Коррика
Билэ:Soraluze 15 Korrika 2007 testigo.jpg
15-с Коррика. Соралузе диэн куорат аттыгар.
Билэ:Km 1942 de la 16 edicion de la Korrika.jpg
16-с Коррика 1942-с килэмиэтиригэр
Билэ:18.Korrika.png
18-с Коррика суола
Коррика (баск. Korrika - сүүрүү) — Бааскилар дойдуларыгар хас икки сыл аайы ыытыллар бааскалар тылларын өйүүргэ анаммыт эстафета. Эстафетаны бааскилар тылларын үөрэтэр AEK диэн тэрилтэ тэрийэр. Бу тэрээһин аан дойдуга тылы өйүүр тэрээһиннэртэн саамай улаханнарын ахсааныгар киирэр,[1][2][3] 2017 сыллаахха сүүрбүт сирдэрин устата 2557 килэмиэтир буолбут,[4][5] 11 хонук түүннэри-күнүстэри тохтообокко сүүрбүттэр. Коррика сүрүн соруга харчы хомуйуу буолан баран, ону таһынан бааскалар тылларын өйүүргэ, тарҕатарга сүрдээх улахан төһүү буолар.[6]
Бу тэрээһини уонна AEK тэрилтэни бааскалар тылларын туруулаһар дьон төр;ттээбиттэрэ.[7] Билигин бырааһынньык икки сылга биирдэ саас ыытыллар, 2017 сылга 20-с төгүлүн ыытылынна.
Тэрээһин төрүөтэ
Бааскалар тыллара уустук балаһыанньалаах. ЮНЕСКО этэринэн, бу тыл сүтэр кутталлаах.[8] Бааскалар тыллара бу тэрээһин ыытыллар сиригэр барытыгар официальнай статустаах буолбатах.[9] Ол эрээри бу куоталаһыыта суох үөрүүлээх эстафета бааскалар олорор сирдэринэн барытынан икки нэдиэлэ тухары ааһар.[10]
40 сыл тухары былааска олорбут Франко диктатууратын кэмигэр бааскалар тыллара көйгөтүүгэ сылдьыбыта.[11] Атын тылынан сатаан саҥарбат, Бааска тылынан эрэ саҥарар дьону Испания бэлииссэйэтэ эппиэккэ тардар этэ. Тыл сайдыыны харгыстыыр диэн буолара. Оскуолаҕа бааска тылынан саҥарбыт оҕону буруйдууллара, ону ааһан сороҕор таһыйаллара.[12] Лингвистэр үгүстэрэ билиҥҥи бааскалар тыллара сүтэр туруктаммытыгар Испания уонна Франция бырабыыталыстыбалара буруйдаахтарын билинэллэр.[13]
Тыл сүтэн эрэриттэн дьаахханан сорох дьон тыл өйүүр кистэлэҥ тэрилтэлэри тэрийэн барбыттара.[14] Соторутааҕыта тэриллибит Бааскалар хамсааһыннара тылы сөргүтэргэ үлэлиир дьону AEK диэн тылы үөрэтэр ассоциацияҕа түмпүтэ. Диктатуура бүтээтин кытта, тыл кыһалҕатын көтөҕөргө аналлаах саамай күүстээх тэрээһининэн Коррика буолбута. Кини сүрүн идиэйэтэ дьон санаатын тылы билэр эрэ дьоҥҥо буолбакка, атын дьоҥҥо барытыгар киэҥник тиэрдии буолбута.[15] Бастакы сүүрүү, төһө да "акаары быһыы" диэн үөхпүттэрин үрдүнэн Оньяти диэн сиртэн 1980 сыл сэтинньи 29 күнүттэн саҕаланан Бильбао куоракка ахсынньы 7 күнүгэр ситиһиилээхтик түмүктэммитэ.
Тэрийии уонна процедуралара
Коррика үксүн уон хонук устата буолар. Бастакы Коррика 1980 сыллаахха буолуоҕуттан сырыы аайы суолун уларыта сылдьар, тэрийээччилэр маршрутун бааскалар олорбут сирдэринэн барытынан ааһар гына сатыыллар. Сүүрүү отой тохтообокко түүннэри барар, тэрээһиҥҥэ ортотунан 600 000 киһи кыттар.[16]
Бааскалар тылларын өйүүргэ анаан суол хас биирдии килэмиэтирин биир киһиэхэ эбэтэр тэрилтэҕэ атыылыыллар. Атыылаһааччы ол суол быстыҥын тухары холуонна иннигэр сүүрэр.[17] Ол киһи бааскалар былаахтарынан (ол былааҕы икуррина диэн ааттыыллар) киэргэтиллибит мас эстафетаны аныгыскы киһиэхэ биэриэхтээх. Бастакы эстафета маһын Remigio Mendiburu диэн киһи оҥорбут, ол мас Сан-Себастьян куорат San Telmo түмэлигэр, харалла сытар.[18] Билигин туттуллар мастарын скульптор Juan Gorriti оҥорбут. Сырыы аайы ол мас иһигэр кистэлэҥ сурук угаллар эбит, ол суругу Коррика бүтүүтүгэр тыһыынчанан киһи туппут маһыттан ылан үөрүүлээх быһыыга-майгыга ааҕан биэрэллэр. Коррика килэмиэтирин "атыылаһар" - ол аата бааскалар тылларын өйүүр - сүрдээх хайҕаллаах көстүү быһыытынан ааҕыллар.
