Иккис сайыҥҥы олимпийскай оонньуулар

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Иккис сайыҥҥы олимпийскай оонньуулар 1900 сыллаахха ыам ыйын 14 күнүттэн алтынньы 28 күнүгэр дылы Париж куоракка буолбут. Бу оонньуу Аан дойду быыстапкатын кытта тэҥҥэ ыытыллыбыт. Оонньууга 997 кыттааччы, ол иһигэр 22 дьахтар кыттыбыт. 24 дойдуттан 95 кэмпилиэк мэдээли 20 спорт көрүҥэр ылбыттар.