Илгэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Илгэ — саха мифологиятын өйдөбүлүнэн уйгу-быйаҥ төрдө буолар уонна киһиэхэ (холобур олоҥхо бухатыырыгар) күүс киллэрэр, үгүс үүнээйи симэһиниттэн оҥоһуллубут таҥараҕа тиксэрэр күндү убаҕас утах[1].

Көспүт суолтатыгар - баай-дуол, быйаҥ, уйгу.

Христианизм

Христиан теологията быһаарарынан, илгэ диэн Таҥара киһиэхэ биэрэр бэлэҕин өйдөбүлэ. Киһи илгэни күүс уонна санаа көтөҕүллүүтэ курдук иэйэр. Илгэ Таҥара үчүгэйин уонна аһымалын көрдөрөр.

Эбии көр

  • Илгэ (сурунаал) — Саха сиригэр тахсар тыа олоҕун туһунан сахалыы-нууччалыы суруйар сурунаал.
  • Илгэ (кыһа) - издательскай дьиэ (салайааччы Юрий Борисов) таһаарар. Кылаабынай эрэдээктэр Марина Тимофеева.

Быһаарыылар

  1. Булчут кинигэтэ. Хомуйан оҥордо В. Н. Сивцев, Дь., Бичик., 2017