Былыргы түүр бичигэ
Былыргы түүр бичигэ (Орхон-Енисей бичигэ) диэн V-с үйэттэн биһиги эрабыт X үйэтигэр дылы туттуллубут сурук-бичик. Билиҥҥи чинчийэччилэргэ бастаан Орхон уонна Енисей өрүстэр кытылларыгар көстүбүттэр. Сороҕар рунанан сурук дииллэр, былыргы германскай руналарга майгынныырын иһин (сорох руналар ойуутунан эрэ буолбакка, суолтатынан эмиэ сөп түбэсиһэллэр).
Сурук тутула
Хойукку сайдыбыт кэмигэр (VIII үйэҕэ) 38 буукубаттан уонна тыл араарар бэлиэттэн турар эбит. Сурук хайысхата сытыары, уҥаттан хаҥас.
Бэлиэлэр таблицалара
Туттуллуута | Бэлиэлэр | Транслитерация уонна транскрипция | ||||||
---|---|---|---|---|---|---|---|---|
аһаҕас дорҕооннор | A | /a/, /e/ | ||||||
I | /ɯ/, /i/, /j/ | |||||||
O | /u/, /o/, /w/ | |||||||
U | /ø/, /y/, /w/ | |||||||
Бүтэй дорҕооннор | сочетающиеся | (¹) — кэлин, (²) — илин аһаҕас дорҕооннору кытта |
B¹ | /b/ | B² | /b/ | ||
Билэ:Old Turkic letter D2.svg | D¹ | /d/ | D² | /d/ | ||||
G¹ | /g/ | G² | /g/ | |||||
L¹ | /l/ | L² | /l/ | |||||
N¹ | /n/ | N² | /n/ | |||||
R¹ | /r/ | R² | /r/ | |||||
Билэ:Old Turkic letter S1.svg | S¹ | /s/ | S² | /s/ | ||||
T¹ | /t/ | T² | /t/ | |||||
Билэ:Old Turkic letter Y1.svg | Y¹ | /ʤ/ | Y² | /ʤ/ | ||||
только с (¹) — Q только с (²) — K |
Билэ:Old Turkic letter K.svg | Q | /q/ | K | /k/ | |||
с любыми гласными |
-Ç | /ʧ/ | ||||||
-M | /m/ | |||||||
-P | /p/ | |||||||
-Ş | /ʃ/ | |||||||
-Z | /z/ | |||||||
Билэ:Old Turkic letter NG.svg | -NG | /ŋ/ | ||||||
сочетания | + гласный | Билэ:Old Turkic letter ICH.svg | IÇ, ÇI, Ç | /iʧ/, /ʧi/, /ʧ/ | ||||
Билэ:Old Turkic letter IQ.svg | IQ, QI, Q | /ɯq/, /qɯ/, /q/ | ||||||
OQ, UQ, QO, QU, Q |
/oq/, /uq/, /qo/, /qu/, /q/ |
ÖK, ÜK, KÖ, KÜ, K |
/øk/, /yk/, /kø/, /ky/, /k/ | |||||
+ согласный | Билэ:Old Turkic letter NCH.svg | -NÇ | /nʧ/ | |||||
Билэ:Old Turkic letter NY.svg | -NY | /nʤ/ | ||||||
Билэ:Old Turkic letter LT.svg | -LT | /lt/, /ld/ | ||||||
Билэ:Old Turkic letter NT.svg | -NT | /nt/, /nd/ | ||||||
тыллары араарар бэлиэ | Билэ:Old Turkic letter SEP.svg | суох | ||||||
(-) — тыл кэннигэр эрэ суруллаллар |
Ааҕыы холобура
Билэ:Old Turkic letter NG.svg — уруһуйданыыта (уҥаттан хаҥас ааҕыллар)
T²NGR²I — транслитерация (эпиграфическай)
/teŋri/ — транскрипция (ru:МФА)
teñri — транслитерация (билиҥҥи түүр латиницата)
Сурук историята
Бу бичигинэн саамай былыргы суруктар (V—III б.э.и. үйэлэргэ) Кыргызтаҥҥа Иссык диэн сиргэ көстүбүттэрэ. — көр. Иссык суруга, Талас, Балыкчи о.д.а.).
Сурук хантан төрүттэммитэ чуолкай биллибэт. Элбэх бэлиэлэрэ тамгаалары кытта майгыннаһалларын көрөллөр. Сорох бэлиэлэр (буукубалара сытыы муннуктаахтара, сурук хайысхата, фонетиката) эргэ семитическэй суруктарга чугаһатар курдуктар: библосс уонна финикийэ суруктарыгар.
Бастаан, саҥа чинчиллэн эрдэҕинэ улахан итэҕэтиитэ суох да буоллар согдийскэй төгүрүк сурукка, эбэтэр оннооҕор кытай суругун фонетикатын бэлиэлэригэр чугаһаталлара.
Кэнники сорох чинчийээччилэр кхароштхи суругуттан тахсыбыт буолуон сөп дииллэр, эбэтэр ити икки сурук биир төрдүлээхтэр диэн буолар.
Монголлар кимэн киириилэрин кэмигэр (XIII үйэ) алфавит арабицаннан уонна атын түүр суруктарынан уларытыллыбыт.
Былыргы түүр бичигиттэн атын руна суруктар тахсаллар - холобур, болгар руналара, Хазар каганатын Саркел диэн сирин суруга, мадьаар руналара о.д.а.
Былыргы түүр суругун туһунан бастаан Петр I саҕана биллибитэ. Дьиҥнээх научнай чинчийии Алтынньы 25 күнүгэр Вильгельм Томсен аныгы дьонтон бастакыннан аахпыта. Бастакы ааҕыллыбыт тыл — Теҥри (Таҥара).
Тэнийиитэ
Былыргыттан хаалбыт көстүбүт суруктар Россия, Казахстан, Кыргызстан, Кытай уонна Монголия сирдэригэр бааллар.