Кондаков Владимир Алексеевич
Кондаков Владимир Алексеевич — эмчит, суруйааччы, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Норуот эмчиттэрин ассоциациятын бочуоттаах бэрэсидьиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин суруйааччыларын Сойууһун чилиэнэ.
В. А. Кондаков 1939 сыллаахха сэтинньи 17 күнүгэр Бүлүү улууһун Дьөккөн нэһилиэгэр дьадаңы дьиэ кэргэңңэ төрөөбүтэ. Төрөөбүт нэһилиэгэр орто оскуоланы бүтэрэн, сэттэ сыл устатыгар колхоз производствотыгар үлэлээбитэ, тыа сирин хара үлэтин бары көрүңэр баҕаран туран эрчиллибитэ, онно ылбыт сатабыла кэлин олоҕор улахан өйөбүллээх буолбута. 1968 с. Владимир Алексеевич инники дьылҕатыгар улахан суолталаах көрсүһүү буолбута. Үөһээ Бүлүү аатырбыт ойууна Георгий Герасимович Герасимовтан көҥүл ылан, бэркэ кистээн эмтээһин эйгэтинэн дьарыктанан барбыта.
1967 сыллаахха Мастаах уонна Дьөккөн оскуолаларыгар директордаабыта. Сири-дойдуну, айылҕаны билэр баҕа санаатынан сирдэтэн, хоту Дьааңы улууһугар тиийэн Эңэ уонна Арыылаах оскуолаларыгар директордаабыта, учууталлаабыта. Учуутал быһыытынан оҕолорго сөбүлэппитэ, историк буолан дойду историятын кытта сибээстээн нэһилиэк биллиилээх дьоннорун үөрэппитэ, айылҕа дьиктилэрин, дьон дьикти дьылҕатын ойуулуур түгэннэри уруок быыһыгар сыһыаран кэпсиирэ.
1990 сыллаахтан Саха Республикатын народнай медицинатын ассоциациятын тэрийэн, онно бэрэсидьиэнинэн үлэлээн, норуот духовнай культуратын тилиннэриигэ, дьон доруобуйатын бөҕөргөтүүгэ дьоһуннаах үлэни ыыппыта. 1992 сылтан Норуот Эмтээһинин уонна Духуобунас Үрдүкү Оскуолатын, институтун аһан саха норуотун историятыгар бастакы профессиональнай таһымнаах норуот эмчиттэрин бэйэтэ оҥорбут анал программатынан бэлэмнээһини саҕалаабыта. 1998 сылга Норуот Эмтээһинин, Итэҕэлин научнай-чинчийэр «Үрүҥ Аар Тойон» общественнай тэрилтэни тэрийбитэ.
ЮНЕСКО иһинэн Киев куоракка норуот медицинатын Аан дойдутааҕы ассоциациятын норуоттар икки ардыларынааҕы Киинигэр үөрэнэн, норуот духовнай культуратын үөрэтээччи-чинчийээччи үрдүк аатын ылбыта.
Эдэрчи сааһыттан дьону эмтээһининэн дьарыктаммыт буолан, барыта 40 сыл усталаах-туоратыгар уонунан тыһыынча ыараханнык ыалдьар дьону атаҕар туруорбута. Кэнники сылларга народнай медицина уонна духовность институтун тэрийэн, саха норуотун итэҕэлин чөлүгэр түһэрэр дьоһуннаах үлэни ыыппыта.
В. А. Кондаков Саха Республикатын медицинскэй наукатын иһинэн норуот медицинатын үрдүкү институтун тэрийээччи быһыытынан, саха норуотун историятыгар аан бастаан айылҕаттан талааннаах эмчиттэри түмэн сыл ахсын семинардары тэрийэн үлэлэппитэ, саха биллиилээх учуонайдарыгар, суруйааччыларыгар лекциялары аахтарбыта. Норуот эмчиттэрэ былыргы эмтиир ньымаларын кистэлэңнэрин утумнаахтык үөрэтэн, дириң билиини уонна профессиональнай бэлэмнэниини ылбыттара.
В. А. Кондаков — Саха Республикатын Суруйааччыларын союһун чилиэнэ, биллиилээх прозаик (үс улахан роман, алта сэһэн, уонунан кэпсээннэр автордара этэ), лирик-поэт, үтүөкэннээх музыкант, сэдэх куоластаах ырыаһыт, самодеятельнай композитор.
Наҕараадалара уонна ааттара
- Бүлүү улууһун Ытык олохтооҕо[1]
Быһаарыылар
Ылыллыбыт сирэ
- «Ил Түмэн» хаһыат № 27 (17.07.09) Владимир Алексеевич Кондаков