыта (Региональный сосудистый центр). Бу сыантыр арыллыытыгар үрдүкү таһымнаах кадрдар уонна суһал кѳмѳнү оҥорууга сүҥкэн уопут баара улахан оруолу оонньообута. Саҥа тэриллибит Региональнай тымыр сыантырыгар Земфира Кузьмина хааннарын эргимтэтэ күүскэ кэһиллибит ыарыһахтарга аналлаах неврологическай отделениены салайбыта.
«Биһиги сыалбыт-сорукпут диэн ыарыһахтары тута балыыһаҕа үктэммит чаастарыттан саҕалаан чѳлүгэр түһэрии, — диир земфира Кузьмина. — Үс сыллаах ырыҥалааһын кѳрдѳрбүтүнэн, муҥутуур кыра неврологическай дефициттээх ыарыһахтар ахсааннара биллэ элбээтэ. Улахан кэһиллиилээх дьон балыыһаттан атахтарыгар туран тахсаллар. Ол да буоллар, киһи куруук ѳссѳ үчүгэйи баҕарар, холобур — аныгы хааччыллыылаах чѳлгѳ түһэрэр отделение, эбэтэр оннооҕор ѳссѳ ордук анал идэтитиллибит сыантыр баара буоллар диэн» (http://www.1sn.ru/174206.html). Региональнай тымыр сыантырын үлэһиттэрин бастакы сыллааҕы үлэлэрин түмүгүнэн «Тымыр ыарыһахтарыгар медицинскэй кѳмѳнү оҥорууну тупсарыы» диэн Бүтүн Россиятааҕы научно-практическай конференция дьүүллүүр сүбэтин куоластааһынынан «Бастыҥ отчуот ааптардарын коллектива» диэн дипломунан наҕараадаламмыттара. Кузьмина З. М. конференцияҕа дакылаат ааҕан кыттыбыта.
Мэйиигэ хаан эргиирин кэһиллиитин диагностикатыгар уонна эмтээһинигэр саҥа ньымалар эбиллэн испиттэрэ: артериальнай аневризма сытыырхайбыт кэмигэр эндоваскулярнай эмтээһин; стабилометрия; ишемическэй инсульт сытыырхайбыт кэрдииһигэр тѳбѳ тымырдарын стенотическай бэргээһинигэр стентирование оҥоруу; инсулунан ыалдьыбыттары чѳлүгэр түһэрии кэмигэр варганынан эмтээһин; мэйиигэ хаан эргиирин кэһиллиитигэр лазерынан эмтээһин; транскрани альнай намыһах долгуннаах магнитынан эмтээһин; фармакогенетическэй чинчийиилэр. Отделение сүрүн үлэтин кэккэ, Земфира Макаровна салайыытынан научнай чинчийэр үлэ күүскэ барар. Отделение быраастара «Цереброваскулярнай патология уонна инсульт эпидемиологическэй уонна молекулярно-генетическэй чинчийиилэрэ», «Ишемическэй инсуллаах ыарыһахтар метаболическай кэһиллиилэрэ», «Саха этническэй группатын инсулун үѳрэтиитин генетическэй ѳттүттэн кѳрүү», «Антиагулянтнай эмтэниини ыла сылдьар ишемическэй инсуллаах ыарыһахтары фармакогенетическэй чинчийии» диэн тиэмэлэргэ үлэлээбиттэрэ. http://yakutsk.bezformata.ru/listnews/zemfira-kuzmina-stala-pochetnim/38219088/
Талааннаах быраас, үчүгэй тэрийээччи уонна салайааччы, үтүѳкэннээх киһи Кузьмина Земфира Макаровна билиҥҥи кѳлүѳнэ невролог быраастарыгар үтүѳ холобур буолар. http://ysaa.ru/novosti/mirom-pravit-liubov
Неврологическай отделение сэбиэдиссэйинэн үлэлээбит кэмигэр Кузьмина З. М. салайар үлэҕэ бэйэтин үчүгэй ѳттүттэн кѳрдѳрбүтэ уонна биир кѳрүүнэн, биир тыынынан үлэлиир быраастар, сиэстэрэлэр бэртээхэй коллективтарын түмпүтэ.
2. Сүрүн үлэлэрэ
- РЕЗУЛЬТАТЫ ДЕЯТЕЛЬНОСТИ НЕВРОЛОГИЧЕСКОГО ОТДЕЛЕНИЯРЕГИОНАЛЬНОГО СОСУДИСТОГО ЦЕНТРА ЗА ПЯТИЛЕТНИЙ ПЕРИОД (2011—2015 гг.). Кузьмина З. М., Тырышкина Э. В., Андреев Б. В. В сборнике: Региональный сосудистый центр: итоги и перспективы развития материалы III Республиканской научно-практической конференции «Совершенствование оказания медицинской помощи пациентам с сосудистыми заболеваниями в Республике Саха (Якутия)», посвященной 5-летию открытия Регионального сосудистого центра. Ответственные редакторы Николаева Т. Я., Кылбанова Е. С.. 2016. С. 20-24.
