Географическай балаһыанньа

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Географическай балаһыанньа — Географическай балаһыанньата — сир үрдүгэр баар ханнык эмэ объект кинилиин хардарыта дьайсар, кинини кытта ханнык эмэ сибээстээх атын объектары кытта сыһыаннаһыыта. Атын объектар туһааннаах объекка куһаҕаннык да, үчүгэйдик да дьайыахтарын сөп, онтон Г. б. табыгастаах уонна табыгаһа суох диэн сыаналанар. Г. б. тулалыыр эйгэ быһыыта-майгыта уларыйарыттан тутулуктанан уларыйа туруон сөп.


Ылыллыбыт сирэ

География терминнэрин тылдьыта/ Г. Н. Максимов, А. И. Сивцева; [науч. Ред Босиков Н. П., Оконешников Е. И.; рец. Гоголева П. А., Михайлова Т. В.] — Маннайгы тахсыыта. — Дьокуускай: Бичик, 1993. − 112 с. ISBN 5-7696-0229-5