Иккис Төрүн битигэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Иккис Төрүн битигэ (был.-гириэк. Δευτερονόμιον; ивр. דְּבָרִים‎‎, "Өстөр") диэн Тора уонна Эргэ Ыйаах бэһис бүтэһик битигэ. 34 бастаах. Инники түөрт битиктэр ис хоһооннорун хос кэпсиирин иһин Иккис Төрүн битигэ диэн ааттанар.

Иккис Төрүн битигин кэпсээнэ дьэбэриэйдэр Моисей дьэбэриэйдэргэ тиһэх ыҥырыыларын этэр. Таҥараны уонна Кини биэрбит төрүннэрин үөрэтиилэрин тутуһарга ыҥырар. Иккис Төрүн 6:4 хоһоонугар дьэбэриэй дьонун биир суолталаах үҥээһинэ (Шема Исраэль) баар: "Ыһыраайыл иһит: Кудай биһиги Таҥарабыт, Кудай биир соҕотох".