Диэрби киин бибилитиэкэтэ

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Диэрби киин бибилитиэкэтин дьиэтэ (Диэрби түмэлин уонна уус-уран галереятын кытта туттуллар)

Диэрби киин бибилитиэкэтэ (Диэрби куорат киин бибилитиэкэтэ. Куорат Кафедра кыбартаала диэн ааттанар оройуонугар кыһыл киппииччэттэн Ричард Нилл Фримен бырайыагынан Майкл Басс-кыра диэн киһи үбүнэн тутуллубут дьиэ.

Диэрбигэ бастакы куруук үлэлиир бибилитиэкэ 1811 сыллаахха Квин-стриткэ аһыллыбыта; 1832 сыллаахха бу тэрилтэни харчы төлөөн туран 84 киһи туһанар эбит. 1863 сыллаахха Александр Кроолл диэн ботаник бибилитиэкэринэн анаммыт, нөҥүө сылыгар бибилитиэкэ түмэли кытта холбоспут.