Дүҥүр

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Дүҥүр — былаайаҕынан охсон тыаһатар тэрилэ. Ис өттүгэр тимир аарыктаах, хоболоох буолар. Ойуун айанныыыр атын курдук өйдөбүллээх[1].

Оҥоһуута

Киил мастан оҥоһуллубут ньолбоҕор быhыылаах иигэ оҕус тириитин тиирэн оҥороллор. Ии ис өттүгэр, ортотугар тимир быарыктаах (кириэстии баайыллыбыт тимир тоhоҕолор) буолар. Быарык иигэ үүттэммит анал хайаҕастарга (бүөр диэн ааттаах) баайыллара- туттарыллара. Хойутуу ии ис-тас өттүгэр эгэлгэ хоболору, кыыhааннары иилэр буолбуттара.

Туттуу

Өссө маны көр

Билиҥҥи кэмҥэ сахаҕа уонна зороастризм итэҕэлигэр баар, суруллан хаалбыт өйдөбүллэртэн холбоон дуҥур өйдөбүл туhунан маннык хартыынаны көрүөххэ сөп. Түҥ былыр Сүҥкэн Эрили Хомпоруун Хотой Айыыга (кини биир аата: Улуу Тойон) анаан кыhыары күhүн туом толороллоро. (Кулаковский «научн. труды». Якутск.1979 г.-18 стр). Санаан көрдөххө, туом үрдүк сиргэ(Эт Мурааҥҥа) толоруллара буолуохтаах. Дьэ, туомун ситэрэн баран түhэллэр. өтөр кэминэн ол сиргэ (араҥаска) тыҥырахтаах көтөр (Айыы диэн өйдөнөрө) түhэрэ. Төhө эрэ кэм буолан баран, кэтии- көрө сылдьан, жрец Эт Мурааҥҥа тахсар уонна үрдүк айыы аҕа ууhугар (омукка) сыhыанын билгэлиир. Барыта этэҥҥэ буоллаҕына, араҥас (ньолбоҕор быhыылаах иигэ тиириллибит тирии) ол кэмтэн ыла Айыы «бэлэҕэ»- дуҥур буолара.

өссө көр: Итэҕэл-ойуун эттэниитэ- түөрт харахтаах ыт.

Өссө маны көр

  • Эттэнии

Быһаарыылар

  1. Саха тылын быһаарыылаах улахан тылдьыта. III туом, Новосибирскай, Наука, 2006 ISBN 5-02-032332-2