Былчархай тиһигэ
Бу сирэйи <ыстатыйа аатын ый> кытта холбуурга. |
Былчархай тиһигэ диэн киһи организмын ис уорганнарын үлэтин былчархайдар таһаарар убаҕастарынан (гормон) салайар тиһигэ.
Былчархай тиһигэ киһи организма тастан дьайыыларга бэриммэт гына уорганнар үлэлэрэ бэйэтэ уларыйан иһэрин салайар уонна ис эйгэ туруктаах буоларын ситиһэр.
Былчархай тиһигэ икки көруҥҥэ арахсар: 1- гландулярнай диэн - ол аата организмҥа баар бары былчархайдар; 2- диффузнай диэн - ол аата киһи организмын этигэр ( быччыннарга, араас органнарга) баар былчархайдар клеткалара буолаллар, олор агландулярнай пептидтары - гормоннары оҥороллор.
Былчархай тиһигин функцията
Былчархай тиһигэр киһи организмын уорганнара уонна тиһиктэрэ сөптөөхтүк үлэлииллэрин салайар. Кини нервнай уонна иммуннай тиһиктэри кытта киһи организмын сайдыытын, улаатыытын, төрүүр-ууһуур функциятын, организмҥа оҥоһуллар энергия сөпкө туһанылларын салайар, киһи өйө-санаата сөпкө сайдарыгар көмөлөһөр.
Гландулярнай былчархай тиһигэ
Организмҥа баар улахан былчархайдар: эпифиз, гипофиз, щитовиднай уонна паращитовиднай диэн былчархайдар, куртах аннынааҕы улахан былчархай (поджелудочнай) островковай аппараата, бүөр үрдүнээҕи былчархай (надпочечник), тас уонна мэйии эттиктэрэ (корковое и мозговое вещество), эр киһи сымыыттара (яички), дьахтар яичниктара. Бу былчархайдар бары гландулярнай группаҕа киирсэллэр.
Былчархайдар үлэлэрин центральнай нервнай тиһик салайар, оттон былчархайдар таһаарбыт убаҕастара (гормоннар) төттөрүтүн центральнай нервнай тиһик сөпкө үлэлииригэр көмөлөһоллөр, ол эбэтэр центральнай нервнай тиһик уонна былчархай тиһигэ бэйэ-бэйэлэрин кытта ыкса сибээстээх үлэлииллэр. Организм бары былчархайдарын центральнай нервнай тиһиктэн гипофиз уонна гипоталамус гармоннара салайаллар уонна эбии автономнай эбэтэр вегетативнай нервнай тиһик нөҥүө тиэрдэллэр. Организмҥа баар былчархайдар бары бэйэлэрэ убаҕаһы (гормону) оҥорон таһаараллар, онтукалара хааҥҥа эбэтэр лимфаҕа киирэр. Бу гормоннар олоххо наадалаах химическай регулятордар буолаллар.
Гипоталамус уонна гипофиз
Гипоталамус уонна гипофиз диэн киһи мэйиитигэр баар былчархайдар олоххо саамай наадалааҕынан ааҕыллаллар. Гипоталамус бэйэтэ оҥорон таһаарар гормоннара: вазопрессин (антидиуретическай гормон АДГ), окситоцин, нейротензин уонна гипофиз секреторнай үлэтин күүһүрдэр эбэтэр намтатар биологически активнай эттиктэр: соматостатин, тиролиберин, люлиберин,гонадолиберин, кортиколиберин, соматолиберин бааллар. Бу эттиктэр бары бэйэ-бэйэлэрин кытта сибээстээхтэр.
