Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Серго Орджоникидзе аатынан Дьокуускайдааҕы мэдиссиинэ кэллиэһэ — өрөспүүбүлүкэ эмп-том, доруобуйа харыстабылын үлэһиттэрин бэлэмниир саамай кырдьаҕас кыһата.


Устуоруйата

1906 сыллаахха балаҕан ыйын 2 күнүгэр бу үөрэх кыһатын бастакы педагогтарын мунньаҕа буолбут. Бу күн колледж тэриллибит күнүнэн ааҕыллар. Аан бастаан үөрэх тэрилтэтэ эр дьон үөрэнллэригэр аналлаах биэксэл оскуолатын быһыытынан үлэлээбит. Бастакы үөрэххэ 20 киһи киирбит, онтон 13-һэ сыылкаҕа сылдьааччылартан көҥүл истээччи (вольнослушатель). Олохтообут киһи — В. А. Вонгродскай быраас. Бу киһи 1897 с. ахсынньыга Иркутскай губерния быраастарын I сийиэһигэр Дьокуускайга туспа биэксэл оскуолатын арыйар туһунан тыл эппит. Бастакы учууталларынан А. И. Левицкэй, В. И. Диваев, Н. Г. Юдин буолбуттар.

Кэлин 1915 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медицина техникума диэн ааты ылбыт. Онтон 1925 сыллаахха — Дьокуускайдааҕы биэксэл-акушер оскуолата диэн ааттанар. 1953 сыллаахха Дьокуускайдааҕы медицина училищата. Онтон 1993 сылтан билиҥҥи аатын ылбыт — Дьокуускайдааҕы медицина базовай колледжа.

Колледж туһунан ыстатыйалар

  • Якутский базовый медицинский колледж : к 90-летию со дня основания, 1906—1996 : материалы к истории / Гос. ком. по высш. шк., науке и техн. политике, М-во здравоохранения РС (Я); сост. : Т. Н. Лебедева [и др.]. — Якутск : Полиграфист, 1996. — 78 с. : ил.
  • Бурнашев, И. Эмчиттэр кыhалара // Кыым. — 1989. — Ыам ыйын 4 к.
  • Ермолаев, А. Медицинскэй училище5а // Кыым. — 1987. — Олунньу 20 к.
  • Лебедева, Т. Саха сирин эмчиттэрин бастакы кыhалара : [Дьокуускайдаа5ы мед. колледж директорын Т. Н. Лебедеваны кытта бэсиэдэ / кэпсэттэ И. Кузьмин] // Саха сирэ. — 2001. — Алтынньы 31 к.
  • Лебедева, Т. Н. Биhиэхэ, медицинскэй колледжка : [Мед. колледж 90 сыла : кэпсииллэр колледж дир. Т. Н. Лебедева, В. Николаев / кэпсэттэ Б. Павлов] // Саха сирэ. — 1996. — Алтынньы 19 к.
  • Лебедева, Т. Н. Медицинскэй колледж ХХI уйэ кадрдарын бэлэмниир : [Дьокуускайдаа5ы мед. колледж дир. Т. Н. Лебедева интервьюта / интервьюну ылла В. Федоров] // Сахаада. — 1994. — Муус устар 14 к.
  • Барашков, Н. В 90 лет жизнь только начинается : [юбилей медучилища им. С. Орджоникидзе] // Респ. Саха. — 1996. — 20 февр.
  • Воробьева, Е. Год за годом, поколение за поколением… // Респ. Саха. — 1996. — 31 мая
  • Карпов, Е. Кузница медицинских кадров : [к 95-летию со дня основания] // Эхо столицы. — 2001. — 19 окт.
  • Лебедева, Т. Обучаем фельдшеров по международным стандартам // Мед. газ. — 1996. — 10 янв.
  • Лебедева, Т. Н. Якутский базовый медицинский колледж ; Иванова, М. Н. Образовательный процесс в Якутском базовом медицинском колледже // Якутский медицинский журнал. — 2003. — N 2. — С. 28-30 ; 30-32.
  • Маркова, Е. Колледж празднует день рождения // Молодежь Якутии. — 1996. — 11 сент.
  • Тимофеев, Л. Ф. Медицинское образование и наука // Тимофеев Л. Ф. Развитие здравоохранения в Якутии. — Якутск, 2003. — С. 25 ; 43 ; 60-61.
  • 80 лет со дня открытия Якутского медицинского училища // Якутия-1986 : крат. список лит. к знаменат. и памят. датам респ. — Якутск, 1985. — С. 30. — Библиогр.: 8 назв.