Бүтүн көрдөрөөччүлээх степень

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт

Күн маассата кг, оттон водород атомын маассата — кг тэҥин справочнай литератураҕа булан көрүөххэ сөп. диэн суруллуу отут хас биирдиитэ уоҥҥа тэҥнэһэр төгүллээччилээх үөскэми көрдөрөр.

чыыһыла уо.д.а. көрдөрөөччүлээх степенин утумунан суруйуохха. Строка буллубут:

(1)

Бу строкаҕа хас биирдии чыыһыла кэлин чыыһылаттан 10 төгүл кыра. Хаҥас диэки итинник сокуонунан (1) строканы салҕаатахха,   иннинэ кэлэрин суруйабыт, , иннинэ чыыһыланы,    иннинэ   чыыһыла уо.д.а. Ылабыт:

(2)

(2) строкаҕа чыыһылаттан уҥа хас биирдии степень көрдөрөөччүтэ кэнниттэн кэлэр степень көрдөрөөччүтүттэн 1-нэн кыра. Ити сокуону чыыһылаларга тарҕата таарыйа, чыыһыла иннигэр мэлдьэхтээх көрдөрөөччүлээх степеннэринэн суруйаллар.   оннугар суруйаллар,  оннугар суруйаллар, оннугар суруйаллар уо.д.а. Ылаллар:

Онон, көрдөрөр , көрдөрөр , көрдөрөр уо.д.а. Итинник сөпсөһүү нуултан ураты ханнык баҕарар степень олоҕор ылыллар.

Быһаарыы

уонна - мэлдьэхтээх бүтүн чыыһыла буоллаҕына, оччоҕо

Ити быһаарыынан туһанан, булуоҕуҥ

этиллии бүтүн мэлдьэхтээх -ҥа (оннук курдук эмиэ) өйдөбүлэ суох. Өйдөөҥ, натуральнай эрэ буоллаҕына, этиллии өйдөбүллэнэр уонна суолтата 0 тэҥнэһэр.

Пуун иннигэр көрүллүбүт холобурбутугар төннүөҕүҥ. Водород атомын көрдөрөр кг суруллууну билигин биһиги билэбит:

кг кг кг кг.

Свойстволара

Эһиэхэ биллэр натуральнай көрдөрөөччүлээх степеннар свойстволара ханнык баҕарар бүтүн көрдөрөөччүлээх степеҥҥэ сөптөөхтөр (степень олоҕо 0 тэҥэ суоҕун курдук көрдөххө). Чуолаан: ханнык баҕарар , ханнык баҕарар уонна .

ханнык баҕарар , уонна ханнык баҕарар бүтүн

1 холобур

үөскэми уларытыаҕыҥ.

Тэҥ олохтоох степеннэри төгүллээһиҥҥэ олоҕун бэйэтинэн хааллараллар, оттон степеннэр көрдөрөөччүлэрин эбэллэр:

2 холобур

өлүүнү уларытыаҕыҥ.

Тэҥ олохтоох степеннэри төгүллээһиҥҥэ олоҕун бэйэтинэн хааллараллар, оттон түҥэтиллээччи степенин көрдөрөөччүтүттэн түҥэтээччи степенин көрдөрөөччүтүн көҕүрэтэллэр.

Онон:

3 холобур

этиллиини судургутуохха.

Үөскэми степеҥҥэ таһаарыыга хас биирдии төгуллэһээччини ол степеҥҥэ таһаараллар уонна түмүктэри төгүллүүллэр. Степени степеҥҥэ таһаарыыга олоҕун уруккутунан хааллараллар, оттон степень көрдөрөөччүлэрин төгүллүүллэр.

Онон:

Чыыһыла бигэргэммит көрүҥэ

Наукаҕа уонна техникаҕа наһаа улахан уонна наһаа кыра ууруктаах чыыһылалар көрсөллөр. Холобур, улахан Сир сабардама бэриллэр - км3 , оттон кыранан м тэҥнэһэр уу молекулатын диаметра.

уонна чыыһылалар хас биирдиилэрин 1 уонна 10 икки ардыларынааҕы чыыһыла үөскэмин быһыытынан уонна 10 чыыһыла степенигэр сөп түбэһэр гына көрдөрүөҕүҥ:

Биһиги уонна чыыһылалары бигэргэммит көрүҥҥэ суруйдубут. Итинник көрүҥҥэ ханнык баҕарар ууруктаах чыыһыланы киллэриэххэ сөп.

чыыһыла бигэргэммит көрүҥүнэн суруллуу уонна - бүтүн чыыһыла буоллахтарына ааттанар. чыыһыла чыыһыла бэрээдэгинэн ааттанар. Холобур бэрээдэгэ 12 тэҥ, оттон -10 тэҥ.

Чыыһыла бэрээдэгэ ол чыыһыла төһө улаханын эбэтэр кыратын көрдөрөр.

1 холобур

чыыһыланы бигэргэммит көрүҥүнэн көрдөрүөҕүҥ.

Бүтүн чааһыгар биир сыыппара хааларын курдук, чыыһылаҕа запятойда туруоруоҕуҥ. Түмүгэр ылабыт. уҥа сыыппараны запятойунан арааран, биһиги чыыһыланы төгүл кыччатабыт. Ол иһин чыыһылатааҕар төгүл улахан. Онон:

2 холобур

чыыһыланы бигэргэммит көрүҥҥэ киллэриэҕиҥ.

Бүтүн чааһыгар нуултан ураты биир сыыппара баарын курдук, чыыһылаҕа запятойу сыҕарытыаҕыҥ. Түмүгэр буолуо. Запятойу 4 бэлиэнэн уҥа сыҕарытан, биһиги чыыһыланы төгүл улаатыннардыбыт. Онон:

3 холобур

түҥэтэбит :

Түҥэтээччилээх түҥтиллээччини төгүллээн баран -ри -ка түҥэттэхпинэ, тахсар:

Туттуллубут литература

Алгебра: Орто оск. 8 кыл. учебнига / Ю. Н. Макарычев, Н. Г. Миндюк, К. И. Нешков, С. Б. Суворова. — 1-кы тахсыыта. — Дьокуускай: "Бичик" нац. кинигэ кыһата, 1995. — 240 с. ил.

Оҥордо: Федоров Байытаан, ФИИТ-17