Йосемит национальнай паарката
Йосемит национальнай паарката (ааҥл. Yosemite National Park), АХШ Калифорния штаатыгар баар, Сьерра-Невада хайаларынан, Йосемити-Крик өрүс хочотунан сытар. АХШ-ка бастакы харабылланар сир (1864 сылтан), 1890 сылтан национальнай паарка. Иэнэ 304 тыһ. га.
1864 сыл бэс ыйын 30 күнүгэр президент Авраам Линкольн Йосемит хочотун уонна баараҕай секвойя чараҥын харыстыыр туһунан сокуоҥна илии баттаабыт. Паарка улахан аҥаара бэрт кэрэ дьүһүннээх маһынан бүрүллүбүт, хонуулардаах, күөллэрдээх уонна күрүлгэннэрдээх хайа сирдэргэ сытар. Пааркаҕа туризм сайдыбыт (4 мөл. тахсча киһи сыл ахсын сылдьар). Пааркаҕа инньэлээх мастар, тыһыынча сыллаах баараҕай дендрон секвойята үүнэллэр. 80-ча көрүҥ кыыл үөскүүр.
Error: бастакы строкатыгар ойуу баар буолуохтаах | Бу ыстатыйаны тупсарарга?: |
Билэ:Emoji u1f5fa.svg | Бу географияҕа туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |