Георгий (Юрий) I Владимирович Рюрикович

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Георгий (Юрий) I Владимирович Рюрикович, биллэр аата Юрий Долгоруукай - Русь 26-с, 29-с, 32-с уонна 36-с салайааччыта. Бастаан 1149 сыллаахха Изяслав II кинээһи кыайан Киевы ылбыт, онтон нөҥүө сылыгар Изяслав II иһэрин истэн күрээбит. Ол эрээри киин куораты Вячеслав Владимирович Рюрикович ыла сылдьыбыт. Онтон кинини аҕыйах хонугунан Изяслав II үүрбүтүн кэннэ Галиция кинээһин өйөбүлүн туһанан Георгий төттөрү кэлэр. Ол сыл күһүнүгэр, сэтинньигэ Изяслав II аны венгрдары уонна да атын сойуустаахтарын кытта кэлэр, Георгий эмиэ куораттан тахсан биэрэр. Онтон 1152 сыллаахха туспа улуу кинээс бөрөстүөлүн Суздаль куоракка олохтуур. Онон 1152-1155 сылларга Русь икки туспа княжестволарга арахса сылдьыбыта.

Ол кэннэ 1155 сыллаахха Киевы ол саҕана кинээстии олорбут Изяслав III кинээстэн күһэйэн ылбыта. Онон судаарыстыба эмиэ биир салайааччыламмыта. Ол гынан баран 1157 сыллаахха сүһүрэн өлбүтүн кэннэ Русь эмиэ икки кинээстэммитэ[1].

Онон кини өлбүтүн кэнниттэн Киевкэ Андрей Юрьевич (Георгиевич) Владимир-Суздальскай бөрөстүөлгэ олорбут.

Быһаарыылар

  1. Коммерсантъ Рейтинг, альманах, тохсунньу 14, 2008