Ефимов Никодим Николаевич
Ефимов Никодим Николаевич (15.11.1928—1992) — физико-математическай билим доктора, профессор.
Олоҕун олуктара
- 1928 сыллаахха сэтинньи 15 күнүгэр Саха АССР Абый оройуонугар төрөөбүт.
- 1945—1949 сс. — Дьокуускайдааҕы педагогическай институт физмат факультетын студена.
- 1949—1952 сс. — Абый оройуонун Дружина орто оскуолатыгар физика уонна математика учуутала, завуч.
- 1952—1956 сс. — ССРС НА Саха Сиринээҕи филиалын физика проблематын лабораториятын лаборана (1962 сылтан — космофизическэй чинчийиилэр уонна аэрономия Института).
- 1962—1992 сс. — Институтка бастакы учуонай секретарь, комплексная экспедиция начальнига, лаборатория сэбиэдиссэйэ, Институт директорын солбуйааччыта.
- 1967 с. — физико-математическай билимнэр кандидаттарыгар «Временные вариации широких атмосферных ливней космических лучей» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
- 1985 с. — физико-математическай билимнэр доктордарыгар «Широкие атмосферные ливни от космических лучей» тиэмэҕэ диссертациятын ситиһиилээхтик көмүскээбит.
- 1988 с. — «Физика атомного ядра и космических лучей» идэҕэ профессор аата иҥэриллибит.
Наҕараадалара уонна ытык ааттара
- Ленин бириэмийэтин лауреата (1982)
- ССРС НА Сибиирдээҕи салаатын үтүөлээх бэтэрээнэ (1982)
- Саха АССР билимин үтүөлээх деятелэ
- «Бочуот Знага» уордьан
- Абый улууһун Ытык олохтооҕо[1]
Аатын үйэтитии
- ШАЛ билим полигонун коллектива күүстээх атмосфернай ардахха «Никодим Ефимов» аатын биэрбит (1992)
- Н. Н. Ефимов аата Абый улууһун Үрүҥ Хайа гимназиятыгар иҥэриллибит[2] (2003)
Быһаарыылар
- ↑ Официальный информационный портал Республики Саха (Якутия): Абыйский улусПочетные граждане, известные личности
- ↑ Указ Президента РС(Я) от 28.12.2003 № 1369 «О присвоении имени Ефимова Никодима Николаевича Белогорской гимназии Абыйского улуса Республики Саха (Якутии)»
Сигэлэр
- Институт космофизических исследований и аэрономии имени Ю. Г. Шафера: Ефимов Никодим Николаевич
- МОУ «Белогорская гимназия имени Н. Н. Ефимова»: Никодим Николаевич Ефимов
Билэ:Creative-Tail-People-asistante.svg | Бу киһи туһунан сиппэтэх ыстатыйа. Көннөрөн уонна эбэн биэрэн УРУБИИКИ көмөлөһүөххүн сөп. |