Гипофиз ыйааһынынан 1 граммтан кыра гынан баран олоххо саамай наадалаах былчархай. Кини киһи төбөтүн уҥуоҕун основаниетыгар иһирдьэ сытар, мэйии гипоталямическай облаһын кытта атаҕынан силбэһэр. Гипофиз кыра гынан баран 3 сүһүөхтээх: 1-илиҥ былчархай эбэтэр аденогипофиз, 2-ортоку эбэтэр промежуточнай, 3- кэлин эбэтэр нейрогипофиз дэнэр. Гипофиз үлэтин аркестры салайар дирижеру кытта тэнниэххэ сөп. Дирижер ханнык инструмент хаһан онньууга кыттарын ыйан биэрэр, гипофиз үлэтэ эмиэ оннук суолталаах. Гипоталямус гормоннара (вазопрессин, окситоцин, нейротензин) гипофиз атаҕынан түһэн кэлиҥ сүһүөҕэр киирэр, онно мунньуллар уонна наадата кэллэҕинэ хааҥҥа кутуллар. Гипоталямус биологически активнай эттиктэрэ (гормоннара) гипофиз портальнай тиһигэр кутулланнар кини илиҥ сүһүөҕэр тиийэн гормон таһаарар активнаһын үрдэтэллэр эбэтэр намтаталлар. Онтон гипофиз гормоннара организмҥа тарҕанан тэйиччи сытар ис эйгэ былчархайдарын үлэлэтэллэр.
Гипофиз илиҥ сүһүөҕэр 6 саамай организмҥа наадалаах тропнай гормоннар оҥоһуллаллар:1- тиреотропнай (ТТГ), 2-адренокортикотропнай (АКТГ), 3- соматотропнай эбэтэр улаатар гормон (СТГ), 4-лактотропнай (пролактин) уонна 2 гонадотропнай гормоннар: фолликулостимулирующай (ФСГ), лютеинизирующай (ЛГ). Бу икки кэнники гормоннар төрүүр-ууһуур гормоннары салайаллар. Тиреотропин щитовиднай үлэтин түргэтэтэр эбэтэр бытаардар аналлаах, АКТГ надпочечниктар корковай эттиктэрин үлэтин салайар, СТГ организм уҥуохтара-сүһүөхтэрэ өҥүргэстэрэ, быччыҥнара сөпкө сайдан иһэллэрин хонтуруоллуур. Оннук хонтуруола суох уҥуох-сүһүөх, өҥүргэс аһары улаатан, халыҥаан акромегалия диэн ыарыыга тиэрдиэн сөп. Гипофиз гипоталамуһу кытта нейросекреторнай клеткаларга оҥоһуллар химическай эттиктэр нөҥүө ыкса сибээстээхтэр уонна мэйиини перифирическай, нервнай тиһиги, хаан эргиирин үлэлэрин сибээстиир звенота буолаллар.
Гипофиз кэлин сүһүөҕүн оруола: гипоталамуска оҥоһуллубут икки кылаабынай гормону АДГны уонна окситоцины мунньар-харайар уонна наадалара кэллэҕинэ таһаарар. Антидиуритическай гормон киһи организмыгар баар ууну регулировкалыыр, оттон окситоцин дьахтар төрүүр кэмигэр матка быччыҥнарын үлэтин салайар.
Щитовиднай былчархай
Щитовиднай былчархай ыйааһына 20-30 грамм, кини киһи сыҥааҕын аннынан моойго сытар. Щитовиднай былчархай икки сүһүөхтээх уонна кинилэри холбуур перешеек диэн сүһүөҕэ киһи тыынар күөмэйин (трахея) II-IV өҥүргэһигэр тирэнэн сытар. Былчархай икки сүһүөҕүн кэлиҥ өттүгэр иккилии кыра былчархайдар (околощитовидные) сыстан сыталлар. Щитовиднай былчархай тас өттүттэн тыл аннынааҕы уҥуохтан аллараа сытар моой быччаннарынан сабыллар. Былчархай бэйэтэ фасциальнай мөһөөччук иһигэр сытар. Ити мөһөөччүк тыынар күөмэйи (трахеяны) уонна куолайы (гортаньы) кытта силбэһэр, ол иһин щитовиднай былчархай ити уорганнары кытта тэҥҥэ хамсыыр. Былчархай иһигэр төгүрүк уонна овальнай хабахтар бааллар, ол хабахтар дьуоттаах белковай каллоид курдук эттиктэринэн туолбуттар. Ити хабахтар икки ардыларынан кинилэри холбоон тута сытар соединительная ткань диэн чараас эттик баар. Хабахтар иһинээҕи эпителийдара каллоиды оҥорон таһаараллар, олор щитовиднай былчархай оҥорон таһаарар гормоннара Т4 тироксин уонна Т3 трийодтиронин буолаллар.
