Геоморфология
Геоморфология диэн сир ньуурун үөрэтэр уонна ойуулур наука. Үксүн бу тиэрмининэн байҕаллартан атын сирдэри (материктары, арыылары, континент иһинээҕи байҕал-күөллэри, күөллэри) уонна байҕаллар, далайдар (акыйааннар) кытылларын зонатын чинчийэр үөрэҕи ааттыыллар.
Литосфера чаастарын ньуурун форматын бөлөҕүн рельеф диэн ааттыыллар. Рельеф тус-туһунан элэмиэннэртэн - элэмиэнтарнай формалартан турар. Кинилэр уларйыыларыттан уонна бэйэ-бэйлэригэр сыһыанарыттан геоморфологическэй ландшафт үөскүүр. Ол ландшафка географическэй ландшафт олоҕурар.
Биһиги харахпытыгар көстөр рельеф маннык характеристикалардаах:
- элэментарнай формалар тас (геометрическэй) омоонноро;
- улаханнара
- гипсометрическэй балаһыанньата (абсолютнай уонна относительнай);
- саҕахха сыһыанынан
- тулалыыр формаларга сыыанынан.
Ол гынан баран геоморфология, наука буоларын быһыытынан тас эрэ көстүүнү ойуулааһынан түмүктэммэт. Сүрүн соруга атыҥҥа - рельеф уонна кини элэмиэннэрэ хайдах сайдыбыттарын, тоҕо маннык буолбуттарын үөрэтии.
Ол иһин сир ньууру классификацията формальнай эрэ буолуо суохтаах, айыллыбыт айылҕатын (генетикатын) эмиэ көрүөхтээх. Ол да буоллар тас бэлиэлэр геоморфологияҕа син биир олох буолаллар.
Геоморфологияҕа маннык формалары араараллар: судургу, эбэтэр элементарнай уонна уустук. Бастакылар биир кэлим уонна тас омоонноро судургу буолаллар (холобур: дюна, воронка, бүлүүһэ уо.д.а.). Иккистэр, таҥнарытын, тас көрүҥнэрэ тус туһунан элэмиэннэр холбоспуттарыттан тахсаллар (холобур: хайа сиһэ, күөллээх эбэтэр кураанах оҥхой уо.д.а.). Судургу формалар геоморфология лнадшаабыгар организмҥ саанык оруолун оонньууллар: хайдах элэмиэнтэн турар да рельеф тас көстүтэ онтон тутулуктана.
Онон геоморфология анаалыһын бастакы соругунан уустук форманы судургу формаларга араарыы буолар.