Колесов Иннокентий Николаевич

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Колесов Иннокентий Николаевич (19262011) — сэрии оҕото.

Сэрии сылларыгар ааспыт оҕо саас

Ийэтэ эрдэ өлөн, 1940 сыллаахха үөрэнэ киирбит, 1941 с. окко оҕус сиэтэ сылдьан сэрии буолбутун истибит. Кини холкуоһуттан аан бастаан сэриигэ Потапов Василий Степанович диэн киһи соҕотоҕун барбыт. Чэркээччигэ оттуу сырыттаҕына ылан барбыттар, нэһиилэ дьиэтигэр киирэн уларыттар таҥаһын ылбыт. 1942 с. иккис кылааска үөрэнэ киирбит, бу сыл сайыныгар ыанньык ынахха көмөлөһөөччү бостуугунан үлэлээбит. Саас окко киириэх инньинэ холкуос үлэһиттэрэ сэриигэ барбыттар. Иккис кылааһы бүтэрэн алта дояркаҕа үүт отчуотчутунан үлэлээбитэ. Биирдии ынаҕынан суруйар буолан олус уустук үлэ этэ. Үһүс хомуурга эмиэ уолаттар сэриигэ барбыттар, онон кыра холкуоска үлэһитэ суох хаалбыттар. 1943 с. сүүс ынахха бостуугунан анаммыт. Ол спҕпнп күҥҥэ 4 ыыллар, ол иһин ынахтарын батыһа сылдьара. Бу сыл аҕата ыалдьан хаалан, ымын быыһыгар аҕатын ыарыылыыра. Күҥҥэ 5 киилэ үүт биэрэллэриттэн сороҕун суортан оҥорон иһэр, сороҕун аҕатыгар ынах хомуйа сылдьан хомуйбут сир аһыгар буккуйан биэрэр. 4 кылааска тулааах хаалан үлэлии барбыт. Сайын 1 га сири мунньар, 150 бугул бугуллуур. Кыһын 30 сылгыны биэрэн, 4 сиринэн аһатан кыстаппыт. Сэрии бүппүтүн туһанан үлэлии сылдьан истибит. Холкуостан сэриигэ барбыт дьонтон, 6 киһи эргиллибэтэх. 1946 сыллаахха Кыайыы ыһыаҕар Сталин төбөлөөх мэтээл биэрбиттэр.