Джейн Чен

Джейн Мэри Чен (ааҥл. Jane Marie Chen; төр. 1978 сыл ахсынньы 5 күнэ[1]) — АХШ урбаанньыта, мэдэссиинэ тэрилин оҥорор Embrace Global хампаанньалар тэрийсээччилэрэ.

Чен — TED спикерэ[2], Аан дойдутааҕы экэниэмикэ пуорумун Young Global Leader, Economist Innovation Award уонна Fast Company Innovation Award наҕараадаларын хаһаайката. 2013 сылга Шваб социальнай урбанизм пуондатын Чены сыл биир бастыҥ социальнай урбаниһа диэн ааттаабыта, оттон Forbes сурунаал кинини аан дойду 30 сүрүн социальнай урбаниһын ахсааныгар киллэрбитэ[3]. 2025 сылга Penguin Random House издательствонан Джейн Мэри Чен мемуардарын бэчээттээһин былааннанар.

Биография

Джейн Чен, Тайваньтан төрүттээх американка, 1978 сыллаахха төрөөбүтрэ. Калифорния Апленд оскуолатыгар үөрэммитэ. Ол кэннэПомон еэллиэһигэр, Гаарвард уонна Стэнфордс үнүбүрсүтүөттэригэр үөрэммитэ. Сайдар дойдуларга доруобуйа харыстабылын эйгэтигэр үлэлээбитэ, кэммиэрсийэтэ суох тэрилтэлэри кытта, ол иһигэр Клинтон пуондатын кытта үлэлэспитэ[4].

Стэнфордка үөрэнэр кэмигэр устудьуоннар бөлөхтөрө, ол иһигэр Джейн Чен, Рахул Паникер, Линус Лиан уонна Нагананд Мурти, преподавателлэрин ыйыытынан сайдан эрэр дойдулар дьадаҥы оройуоннарыгар туһаныллыахтаах оҕо инкубааторын оҥоруунан дьарыктаммыттара[5]. Оҥоһуллубут инкубаатор туттарга судургу, уота суох үлэлиир уонна сыаната ырыынакка баар дьүөрэлээхтэриттэн удамыр эбит. Сыл буолан баран хамаанда Embrace хампаанньаны арыйбыта, ол кэннэ — Embrace Innovation. Бастакылара — кэммиэрсийэтэ суох тэрилтэ, үксүгэр дьадаҥы оройуон клииникаларын инкубааторынан хааччыйар, иккис — кэммиэрсийэлээх түмэт урбаан тэрилтэтэ, инкубаатордары кыахтаах клииникаларга атыылыыр, киирбит дохуотун чааһын Embrace хампаанньаҕа аһардар[6]. Embrace Innovations аһыллыаҕыттан 2012 сылтан Чен хампаанньа толорооччу дириэктэрэ[7].

2013 сыллаахха Шваб түмэт урбаанын пуондата Чены сыл түмэт урбаанынан биллэрбитэ[8], журнал Forbes включил её в число 30 главных социальных предпринимателей мира[9].

Быһаарыылар

  1. 1 2 Davos 2014 Participant List
  2. A warm embrace that saves lives (англ.). Сигэнии күнэ: 5 Атырдьах ыйын 2025.
  3. Jane Chen - Jane Chen's Forbes Site (англ.). Forbes. Сигэнии күнэ: 5 Атырдьах ыйын 2025.
  4. Ellen Lee. Embrace may keep babies warm - and alive (англ.). SF Gate. Сигэнии күнэ: 12 Ыам ыйын 2015.
  5. Shilpa Kannan. The low cost technology saving premature babies' lives (англ.). BBC News (26 Атырдьах ыйын 2013). Сигэнии күнэ: 12 Ыам ыйын 2015.
  6. Raina Assainar. Embracing new born lives in a warm cuddle, Embrace Innovations (англ.). Social Story (12 Бэс ыйын 2013). Сигэнии күнэ: 28 Муус устар 2015.
  7. Jane Chen. Should Your Business Be Nonprofit or For-Profit? (англ.). Harvard Business (1 Олунньу 2013). Сигэнии күнэ: 28 Муус устар 2015.
  8. Social Entrepreneurs of the Year 2013 (англ.). Schwab Foundation (20 Кулун тутар 2013). Сигэнии күнэ: 28 Муус устар 2015.
  9. Impact 30 (англ.). Forbes. Сигэнии күнэ: 12 Ыам ыйын 2015.