Өссө биир кальцитонин диэн гормону щитовиднай былчархай хабахтарын аттынааҕы С-клеткалар оҥорон таһаараллар. Кальцитонин организмҥа кальций уонна фосфат саппааһын көрөр-истэр уонна остеокласт диэн клеткалар үөскүүллэрин бопсор. Остеокласстар ахсааннара аһары элбээтэҕинэ организм уҥуоҕун алдьатыахтарын-аҕыйатыахтарын сөп, ол иһин кальцитонин остеобластар үөскүүр усулуобуйаларын күүһүрдэн биэрэр. Онон кальцитонин көмөтүнэн саҥа уҥуох үүнүүтэ-сайдыыта тургээтиир. Оттон околощитовиднай былчархайдар таһаарар паратиреоидин диэн гормона төттөрүтүн кальцийы уҥуохтартан уонна оһоҕостортон таһааран хааҥҥа киллэрэр.
Паращитовиднай былчархай
Паращитовиднай былчархай хааҥҥа баар кальций үрдүүрүн-түһэрин салайар. Хааҥҥа баар кальций намтыырын билэн паращитовидный былчархай рецептордара хааҥҥа паратгормон кииллэрэллэр. Паратгормон салайыытынан остеокласстар уҥуохтан кальцийы ылан хааҥҥа кииллэрэллэр.рта
Куртах аннынааҕы (поджелудочнай) былчархай
Куртах аннынааҕы былчархай (поджелудочнай) селезенка уонна двенадцатиперстнай оһоҕос икки ардыгар сытар уһунунан 12-30 см тиийэр улахан былчархай. Поджелудочнай былчархай панкреатическай сок диэн ас буһарар убаҕаһы 12-перстнай оһоҕоско уонна хааҥҥа гормону кииллэрэр. Гормоннары оҥорор отдела Ларгерганс арыылара (островки) былчархай кутуругар баар. Киһиэхэ бу арыылар арааһанай көрүҥнээх клеткалартан тураллар уонна хас да көрүн полипептиднай гормоннары оҥорон таһаараллар:
- глюкагон-углеводнай обмены салайар инсулин утараһылааччыта, кинини альфа-клеткалар оҥорон таһаараллар;
- инсулин – углеводнай обмены салайар, хааҥҥа баар саахары түһэрэр;
- соматостатин- элбэх быччахай үлэтин аччатар, дельта-клеткалар оҥорон таһаараллар
- панкреотическай полипептиттар диэн РР-клеткалар таһаарар гормоннара поджелудочнай былчархай оҥорон таһаарар функциятын намтатар, ол оннугар желудочнай сок тахсыытын күүһүрдэр;
- грелин диэн киһи аччыктаабытын биллэлэр гормону Эппсилон-клеткалар оҥорон таһаараллар.
Надпочечниктар
Надпочечниктар – киһи бүөрун үөһэ өттүгэр кыра соҕус пирамидальнай быһыылаах эттиктэр бааллар. Кинилэр ис эйгэлэрэ тус-туспа состааптаах икки көрүҥҥэ арахсар: тас өттө корковай слой диэн былчархай 80-90% ылар, оттон ис өттө мозговое вещество диэн мэйии курдук састааптаах клеткалар тус-туһунан группа буолан кэтит венознай синустарынан төгүрүтүллэн сыталлар. Надпочечниктар корковай слойдарыгар минералокортикоидтар уонна гликокортикоидтар оҥоһуллан тахсаллар. Минералокортикоидтар (олор истэригэр саамай кылаабынайдара альдостирон диэн гормон) организм клеткаларыгар ионнай обмены салайаллар уонна электролитическай равновесиятын поддержкалыыллар. Оттон гликокортикоидтар (кортизол) организмҥа белок арахсыытын (распад белков) уонна углеводтар синтезтарын стимулируйдуур. Надпочечниктар мозговой эттиктэрэ адреналин диэн гормону оҥорон таһаарар, кини симпатическай нервнай тиһиги поддержкалыыр. Өссө адреналины “охсуһуу" эбэтэр "куотуу ” гормона дииллэр, тоҕо диэтэххэ кини киьиэхэ куттал суоһуур кэмигэр эмискэ тахсан кэлэр. Адреналин эмискэ хааҥҥа тахсан үрдүүр кэмигэр сүрэх тэбиитэ түргэтиир хаан сүүрэр сосуудтара кыарыыллар, быччыннарын күүрэллэр, зрачогун кэҥиир. Корковай эттик өссө эр киһи половой гормоннарын андрогены кыратык оҥорон таһаарар. Андрогеннар хааҥҥа аһары элбээтэхтэринэ кыргыттарга уол оҕо бэлиэлэр күүһүрэллэр. Надпочечник корковай слойа центральнай нервнай тиһигинэн, оттон мозговой эттиктэрэ переферическай нервнай тиһигинэн салайыналлар.
