Каракозов Дмитрий Владимирович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Каракозов Дмитрий Владимирович
Каракозов.jpeg
Төрөөбүт күнэ 23 алтынньы (4 сэтинньи) 1840
Төрөөбүт сирэ
Өлбүт күнэ 3 (15) балаҕан ыйын 1866 (25 сааһыгар)
Өлбүт сирэ
Дойду
Үлэтэ политический активист
Логотип РУВИКИ.Медиа Биики Хааһахха миэдьийэ билэлэр
Каракозов Дмитрий Владимирович

Каракозов Дмитрий Владимирович (1842—1866) - революционер, Александр II ыраахтааҕыны өлөрө сатаабыт (1866 с. муус устар 4).

Дворянин. Саратов гимназиятыгар үөрэммит, 1861 с. Казааннааҕы университекка киирбит. 1865 с. Н.А. Ишутин кистэлэн уопсастыбатыгар киирбит, сэниэлээхтик хамсанары модьуйар эбит. 1866 сыл сааһыгар Петербурга барбыт. Манна кистэлэҥ революционнай уопсастыба тэрийиитигэр кыттыбыт. Уопсастыба салайааччыта - кини тастыҥ убайа Н.А. Ишутин. 1866 сыл муус устар ыйыгар ыраахтааҕыны ыппыт ол гынан баран таппатах. Үрдүкү холуобунай суут ыйаан өлөрөргө уураахтаабыт. Онтуката 1866 с. балаҕан ыйын 3 күнүгэр (саҥа истиилинэн 15) толоруллубут.

Уопсастыба атын кыттыылаахтарын тутан ылан Сибииргэ ыыталаабыттара.

Сигэлэр


Литература

  • Шикман А.П. Деятели отечественной истории. Биографический справочник. Москва, 1997 г.
  1. Каракозов Дмитрий Владимирович // Большая советская энциклопедия (рус.): [в 30 т.] / под ред. А. М. Прохоров — 3-е изд. — М.: Советская энциклопедия, 1969.