Кооператив

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Кооператив (лат. cooperatio — бииргэ үлэлэһии) — уопсай сөбүлэҥ быһыытынан, баҕа өттүнэн бииргэ кыттыһан үлэлииргэ баайы-дуолу кыттыһан тэриллибит холбоһук. Холобур, эргиэн кооперитива. Потребительскай кооперативтар эргиэнинэн, тыа хаһаайыстыбатын бородууксуйатын соҕотуопкатынан, нэһилиэнньэни араас өҥөнү оҥоруунан о.д.а. дьарыктаныахтарын сөп. Кооперативтар юридическай сирэй буолалларын быһыытынан бэйэни салайынар туспа органнаахтар, бэйэлэрэ үбүлэнэллэр. Потребительскай кооперативтары тэринии тыа сиригэр ордук табыгастаах. Потребительскай кооперация ситимигэр киирэллэр.