Джоан Кэтлин Роулинг

Джоан Роулинг (ааҥл. Joanne Rowling; род. От ыйын 31 1965(19650731)[1]), псевдонимнара Дж. К. Роулинг (J. K. Rowling)[2] уонна Роберт Гэлбрейт (Robert Galbraith), — британия суруйааччыта, Гарри Поттер туһунан ромааннар сиэрийэлэрин суруйбутунан биллэр. Поттер туһунан кинигэлэрэ хас да литэрэтиирэ наҕараадатыгар тиксибиттэрэ, 400 мөлүйүөнтэн тахса экземплярынан атыыламмыттара[3]. Устуоруйаҕа саамай элбэхтик атыыламмыт кинигэ сиэрийэтэ буолбуттара[4] ону таһынан ол кинигэлэргэ олоҕурбут киинэ сиэрийэлэрэ устуоруйаҕа саамай элбэх харчыны киллэрбиттэрэ[5]. Роулинг киинэлэрин сценарийин бэйэтинэн бигэргэтэр[6] уонна продюсердаан киинэ устуутун быһаччы хонтуруоллуур эбит[7].

Роулинг Гарри Поттер туһунан бастакы ромаанын суруйарыгар «Международная амнистия» тэрилтэҕэ билим үлэһитэ уонна тылбаасчыт этэ. Бэйэтэ ахтарынан 1990 сыллаахха Манчестертан Лондоҥҥа баран истэҕинэ оннук санаа көтөн түспүт[8]. Ол кэннэ ийэтэ өлөр, бастакы кэргэниттэн арахсар уонна аас-туор олоххо олорор. Онтон 1997 сыллаахха «Гарри Поттер уонна бөлөһүөк тааһа» диэн бастакы ромаанын бэчээттээн эмискэ аатырар уонна байар. Кэлин 6 сиквелы суруйан таһаартарар — тиһэҕэ «Гарри Поттер уонна Өлүү Бэлэхтэрэ» (2007), — уонна ити сиэрийэҕэ 3 эбии суруйууну таһаартарар. Ол кэнниттэн улахан дьоҥҥо суруйан барар, 2012 сыллаахха «Быстах вакансия» трагикомедияны уонна — «Роберт Гэлбрейт» диэн аатынан — «Кэҕэ ыҥырыыта» (2013) итиэннэ «Шелкопряд» (2014) диэн криминал романнара тахсаллар.

Быһаарыылар

  1. JK Rowling Biography (ааҥл.)
  2. BBC's secret guide to avoid tripping over your tongue(ааҥл.), Daily Telegraph (19 October 2006). Сигэнии күнэ: 17 Сэтинньи 2011.
  3. Flood, Alison. Potter tops 400 million sales (англ.). theBookseller.com. The Bookseller (17 Бэс ыйын 2008). Сигэнии күнэ: 12 Балаҕан ыйын 2008. Архивировано 30 Ыам ыйын 2012 года.
  4. Record for best-selling book series (англ.). Guinness World Records. Сигэнии күнэ: 18 Муус устар 2012. Архивировано 25 От ыйын 2013 года.
  5. Movie Franchises and Brands Index (англ.). Box Office Mojo. Сигэнии күнэ: 19 Ахсынньы 2012. Архивировано 25 От ыйын 2013 года.
  6. Exclusive Video Interview: 'Harry Potter' Producer David Heyman (англ.). firstshowing.net (2010). Сигэнии күнэ: 29 Ахсынньы 2010. Архивировано 25 От ыйын 2013 года.
  7. Warner Bros. Pictures Worldwide Satellite Trailer Debut: Harry Potter and the Deathly Hallows Part 1 (англ.). Businesswire (2010). Сигэнии күнэ: 29 Ахсынньы 2010. Архивировано 25 От ыйын 2013 года.
  8. Shapiro, Marc (2000). J.K. Rowling: The Wizard Behind Harry Potter. New York: St. Martin's Press. ISBN 0-312-32586-X. http://books.google.com/?id=7WZSQJ6aAwEC&dq=J.K.+Rowling.