Боливиано

УРУБИИКИ диэн сиртэн ылыллыбыт
Боливиано
исп. Boliviano
10 сентаво → 5 боливиано
10 сентаво → 5 боливиано
ISO 4217 кода BOB
Туттааччы(лар) БоливияFlag of Bolivia (state).svg Боливия
Инфляция 4.3%
Source The World Factbook, 2009 est.
Subunit
1/100 сентаво
Бэлиэтэ Bs.[1] эбэтэр Bs[2]
сентаво Cvs.[1]
Манньыаттар Cvs. 10, 20, 50; Bs. 1, 2, 5[1]
Банкноталар Bs. 10, 20, 50, 100, 200[1]
Киин баан Banco Central de Bolivia
Уэбсайта www.bcb.gob.bo
100 боливиано, 1911 сыл

Боливиано — Боливия харчыта. 100 сентавоҕа тэҥнэһэр. Дойду харчытын эргииригэр 10, 20 уонна 50 сентаво, 1, 2, 5 боливиано манньыаттар, ону тэҥэ 5, 10, 20, 50, 100 уонна 200 боливиано банкноталар туһаныллаллар.

Бастакы боливиано (18641963)

Бастакы боливиано эргииргэ 1864 сыллаахха киирбитэ. Бу боливиано 100 сентесимоҕа тэҥнэһэрэ, кэлин, 1870 сылтан, сентаво диэн ааттаммыта. Валюта аата Симон Боливар чиэһигэр бэриллибитэ.

Ойуучааны оҥоруу сатаммата: Билэ көстүбэтэ
Ойуучааны оҥоруу сатаммата: Билэ көстүбэтэ
5 боливар (аверс, 1966 с.). 10 боливианоҕа Симон Боливар мэтириэтэ, 1928 с.

1940 сыллаахха боливиано песо боливиано валютанан солбуллубута: (ISO 4217: BOP), 1000 эргэ боливиано 1 саҥа песо боливианоҕа тэҥнэспитэ.

1928 сыллаахха Боливияҕа харчы реформата буолбута, харчылар 1:1 солбуллубуттара.













Иккис (саҥа) боливиано (19872011)

Гиперинфляция кэнниттэн 1987 сыллаахха 1 мөлүйүөн эргэ песо 1 саҥа боливианоннан солбуллубута. 1 саҥа боливиано = АХШ 1 долларыгар тэҥнэһэрэ.

Манньыаттар

1988 сыллаахха дьэбинирбэт ыстаалтан оҥоһуллубут саҥа манньыаттар — 2, 5, 10, 20 уонна 50 сентаво уонна 1 боливиано (1987 сыллаах таһаарыы) — эргииргэ киирбиттэрэ, ити кэнниттэн 1 боливиано (1987 с.), 2 боливиано (1991 с.). 1997 сыллаахха алтантан оҥоһуллубут 10 сентаво уонна би-металлтан 5 боливиано (2001 с.). 2 уонна 5 сентаволаах манньыаттар эргииртэн уһуллубуттара. 2 боливианолаах манньыат икки кээмэйдээх (улахан уонна кыра), иккиэннэрэ тэҥҥэ туһаныллаллар. Кыра кээмэйдээх 2 боливиано кэнниттэн ити курдук кээмэйдээх 1 боливианоны эргииргэ таһаараллара күүтүллэр.

Быһаарыылар

Өссө маны көр

Сигэлэр