Каньон (ааҥл. canyon) - синньигэс гынан баран наһаа дириҥ хочо, өрүс кытаанах таас хайаны быһа көппүт сирэ. Туруору эркиннээх буолар. Үксүн кураайы сирдэргэ көстөр. Сорох каньоннар (холобур Гранд каньон) айылҕа чулуу көстүүлэринэн ааҕыллаллар.