Половой былчархайдар ( гонада )
Половой былчархайдарга (гонада) эр киһи яичкалара дьахталлар яичниктара киирсэллэр. Кыра оҕолорго половой былчархайдар кыралаан үлэлииллэр, онтон саастара ситтэҕинэ андрогеннар уонна эстрогеннар хааҥҥа киирэн түргэнник үрдээн эр киһи уонна дьахтар буолар бэлиэлэрэ элбииллэр.
Эпифиз
Эпифиз (шишковидное тело). Шишковиднай эттик хас да гормональнай айылҕалаах убаҕастары оҥорон таһаарар: 1-серотонин, кини тахсаат да тута мелотониҥҥа кубулуйар; 2-антиганадотропин- гипофиз илиҥ өттүттэн тахсар лютропин үлэтин намтатар; 3- пениолоциттар атын белковай гормону оҥорон таһаараллар, ол гормон хааҥҥа калий саппааһын элбэтэр. Атын регуляторнай пептидтартан ордук наадалаахтарынан аргенин-вазотоцин, тиролиберин, люлиберин буолаллар.
Тимус
Тимус (вилочковай былчархай). Иммуннай тиһик, ол иһигэр вилочковай былчархай элбэх ахсааннаах гормоннары оҥорон таһаарар. Ол гормоннар икки көрүҥҥэ арахсаллар: 1-цитокиннар (лимфокиннар), 2-тимуснайдар (тимическайдар). Кинилэр тимопоэтин диэн гормону таһаараллар. Ол тимопоетиннар иммуннай тиһиккэ Т-клеткалар улаатыыларын, ситиилэрин, дифферинцировкаларын уонна сиппит клеткалар активнастарын салайаллар. Иммунокомпетентнай клеткалартан тахсар цитокиннар элбэхтэр: гаммаинтерфирон, интерлейкиннар, искэҥ некроһун фактора, гранулоцитарнай колониестимулирующай фактор, гранулоцитомакрофагальнай колониястимулирующай фактор, лейкемическай ингибиторнай фактор, онкостатин-М, стволовой клеткалар фактордара. Тимус сааһырдаҕына төттөрү соединительнотканнай эттик буолан сүтэр.
Диффузнай былчархай тиһигэ
Диффузнай былчархай тиһигэр клеткалар хомуллубакка ыһыллан сыталлар.
Быар былчархай сорох функцияларын толорор (соматомедин секрецията, инсулин курдук уһуур фактордар у.д.а.), бүөр (эритропоэтин, медулиннар секрецията у.д.а.), ис (гастрин секрецията), оһоҕос (вазоактивнай интестиальнай пептид секрецията у.д.а.), селезенка (спленин секрецията), у.д.а. Былчархай тиһигэ киһи иһигэр барытынан баар.
