Каин уонна Аабыл

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Каин Аабылы өлөрөр, Петер Паул Рубенс, 1600

Үөскээһин битигэ кэпсииринэн, Каин уонна Аабыл Адам уонна Ева төрөппүт икки бастакы уолаттара. Улахана Каин тараанньыт, кырата Аабыл маныыһыт. Арай биирдэ кинилэр Таҥараҕа ас бэлэхтэри биэрбиттэр. Каин үүннэрбит астарыттан биэрбит, онтон Аабыл хойун үөрүттэн бастакы төрөөччүлэри биэрбит. Таҥара Аабыл бэлэхтэрин ылбыт, Каин бэлэхтэрин ылбатах. Каин ону күнүүлээн кыыһыран Аабылы өлөрөн кэбиһэр. Бу кэнниттэн дьон-аймах өйдөбүлүгэр Каин бастакы өлөрүөхсүт, онтон Аабыл бастакы муҥнаах курдук биллэн хаалбыттара. Ол эрэн ини-биини өлөрүү сиһилии төрүөтүн, Таҥара Каин бэлэхтэрин тоҕо мыыммытын Биибилийэ быһаарбат.