Кир II Улуу

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Кир II Улуу
был.-перс. 𐎤𐎢𐎽𐎢𐏁 — Kuruš (ku-u-ru-u-š);
аккад.  Ku(r)-raš/-ra-áš; элам. Ku-raš;
арам. Kwrš; Адриан Колларт, 1590-с сыллар.
Флаг
Ахеменид Державатын ыраахтааҕыта
559 — 530 б. э. инн..
Предшественник Камбис I
Преемник Камбис II

Төрөөбүтэ около 600 б. э. и.
Өлбүтэ 530 б. э. и.
Көмүллүбүт сирэ Пасаргады
Ууһа Ахеменидтар
Аҕата Камбис I
Ийэтэ Мандана Мидийская
Кэргэн Кассандана
Оҕолоро уоллара: Камбис II, Бардия
кыыстара: Артистона, Атосса, Роксана
Итэҕэлгэ  сыһыана зороастризм
Логотип РУВИКИ.Медиа Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр

Кир II Улуу (Куруш) — перс ыраахтааҕыта, 559 б. э. инн.—530 б. э. инн. сылларга салайбыта.

Камбис I уола.

Кир төрүтэ

Источниктар

Үксүн төрүтүн туһунан Геродот суруйбут. Ктесий диэн былыргы гириэк историга кини туһунан суруйбут. Оригинальнай источникатар аҕыйахтар. Кир кыайыыларын, үтүө санаалаах дьайыыларын уонна өбүгэлэрин туһунан цилиндр эрэ хаалбыт.

Оҕо сааһа

Төрөөбүт күнэ-дьыла биллибэт. Оҕо сааһын туһунан үйүһээннэртэн эрэ билэбит.

Мидия утары өрө туруу

Кир перс биистэрин тойоно буолар. Тутаах биис пасаргадтар. Бары Мидия ыраахтааҕытыгар бас бэринэллэрэ.

553 б. э. инн. сыллаахха Кир Астиагы мидия ыраахтааҕытын утары барбыт. Сэрии үс сыл буолбут. Кир мидийдар кииннэрин Экбатаны ылбыт, Персия уонна Мидия ыраахтааҕы титулун ылбыт.

Кыра Азияны сэриилээһин

Лидияны сэриилээһин

Перс охчуттара

547 б. э. инн. сыллаахха Киликия бэйэ баҕатынан Кирга көспүт.

Геродот этэринэн, сэриини лидийдар ыраахтааҕылара Крез саҕалаабыт. 547 б. э. инн. сыллаахха лидийдар перстар бас билиилэригэр Каппадокияҕа саба түспүттэр. Птерий куорат аттытыгар кыргыһыы буолбут, биир да өрүт кыайбатах. Крез киинигэр - Саардыга чугуйбут. Перстар Сарды куораты осадаҕа ылбыттар, 14 күнүнэн Крезү туппуттар.

Ионияны, Карияны уонна Ликияны сэриилээһин

Пактий 546 б. э. инн. сыллаахха утары барбыт. Сарды куораты осадаҕа ылбыт. Кир полководеһа Мазар өрө турбуттары хам баттыы таҕыспыт. Пактий перстар сэрииһиттэрэ кэлэн иһэллэрин туһунан билэн куоппут.

Мазар гириэк куораттары сэриилии саҕалаабыт. Магнесия куораты ылбыт. Сотору буолан өлбүт, кини миэстэтигэр Гарпаг туруоруллубут.

Ионияны ылан баран карийдарга, кавнийдарга уонна ликийдарга сэриинэн барбыт. Карийдар бэриммиттэр. Кавнийдар уонна ликийдар утарсыспыттар, ол эрээри кыайтарбыттар. Гарпаг Лидияны нэһилиэстибэ салалтаҕа ылбыт.

Баабылы сэриилээһин

539 б. э. инн. сыллаахха саас перс армията Баабылга барбыт. Угбару, Гутиум наместнига Кир өрүтүгэр көспүт. Балаҕан ыйыгар Баабылы осадалаабыттар. Алтынньы ый 12 күнүгэр Угбару Баабылга киирбит.

Алтынньы ый 29 күнүгэр Кир Баабылга киирэр. Набонид, Баабыл ыраахтааҕыта, сыылкаҕа ыытыллыбыт.

Ахеменидтар державалара, VI б. э. инн. үйэ бүтүүтэ

Ойоҕо уонна оҕолоро

Ойоҕо Кассандана. Икки уол төрөөбүт, Камбиз II уонна Бардия, эбиитин үс кыыс, Атосса уонна Артистона. Үһүс кыыс аата Роксана диэн буолуон сөп.

Массагэттарга сэриинэн барыы. Кир өлүүтэ

Кир мавзолейа Пасаргадаҕа

Геродот туоһулааһынынан, Кир хоту-илин кыраныыссаны куттала суох оҥорорго массагэттары утары барбыт. Бастаан перс аармыйата кыайан испит, ол гынан сотору буолаат Киры уонна кини сэрииһиттэрин кыайбыттар. Геродот этэринэн, массагэттар ыраахтааҕылара Томирис өһү ситиһэргэ Кир төбөтүн кыһыл арыгыҕа тимирдибит[2]. Ол эрээри, Кир уҥуоҕа Пасагардаҕа баарын билэн, сорох учуонай бу түбэлтэ буолбатаҕа дии саныыллар.

Пасагардаҕа мавзолейа баар. Аристобул бу мавзолей туһунан суруйбута сөп түбэһэр.


Быһаарыылар