30 элбэх гормон булуллан суруллубут. Желудочно-кишечнай тракка баар клеткалар ити гормоннары хааҥҥа секрециялыыллар. Желудочно-кишечнай тракт былчархай клеткалара гастрины, гастриносвязывающай пептид, секретин, холецистокинин, соматостатин, вазоактивнай интестинальнай полипептид (ВИП), Р вещество, мотилин, галанин, глюкагон ген пептидтара (глицентин, оксинтомодулин, глюкагоноподобнай пептид), нейротензин, нейромедин N, пептид YY, панкреатическай полипептид, нейропептид Y, хромаграниннары (хромогранин А уонна киниэхэ киирсэр GAWK пептид уонна скретогранин II) оҥороллор.
Былчархай тиһигэ бэйэтин салайыыта
Былчархай тиһигэ бэйэтин салайыныыта отрицательнай уонна положительнай сибээс ситиминэн барар. Гормон былчархайтан тахсан ыйыллыбыт клеткаҕа тиийэн кини гормон таһаарар функциятын намтатар эбэтэр хам баттыыр, ол аата төттөрү отрицательнай сибээс диэн буолар. Оттон положительнай сибээскэ клетка оҥорон таһаарар функцията улаатар, күүһүрэр, ол гынан баран ити сибээс аҕыйахта буолааччы. Былчархай тиһигэ өссө нервнай уонна иммуннай тиһиктэринэн салайыллар.
Былчархай ыарыылара
Былчархай ыарыылара диэн организм былчархайдара кыайан үлэлээбэт буоллахтарына гиперфункция, гипофункция, дисфункция буолалларыттан ханнык ыарыы буолара тутулуктаах.
Апудома
Апудомы – диэн полипептиднай гормоннары таһаарар поджелудочнай былчархай островковай клеткалартан, ис-үөс атын отделларын клеткалартан, щитовиднай быччахай С-клеткалартан үөскүүр искэннэр. Бу искэннэр көрүннэриттэн 7 көрүн үөрэтиллибит:
- ВИПома;
- Гастринома;
- Глюкаконома,
- Карциноид,
- Нейротензинома,
- ППома,
- Соматостатинома.
ВИпома
ВИПома диэн злокачественнай искэҥ поджелудочнай былчархай островковай клеткалартан үөскүүр. Бу клеткалар вазоактивнай интестинальнай полипептиттары таһаараллар – ВИП диэн. ВИПома 1-6 см дылы улаатар уонна диагностикаланан булуллуор диэри 60% метостас биэрэр. Ол гынан баран ВИПома сэдэхтик көстөр искэҥ, холобур сылга 10 млн киһиэхэ 1 случай буолар.
Гастронома
Гастронома – бу искэҥ G-клеткалар гиперпалазия буоллахтарына поджелудочнай былчархайга, куртахха, 12-перстнай уонна синньигэс оһоҕосторго уонна лимфатическай узелларга үөскүүр. Бу искэҥ элбэх гастрины таһаарар гипергастриния буолар. Ол гастрин куртах париатальнай клеткаларын стимуляциялаан аһары элбэх солянай кислота уонна пепсин таһааттарар. Организм доруобай туругар G- клеткалар солянай кислота көмөтүнэн гастрин оҥоһуллуутун тохтотоллор, оттон гастрином диэн искэҥ G-клетка солянай кислота действиятыгар кыһамматтар. Онон куртахха, 12-перстнай уонна синньигэс оһоҕоско элбэх язвалар үөскүүллэр, олор искэҥ үөскүүрүгэр тиэрдэллэр. Аһылык кэнниттэн гастринома аһары элбэх гастрины таһаарар.
Глюкагонома
Глюкагонома диэн злокачественнай искэҥ. Поджелудочнай былчархай арыыларын альфа-клеткалартан үөскүүр. Бытааннык улаатар, быарга метастаз биэрэр.
Карциноид
Карциноид – куртахха оһоҕоско үөскүүр злокачественнай искэҥ.
ППома
ППома – поджелудочнай былчархай искэҥэ, панкреатическай полипептиды таһаарар. Быарга метастаз биэрдэҕинэ эрэ диагностанар.
Соматостатинома
Соматостатинома – бытааннык сайдар злокачественнай искэҥ, соматостатин үрдүүрүнэн биллэр сэдэх ыарыы. 40 млн киһиэхэ 1 случай буолар.