Маһы тутан иһэр киһи кэнниттэн былакаат тутан иһээччилэр сүүрэллэр. Бу былакаакка коррика аайы уларыйар домох (девиз) суруллар. Сүүрүү туох да эккирэтиитэ, сырсыыта суох наһаа көхтөөх, үөрүүлээх-көтүүлээх быһыыга-майгыга барар. Хас биирдии коррика туһунан ырыалаах буолар, ол ырыаны биллиилээх дьон коррикаҕа анаан суруйаллар.[19] Бу сүүрүү буолбут кэмигэр Баски тылын өйүүргэ элбэх тэрээһиннэр ыытылыннылар,[20] тэрээһини барытын Баски тылын акадьыамыйата өйүүр.
Буолар сыллара
Хас биирдии Коррика тэриллиэҕиттэн араас сирдэринэн ааһар (суола сырыы аайы уларыйар), бэйэтэ туспа домохтоох уонна ырыалааах.[21]
| Нүөмэрэ | Күнэ-ыйа | Суола | Домоҕо (Дэбииһэ) | Ырыата |
|---|---|---|---|---|
| 1 | 1980: Сэтинньи 29 - Ахсынньы 7 | Oñati-Bilbao | Zuk ere esan bai euskarari | Xabier Amuriza[22] |
| 2 | 1982: Ыам ыйын 22 - 30 | Iruñea-Donostia | AEK, euskararen alternatiba herritarra and Korrika, herriaren erantzuna euskararen alde | Akelarre[23] |
| 3 | 1983: Ахсынньы 3–11 | Baiona-Bilbao | Euskaraz eta kitto! | Egan[24] |
| 4 | 1985: Ыам ыйын 31 - Бэс ыйын 9 | Tardets-Iruñea | Herri bat, hizkuntza bat! | Lontxo Aburuza[25] |
| 5 | 1987: Муус устар 3–12 | Hendaye-Bilbao | Euskara, zeurea | Oskorri[26] |
| 6 | 1989: Муус устар 14–23 | Iruñea-Donostia | Euskara Korrika eta kitto and Euskal Herriak AEK | Xanti eta Maider[27] |
| 7 | 1991: Кулун тутар 15–24 | Gasteiz-Baiona | Korrika euskara, euskaraz Euskal Herria | Irigoien Anaiak and Mikel Erramuspe[28] |
| 8 | 1993: Кулун тутар 26 - Муус устар 4 | Iruñea-Bilbao | Denok maite dugu gure herria euskaraz | Tapia eta Leturia[29] |
| 9 | 1995: Кулун тутар 17–26 | Donibane Garazi - Gasteiz | Jalgi hadi euskaraz | Maixa eta Ixiar, Alex Sardui, Kepa Junkera[30] |
| 10 | 1997: Кулун тутар 14–23 | Arantzazu - Bilbao | Euskal Herria Korrika! | Gozategi[31] |
| 11 | 1999: Кулун тутар 19–28 | Iruñea - Donostia | Zu eta ni euskaraz | Joxe Ripiau[32] |
| 12 | 2001: Кулун тутар 29 - Муус устар 8 | Gasteiz - Baiona | Mundu bat euskarara bildu | Fermin Muguruza[33] |
| 13 | 2003: Муус устар 4–13 | Maule - Iruñea | Herri bat geroa lantzen | Mikel Laboa and Ruper Ordorika[34] |
| 14 | 2005: Кулун тутар 10–20 | Orreaga - Bilbao | Euskal Herria euskalduntzen. Ni ere bai! | Afrika Bibang[35] |
| 15 | 2007: Кулун тутар 22 - Муус устар 1 | Karrantza - Iruñea | Heldu hitzari, lekukoari, elkarlanari, euskarari, herriari | Niko Etxart and El Drogas[36] |
| 16 | 2009: Кулун тутар 26 - Муус устар 5 | Tudela - Gasteiz | Ongi etorri euskaraz bizi nahi dugunon herrira! | Betagarri[37] |
| 17 | 2011: Муус устар 7–17 | Trebiñu - Donostia | Maitatu, ikasi, ari... Euskalakari | Gose[38] |
| 18 | 2013: Кулун тутар 14–24 | Andoain - Baiona | Eman Euskara Elkarri | Esne Beltza[39] |
| 19 | 2015: Кулун тутар 19–29 | Urepele - Bilbao | Euskahaldun | Various artists[40] |
| 20 | 2017: Кулун тутар 30 - Муус устар 9 | Otxandio - Iruñea | Bat Zuk | Various artists[41] |
Үтүктүү
Корриканы үтүктэн Европа дойдуларыгар элбэх майгынныыр тэрээһиннэр ыытыллар буолбуттар:
Быһаарыылар
Сигэлэр
Тас сигэлэр
- Official websitekorrika.org/index.php?newlang%3Deng — официальный сайт Коррика
- Report in English