- ДИНАМИКА ЗАБОЛЕВАЕМОСТИ И СМЕРТНОСТИ ОТ ИНСУЛЬТА В РЕСПУБЛИКЕ САХА (ЯКУТИЯ) ЗА 2010—2013 ГОДЫ. Николаева Т. Я., Чугунова С. А., Кузьмина З. М. В сборнике: Экология и здоровье человека на Севере. Сборник научных трудов V Конгресса с международным участием. Под редакцией П. Г. Петровой, Н. В. Саввиной. 2014. С. 642—645.
- НЕВРОЛОГИЧЕСКАЯ ПАТОЛОГИЯ В РЕСПУБЛИКЕ САХА (ЯКУТИЯ). Попова Т. Е., Николаева Т. Я., Кузьмина З. М., Андреев Б. В. В сборнике: Актуальные вопросы клинической неврологии. Сборник материалов межрегиональной научно-практической конференции с международным участием, посвященной 70-летию организации неврологической помощи в Республике Саха (Якутия) и 90-летию иностранного члена АН РС (Я), лауреата Нобелевской премии К. Д. Гайдушека. Под редакцией Т. Я. Николаевой, Э. Э. Конниковой. 2013. С. 149—155.
- ЗАБОЛЕВАЕМОСТЬ И ЛЕТАЛЬНОСТЬ ОТ ИНСУЛЬТА В РЕСПУБЛИКЕ САХА (ЯКУТИЯ). Николаева Т. Я., Чугунова С. А., Кузьмина З. М. В сборнике: Актуальные вопросы клинической неврологии. Сборник материалов межрегиональной научно-практической конференции с международным участием, посвященной 70-летию организации неврологической помощи в Республике Саха (Якутия) и 90-летию иностранного члена АН РС (Я), лауреата Нобелевской премии К. Д. Гайдушека. Под редакцией Т. Я. Николаевой, Э. Э. Конниковой. 2013. С. 25-29.
- ПОВТОРНЫЙ ИШЕМИЧЕСКИЙ ИНСУЛЬТ В МОЛОДОМ ВОЗРАСТЕ, ОБУСЛОВЛЕННЫЙ ТРОМБОЭНДОКАРДИТОМ. Николаева Т. Я., Егорова Р. Н., Кузьмина З. М. Якутский медицинский журнал. 2009. № 3. С. 137—139.
- CLINICAL AND EPIDEMIOLOGICAL STUDY OF STROKE IN YAKUTSK CITY. Tretyakova N.N., Varakin Y.Y., Kuzmina Z.M., Chuprova N.G., Gogolev M.P. Experimental Neurology. 2008. Т. 2. С. 18.
- КЛИНИКО-ЭПИДЕМИОЛОГИЧЕСКОЕ ИССЛЕДОВАНИЕ ИНСУЛЬТА В ГОРОДЕ ЯКУТСКЕ. Третьякова Н. Н., Варакин Ю. Я., Кузьмина З. М., Чупрова Н. Г., Гоголев М. П. Анналы клинической и экспериментальной неврологии. 2008. Т. 2. № 2. С. 18-22.
- ИНФОРМАЦИЯ О IX ВСЕРОССИЙСКОМ СЪЕЗДЕ НЕВРОЛОГОВ. Николаева Т. Я., Кузьмина З. М. Якутский медицинский журнал. 2006. № 4. С. 50-51.
- ЭПИДЕМИОЛОГИЯ ИНСУЛЬТОВ В ЯКУТИИ. Третьякова Н. Н., Гоголев М. П., Кузьмина З. М. Журнал неврологии и психиатрии им. C.C. Корсакова. 2003. № 9. С. 124.
- НЕВРОЛОГИЧЕСКОЙ СЛУЖБЕ ЯКУТИИ — 60 ЛЕТ. Кузьмина З. М., Николаева Т. Я. Дальневосточный медицинский журнал. 2003. № 2. С. 81-83.
3. Наҕараадалара уонна ытык ааттара
Кузьмина З. М. дойду уонна республика неврологическай сулууспатын уонна доруобуйа харыстабылын сайдыытыгар сүҥкэн кылаатын иһин араас наҕараадалары уонна ытык ааттары ылбыта:
- VIII Норуоттар икки ардыларынааҕы «Нейрореабилитация-2016» конгресс чэрчитинэн Бутун Россиятааҕы «Время жить!» премия лауреата, «Инсулу кытары охсуһууга бэйэтин кылаатын киллэрбитин иһин» номинация хаһаайката; http://www.1sn.ru/174206.html
- «Российскай Федерация үтүѳлээх бырааһа» бочуоттаах аат;
- «Саха Республикатын үтүѳлээх бырааһа» бочуоттаах аат;
- «Килбиэннээх үлэ иһин. Владимир Ильич Ленин төрөөбүтэ 100 сааһын бэлиэтээн» түөскэ анньынар бэлиэ;
- «СССР доруобуйатын харыстабылын туйгуна» түөскэ анньынар бэлиэ;
- «Саха Республикатын бочуоттаах олохтооҕо» аат.
4. Сигэлэр
• Кузьмина Земфира Макаровна Научнай электроннай библиотекаҕа сирэйэ: [1]'Модьу бичикИҥнэри бичик • ГБУ РС(Я) Республиканская больница № 2 — Центр экстренной медицинской помощи