Габриэль Крамер
Габриэ́ль Кра́мер (Женева, Иоганн Бернулли үөрэнээччитэ уонна доҕоро, "линейнай алгебра" төрүттээччилэриттэн биирдэстэрэ.
Олоҕун олуктара
Крамер боронсуус тыллаах быраас дьиэ кэргэнигэр Швейцарияҕа 1707 сыллаахха төрөөбүтэ. Оҕо эрдэҕиттэн математикаҕа дьоҕурдааҕын көрдөрбүтэ. 18 сааһыгар диссэртэссийэ көмүскээбитэ. 20 сааһыгар Женева университетыгар философия хаапыдыратыгар преподаватель дуоһунаһыгар сайабылыанньа биэрбит. 3 хандьыдаат үһүөн үчүгэй таһымнаахтарын көрдөрөннөр, магистрат туспа математика хаапыдыратын тэрийэн үһүөннэрин үлэҕэ ылбыта, уонна бэйэлэрин харчыларыгар уочаратынан айанныыр быраап биэрбитэ.
Иоганн Бернуллига уонна Эйлерга Базельга, Галлейга уонна де Муаврга Мопертюига уонна Клероҕа Парижка уонна да атыттарга. Төннөн баран кинилэри кытта суруйсар буолбута.